Дьэлиҥдэ таба иитэр хаһаайыстыба үс биригээдэлэригэр вертолет былааннаах көтүүтэ тэриллэн ыытыллан, табаһыттарга эбии үлэһит күүс, бородуукта таһаарылынна.
«Дьэлиҥдэ» таба иитэр хаһаайыстыба дириэктэрэ Иванов Егор Васильевич «Сардаҥа» хаһыат редакциятыгар биллэрбитинэн, МИ-8 вертолет бу сырыытынан Өлөөн сэлиэнньэтиттэн Дьэлиҥдэҕэ нэһилиэнньэ сайыҥҥы өттүгэр иитэригэр анаан 153 төбө куруусса тиэрдибит.
Салгыы, МИ-8 вертолет Уудьакааҥҥа олохтоох 1-кы №-дээх таба иитэр биригээдэҕэ (биригэдьиир Карпов Я.Н.) оскуола оҕотун, бородуукта, Таба Бастаах учаастагар олохтоох 5-с №-дээх таба иитэр биригээдэҕэ (биригэдьиир Семенов Г.А.) бородуукта тиэрдибит.
Ол кэннэ, Саскылаахха заправкаланан баран, вертолет Тоҕойго олохтоох 4-с №-дээх таба иитэр биригээдэҕэ (биригэдьиир Павлов И.А.) тиийэн үлэһит күүһү, бородууктаны хаалларбыт уонна уоппускаҕа сынньана киирэр үлэһиттэри ылан Дьэлиҥдэҕэ кэлэн үлэтин түмүктээбит.
Бу сылга сайыҥҥы бириэмэҕэ салгын температурата намыһах буолан, дьиэ табатын туруга билиҥҥи кэмҥэ үчүгэй эбит.