Ааспыт нэдиэлэҕэ масыанньыктар Саха сирин 25 олохтооҕун албыннаатылар

Ааспыт нэдиэлэҕэ масыанньыктар Саха сирин 25 олохтооҕун албыннаатылар, уопсай суума 30,6 мөл солк. Саамай бөдөҥ суума 8,5 мөл солк. Ол туһунан от ыйын 15 күнүгэр борокуратуура иһитиннэрдэ.

Аферистар сиэртибэлэринэн алта үөрэх үлэһитэ, биэс үлэтэ суох, түөрт биэнсийэлээх, слесарь, кассир, медицина үлэһитэ, остуорас уонна атыттар.

8,5 мөл солкуобайы инвестицияҕа киирсиэн баҕарбыт киһи масыанньыктарга ыытта. Маннык түгэҥҥэ алта киһи киирэн биэрдэ, холбоон 13,6 мөл солк сүтэрдилэр.

Өрөспүүбүлүкэ олохтоохторун үксүгэр араас биэдэмистибэттэн эрийэбит диэн албынныыллар. Холобур, Центробанк, ФСБ, МВД, Госуслуга уонна Росфинмониторинг «эрийбитигэр», 15 киһи  16 мөл солк сүтэрдилэр.

«Кредит оҥоробут» диэн схеманан үс киһи 700 -чэ тыһыынча солк матта. «Получение бонусов» схеманан биир киһи 284 тыһыынчатыттан матта.

Источник: sakha.ysia.ru

Хаартыска: ЯСИА саайта

Читайте дальше