Улуу Кыайыы күнүн көрсө Мария Николаевна Акимова өрөгөйдөөх 90-сыллаах үбүлүөйүгэр анаммыт, кини сырдык аатын үйэтитэр «Чаҕылхай суолу хаалларбыт учуутал» диэн эдэр ыччаты, үөрэнээччилэри патриотическай тыыҥҥа иитиигэ сүрүн кылааты киллэрэр кылаас салайааччыларын Мария Николаевна Акимова аатынан бириэмийэни туттарыы сиэрэ-туома уонна Ыам ыйын 3 — 6 күннэригэр Улуу Кыайыы 79-сылыгар, Арассыыйаҕа Дьиэ кэргэн, Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Оҕо-аймах, Өлөөн оройуонугар эбэҥки сылларыгар анаммыт «Акимовскай ааҕыылар» Х оройуоннааҕы хоһоон ааҕааччылар күрэхтэрин уонна түмүктүүр дьоро киэһэтэ Мария Николаевна сөбүлээн истэр ырыатынан Сунтаар туһунан ырыа Ньургуйаана Игнатьева толоруутугар уонна Надежда, Алексей Николаевтар, Эльвира, Дмитрий Яковлевтар Өлөөн Дьиэ кэргэттэрэ үҥкүүннэн киэргэтэн бу сааскы кэрэ ахтыы киэһэтэ арылынна.

Экраҥҥа Маруся Акимова бииргэ үөрэммит үөлээннээхтэрэ Зинаида Ефимова, Мария Китаева, Александра Гуринова ахтан – санаан ааспыттара саамай долгутуулаах түгэн буолбута;

Саха Далбар Хотуна, Күн Күбэй ийэ, эйэҕэс эбээ, өр сылларга саха тылын уонна литературатын учуутала, Кэрэ эйгэ э уһуйааччы диэн үрдүк ааттаах Мария Николаевна Акимова ааспыт үйэ 60-с сылларын саҕаланыыта Дьокуускайдааҕы пединституту ситиһиилээхтик бүтэрэн, үлэтин Алдан куоратыгар, онтон ыраах Өлөөн орто оскуолатыгар уонна Саккырыыр орто оскуолаларыгар саха тылын учууталынан үлэлээбитэ.

60-нус сылларга Саккырыыр Орто оскуолатыгар үлэлиир сылларыгар, оройуоннааҕы фестивальга кыттарга бэлэмнэнэ сырыттахтарына, биир үтүө күн, сарсыныгар кэнсиэртиэхтээх күннэрин иннинэ, Мария Николаевна үөрэтэр 10 кылааһын үөрэнээччитэ Маша Самойлова:  «Мария Николаевна, мин мелодия айдым, эн хоһоон суруйаҕын дуо?» — ону Мария Николаевна мелодияны истэн баран биир түүн иһигэр «Табаһыт доҕорбор» диэн хоһоону суруйан, сарсыныгар кыыһа ыллыы туран тылын умнубут, Мария Николаевна Дьүүллүүр Сүбэҕэ тиийэн кыыһын көмүскүүрүгэр олох ылынымаары гыммыттарыгар, бу ырыа тылын уонна мелодиятын бэйэтэ айбыта – диэн көмүскээбитин түмүгэр Мария Самойлова фестиваль кыайыылаахтарын кэнсиэртэригэр кыттар чиэстэммитэ уонна күн бүгүҥҥэ диэри бу ырыа табаһыттар сүлүөттэрин Өрөгөй ырыата — Гимнэрэ буолан күн бүгүнүгэр диэри уостан түспэт ырыа буолан ылланара киһини үөрдэр.
1971 сыллаахха Мария Николаевна кэргэнин дойдутугар ыраах Өлөөҥҥө көһөн кэлбиттэрэ, кини учууталлыырын таһынан Оройуоннааҕы култуура дьиэтин иһинэн Үҥкүү-ырыа кэллэктиибэ төрүттэнэригэр төһүү
күүс буолбута. Ол кэмтэн ыла, Мария Николаевна олоҕун доҕоругар Саха АССР культуратын үтүөлээх үлэһитэ Прокопий Игнатьевич Семеновка, онтон кэлин улахан кыыһыгар, аҕатын туйаҕын хатаран култуура эйгэтин
талан айымньылаахтык үлэлии сылдьар, Культура оройуоннааҕы салаатын үйэ чиэппэрин тухары салайар, Саха республикатын культуратын үтүөлээх үлэһитэ Надежда Николаеваҕа күүс-көмө, үтүө сүбэһит буолбута.

