Аҕаны кытта бииргэ оонньуубут. Ээйик сонуна

Маннык ааттаах өй оонньуута, Аҕаларга аналлаах күҥҥэ сиэттэрэн,  Ээйик оскуолатыгар ыытылынна.

Оонньууну киирии тылынан дириэктэри иитэр үлэҕэ солбуйааччыта Маргарита Петровна аан тылынан саҕалаата. Тыл этиигэ — Россия президенэ Владимир Владимирович Путин 2021 сыллаахха таһаарбыт уурааҕынан — Аҕа күнэ бэлиэтэнэрин иһитиннэрдэ, мустубут көрөөччүлэри уонна кыттааччылары эҕэрдэлээн туран махталын биллэрдэ.

Ол курдук, 6 аҕа уолаттарын кытта 2 хамаандаҕа арахсан ким чулуу өйдөөҕүн быһааран күөн күрэстэстилэр. Бастатан туран, хамаандалар аат уонна девиз толкуйданнылар.  Бастакы хамаанда “Оскуола” диэн ааттанан девиһин бу курдук дорҕоонноохтук билиһиннэрдэ  “Үөрэнэртэн сүрэҕэлдьээмэ – дьол тосхойуо”, иккис хамаанда  “Тыаллааҕар түргэн буол” диэн девизтэнэн “ Тыал” буолла.

Оонньуу сэттэ түһүмэхтэн турар: бастакы сорудах  “Крокодил” диэн ааттаах буолла; иккис сорудах — «Сапердар»; үһүс — болҕомтоҕо ананар  “Айымньылаах ыһыллыы”; төрдүс  — аныгылыы нейросеть бырагыраамматыттан ылыллыбыт  “Ханнык уруогуй?”; бэһис – тыас истэн ханнык инструменын быһаарыы; алтыс – “ Ким хараҕай?”  диэн биллиилээх худуоһунньуктар ойууларын таайыы; бүтэһик сэттис түһүмэх – тыллара миэстэлэрин уларыппыт текстээх ырыаны сөпкө таайыы.

Көрдөөх киирсиигэ “Тыал” икки очукуонан чорбойон, кыайыылаах таҕыста. Кыттааччылар бары санаалара көтөҕүллэн тарҕастылар.

Ыстатыйаны суруйда Майя Боекова, Ээйик орто оскуолатын 7 кылааһын үөрэнээччитэ

Хаартыскаҕа түһэрии Милена Иванова, Ээйик орто оскуолатын 7 кылааһын үөрэнээччитэ

Читайте дальше