Итиннник ааттаах дьаарбаҥка Ээйик орто оскуолатыгар буолан ааста. Бу атыы-тутуу дьаарбаҥкатыгар киирбит үп суһал байыаннай дьайыыга кыттыылаахтарыгар ананна.
Тэрээһин, улахан экранҥа Солоҕоон нэһилиэгиттэн байыаннай дьайыыга — Ийэ дойдубутугар куттал суоһаабатын туһугар бэйэлэрин кылааттарын киллэрэ — кытта сылдьар эдэр уолаттар хаартыскаларын көрдөрүүттэн саҕаланна.
Ээйик орто оскуолатын үрдүкү кылааһын уолаттара, дойдуну көсмүскээччи хас биирдии аатын этэн туран, байыастары билиһиннэрдилэр: туох идэлээхтэрин, Ээйик оскуолатын хас сыллаахха бүтэрбиттэрин, ханна үлэлии сылдьан суһал дьайыыга барбыттарын.
Ол курдук, Петров Николай Николаевич, Павлов Василий Николаевич, Егоров Федор Анатольевич, Егоров Кэскил Анатольевич, Оленов Эрэл Александрович, Николаев Илья Вадимович, Степанов Алексей Потапович (сэрии толоонугар геройдуу охтубута, 2 бойобуой мэтээллээх) ааттара ааттанан чиэстэннилэр.
Үөрэнээччилэр бу дьаарбаҥкаҕа кыттан, эйэлээх олох олохтоноругар кыра, сэмэй кылааппытын киллэрбиттэриттэн үөрүүлэрэ үгүс.
Кэпсээтэ Иванова Милена, Ээйик орто оскуолатын 7 кылааһын үөрэнээччитэ. (сал.Павлова М.П.)
Ааптар хаарыскаҕа түһэриитэ.