1982 сыллаахха «Орончикан» эбэҥки национальнай ансамбль тэриллэригэр, репертуарын ис хоһоонун торумнааһыҥҥа, оҕолору кэрэ эйгэҕэ уһуйарга күүскэ үлэлэспитэ, ансамбль билигин «Российскай Федерация норуотун айымньытын үтуөлээх кэллэктиибэ» ааты сүгэр.

Ахтыы киэһэ түһүлгэтигэр Мария Николаевна бииргэ үлэлээбит коллегалара, кини суолун батыһан учуутал идэтин талбыт эдэр учууталлар, үөрэппит оҕолоро кэлэн умнуллубат сылларын ахтан-санаан аастылар. «Учууталлар учууталлара» Мария Николаевна кэрэ эйгэни эрэ буолбакка, Чөл олоҕу, спорду пропагандалаан, хас биирдии оҕону,
үөрэнээччини кытары тэҥҥэ сүүрэн, аптаах тылынан оҕо кыаҕын уһугуннаран, оҕо баҕатын, дьулуурун уһугуннарар ылыннарыылаах тыллаах учуутал, кылаас салайааччыта этэ.

Бу дьоро сааскы киэһэ Мария Николаевна Акимова 90 — сааһыгар анаммыт бириэмийэни оҕолоро, үөрэппит үөрэнээччилэрэ олоҕун анаабыт, күндү оскуолатын кылаас салайааччыларын наҕараадалыыр сиэртэн-туомтан саҕаланна:

  • «Кэрэ эйгэни тарҕатар кылаас салайааччыта» анал бириэмийэ туттарылынна Христофор Николаев аатынан Өлөөн Орто оскуолатын кэскиллээх кылаас салайааччытыгар Валентина Николаевна Готовцева-Соломоноваҕа, 10 000 харчынан бириэмийэни олохтоото Култуура оройуоннааҕы салаатын начальнига Надежда Николаева;
  • «Чөл олоҕу, спорду пропагандалааччы кылаас салайааччыта»
    анал бириэмийэ туттарылынна Христофор Николаев аатынан Өлөөн Орто оскуолатын кылаас салайааччытыгар Наталья Геннадьевна Амбросьеваҕа, 10 000 солкуобай харчынан бириэмийэни олохтоотулар Өлөөн Орто оскуолатын 1982 сыллааҕы выпускниктара уонна музыкальнай эҕэрдэни тиэртэ ыраах Кэбээйи улууһуттан, Өлөөн орто оскуолатын 1982 сыллааҕы выпуск аатыттан Саргылана Игнатьева-Мухоплева.

Өлөөн орто оскуолатын 1982 сыллааҕы выпускниктара уонна аан-бастаан «Орончикан» ансамбль төрүттэнэригэр бастакы хардыыны оҥорбут Мария Николаевна тапталлаах кылааһыгар Барҕа Баһыыба, Нөрүөн-нөргүй буолуохтун!

  • Мария Николаевна хас биирдии үөрэппит оҕотун дьылҕатыгар хайаан да күүс-көмө, өйөбүл буолара, ыарахан түбэлтэҕэ түбэспит оҕоҕо дурда-хахха, ийэтэ суох оҕолорго сылаас ийэлии сыһыаннаһара.

«Оҕону өйдүүр, өйүүр, ийэлии сыһыаннаах кылаас
салайааччы»
бириэмийэ Өлөөн орто оскуолатын историяҕа учуутала Зоя Васильевна Михайловаҕа 10 000 солкуобай харчынан бириэмийэни олохтоото Мария Николаевна сиэнэ Айсена Николаева.

  • «Наставник – Аҕа сүбэһит» анал бириэмийэ туттарылынна Өлөөннөөҕү начальнай оскуола учууталыгар Татьяна Николаевна Федотоваҕа, бириэмийэни олохтоото Үөрэх оройуоннааҕы салаатын салайааччыта Мария Христофоровна Иванова;
  • «Кэрэ эйгэни тарҕатааччы Өлөөн Кийиитэ» анал бириэмийэни туттарда Татьяна Николаевна Готовцеваҕа 10 000 харчынан бириэмийэни олохтообут Мария Николаевна күтүөтэ, Саха өрөспүүбүлүкэтин култууратын туйгуна Алексей Николаев;

«Чаҕылхай суолу хаалларбыт учуутал» диэн дьоро киэһэ иккис түһүмэҕэ Х оройуоннааҕы «Акимовскай ааҕыылар» хоһоон ааҕааччылар күрэхтэрин кыайыылаахтарын наҕараадалыыр сиэринэн-туомунан салҕаммыта.

