Байыаннай дьайыы кыттыылааҕа Филипп Христофоров юнармейскай хомууру ыытта

Өлөөн сэлиэнньэтинээҕи этнокультурнай кииҥҥэ — суһал байыаннай дьайыы кыттыылааҕа, Луганскай уонна Донецкай норуодунай Республикаларга дьаһалта бэрэстэбиитэлэ — Филипп Христофоров юнармейскай хомуурга кыттыыны ылла.

Өлөөн орто оскуолатын юнармеецтарын толору мустубут аактабай саалатыгар саамай эдэр дойдуну көмүскээччилэр кэккэлэригэр андаҕар этэн киирэр үөрүүлээх тэрээһин кыттыылаахтарын Филипп Христофоров итиитик-истиҥник эҕэрдэлээтэ уонна юнармеец буолбут дойдуну эдэр көмүскээччилэргэ «краповай» берети үөрүүлээхтик кэтэртэ.

Салгыы эдэр юнармеецтар бойобуой бэлэмнэнии упражнениетын көрдөрөннөр инники иһээччилэри сөхтөрдүлэр, краповай берети таах ылбатахтарын дакаастаатылар.

Бу үөрүүлээх түгэни туһанан полиция оройуоннааҕы отделын начальнига Меркурий Петрович Герасимов саастарынан Российскай Федерация гражданнара буолбут үөрэнээччилэргэ, эҕэрдэлээн туран, паспордары туттартаата.

Юнармейскай хомуур ийэ дойдуну айхаллыыр-уруйдуур байаннай-патриотическай ырыаларынан доҕуһуолланан түмүктэннэ.

сонуннарга Николай Стручков