Улуу Кыайыы 79 сылыгар, Арассыыйаҕа Дьиэ кэргэн, Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Оҕо аймах, Өлөөн оройуонугар Эбэҥки сылларыгар анаммыт «Акимовскай ааҕыылар» Х оройуоннааҕы хоһоон ааҕааччылар күрэхтэрин түмүгэ маннык таҕыста:

  • Кылаан кыайыылаах I үрдэлэ үрдүк аат иҥэрилиннэ Дьэлиҥдэ
    нэһилиэгиттэн Владимир, Алиса Евстафьевтар эдэр дьиэ кэргэттэригэр, 10 000 харчынан бириэмийэни олохтоото Мария Николаевна улахан кыыһа Надежда Прокопьевна Николаева дьиэ кэргэнэ.

Күрэххэ бэлэмнээтэ «Аарык» Этнокультурнай Киин уус-уран салайааччыта Сандаара Протопопова;

  • Кыайыылаах II үрдэлэ үрдүк аат иҥэрилиннэ Николай, Ия Оленевтарга дьиэ кэргэттэрэ – Солоҕон нэһилиэгэ, 8000 солкуобай, харчынан бириэмийэни олохтоото Мария Николаевна уола Станислав Семенов дьиэ кэргэнэ.

Күрэххэ бэлэмнээтэ «Сандал» Этнокультурнай Киин уус-уран салайааччыта Людмила Заболоцкая;

  • Кыайыылаах III үрдэлэ аат иҥэрилиннэ Степан, Евдокия Корякиннар дьиэ кэргэттэригэр — Кирбэй нэһилиэгэ, 5000 солкуобай харчынан бириэмийэни олохтоото Мария Николаевна орто кыыһа Валентина Прокопьевна Семенова дьиэ кэргэнэ.

Күрэххэ бэлэмнээтэ «Илкээнньи» Этнокультурнай Киин уус-уран салайааччыта Мария Иванова;

Түмүккэ, Өлөөн нэһилиэгин «Илкит» Этнокультурнай Киин үлэһиттэрэ түөлбэлэрин Дьиэ кэргэттэрин  «Акимовскай ааҕыыларга» кытыннарбатахтара хомолтолоох.

Бу курдук үтүө киһи аатын үйэтитэн ис сүрэхтэн тахсар эҕэрдэ тыл бастыҥын анаан, оҕолоро, уһуйбут үөрэнээччилэрэ анал бириистэри туруоран онус төгүлүн ыытыллар «Акимовскай ааҕыылар” күрэс суолтатын үрдэтэн, саҥалыы тыыннаан биэрдилэр.

Мындыр сүбэлэринэн, үтүө алгыстарынан сабыдыаллаабыт дьоммутугар ытыктабыл, сүгүрүйүү бэлиэтэ күн-дьыл аастаҕын ахсын ордук күндүтүйэн, кэрэтийэн иһэр. Оройуон культурата сайдарыгар, айар тэрээһиннэри ыытыыга, кэрэ эйгэҕэ угуйууга биир умнуллубат суолу-ииһи хаалларбыт киһинэн Өлөөн дьоно ытыктыыр киһибит, педагог уонна уһуйааччы, Өлөөн Орто оскуолатыгар өр сылларга айымньылаахтык, таһаарыылаахтык үлэлээбит бэтэрээн учуутал , РСФСР үөрэҕириитин туйгуна, «Учууталлар учууталлара», Аан дойдутааҕы «Азия оҕолоро фонда стипендиата» Мария Николаевна Акимова 90- сааһыгар анаммыт дьоро сааскы киэһэни тэрийиигэ кыттыспыт, тэрийсибит үтүө-мааны дьоммутугар Барҕа Баһыыба тылларын аныыбыт.

Бу тэрээһин Оҕону Кэрэ Эйгэҕэ уһуйуллалларыгар дьулуурдаахтык, таһаарыылаахтык үлэлиир, эдэр көлүөнэ ыччаты үөрэхтээһиҥҥэ сүҥкэн кылааттарын киллэрэр, учууталларбыт ааттара сырдык сулустуу күлүмнээн дьоһуннаах олохторун, чаҕылхай суоллара-иистэрэ, үтүө ааттара үйэ-саас тухары умнуллубакка, көлүөнэттэн көлүөнэҕэ ааттана, ахтылла туруоҕа диэн эрэнэбит.

Вера Ларионова — Өлөөннөөҕү Культура салаатын, информационнай-методическай киинин үлэһитэ

хаартыска Илкит сайдыттан

     

Читайте дальше