Дьиэ табатын иитии туруга хайдаҕый?

Саха Өрөспүүбүлүкэтин тыатын хаһаайыстыбатын Министиэристибэтин бу дьыл тоҕус ыйын түмүгүнэн дьиэ табатын иитиитин түмпүт сибидиэнньэтинэн иитиллэн турар дьиэ табатын ахсаана 184,9 тыһ. табаҕа тиийбит, ол иһигэр төрүүр таба ахсаана 82,1 тыһ. буолбут. Ааспыт 2022 сыл туһааннаах кэмигэр дьиэ табатын уопсай ахсаана 178,8 тыһ. эбит, ол эбэтэр сыл устата уопсай таба ахсаана 6,7 тыһ. төбөнөн улаатара хааччыллыбыт.

Дьиэ табатын иитии хаачыстыбаннай көрдөрүүлэрин ылан көрөр буоллахха, 2023 сыл тоҕус ыйын түмүгүнэн улахан табаны тыыннаахтыы иитиини 86,9% тиэрдиллибит, ааспыт 2022 сыл туһааннаах кэмигэр 89,7% эбит, ол эбэтэр таба туһата суох өлүүтэ бу сылга 3,2%-нан үрдээбит.

Бу дьыл тоҕус ыйын түмүгүнэн тохсунньутааҕы сүүс ийэ табаттан тыыннаах тугуту ылыы 49,4% тэҥнэспит. Бу көрдөрүү ааспыт 2022 сыл туһааннаах кэмигэр 54,2% эбит, ол эбэтэр тыыннаах тугуту иитии бырыһыана 4,8%-нан намыһах көрдөрүүлэммит.

2023 сыл тоҕус ыйын түмүгүнэн дьиэ табатын ахсаан өттүнэн үүннэриигэ үчүгэй үлэлээх таба иитэр хаһаайыстыбаларынан буоллулар: Анаабыр долган-эбэҥки оройуонун табаһыттара таба уопсай ахсаанын 24,2 тыһ. табаҕа тиэрдэн; Уус-Дьааҥы оройуонун табаһыттара таба уопсай ахсаанын 34,1 тыһ. табаҕа тиэрдэн; Аллараа Халыма табаһыттара таба уопсай ахсаанын 14,0 тыһ. табаҕа диэри үүннэрэн.

Харыйалаах тыалаах зонаҕа дьиэ табатын ахсаан өттүнэн үүннэриигэ балайда үчүгэй көрдөрүүнү ситистилэр Эбээн-Бытантай национальнай оройуон табаһыттара таба уопсай ахсаанын 14,4 тыһ. табаҕа диэри үүннэрэн.

Өлөөн эбэҥки национальнай оройуон табаһыттара 2023 сыл тоҕус ыйын түмүгүнэн уопсай таба ахсаанын 6894 табаҕа тиэртилэр, ол иһигэр ийэ таба ахсаанын 2884 табаҕа. Ааспыт 2022 сыл туһааннаах кэмигэр 6850 табалаах, ол иһигэр ийэ табатын ахсаана 2828 таба эбит.

Дьиэ табатын сыл устата ахсаан өттүнэн үүнүүтэ 44 таба, ол иһигэр ийэ таба ахсаана 56 төбөнөн үүнүүтэ хааччыллыбыт.

Оройуон үрдүнэн дьиэ табата ахсаан өттүнэн үүнүүтэ үрдүк буолуохтааҕын «Өлөөн» муниципальнай таба иитэр хаһаайыстыба 2 №-дээх таба иитэр биригээдэтигэр табаҕа «бронхопневмония» ыарыы туран 184 таба өлүүтэ таһаарылынна. Билиҥҥи кэмҥэ бу ыарыы тохтотуллан, иитиллэн турар табаҕа барытыгар прививканы биэрии боппуруоһун  өрөспүүбүлүкэ ветеринарнай Департамена быһаарыан наада.

Оройуон экэниэмикэтин сүрүн салаатын дьиэ табатын иитии туруга 2023 сыл 9 ыйын түмүгүнэн хайдаҕый?

Өлөөн муниципальнай таба иитэр хаһаайыстыба (дириэктэр Егоров А.П.) бу күннээҕи туругунан 4 толору састааптаах таба иитэр производственнай биригээдэлэригэр 5088 таба иитиллэн турар, ол иһигэр төрүөх биэрэр ийэ табата 2188. Ааспыт 2022 сыл туһааннаах кэмигэр «Өлөөн» МУТ 4655 табалаах, ол иһигэр 2007 ийэ табалаах тахсыбыта. Таба иитэр хаһаайыстыба дьиэ табата ахсаан өттүнэн үүнүүтүн 433 төбөнөн үүнүүтүн, ол иһигэр ийэ таба ахсаанын 181 табанан үрдэппит.

Күһүҥҥү харааллааһын түмүгүнэн «Өлөөн» МУТ 1 №-дээх таба иитэр биригээдэтин кэлэктиибэ (биригэдьиир Степанов Х.В.) таба уопсай ахсаанын 1111 төбөҕө, ол иһигэр ийэ таба ахсаанын 454 табаҕа таһаарда. Ааспыт 2022 сыл туһааннаах кэмигэр таба иитэр биригээдэ 860 табалаах, ол иһигэр ийэ табата 344 эбит. Сыл устата биригээдэ кэлэктиибэ таба уопсай ахсаанын 251 табанан, ол иһигэр ийэ табатын ахсаана 110 табанан үүммүтүн ситиспит.

«Өлөөн» МУТ 2 №-дээх таба иитэр биригээдэтин кэлэктиибэ (биригэдьиир Андреев Д.Х.) күһүҥҥү ааҕыы түмүгүнэн дьиэ табатын ахсаанын 1197 табаҕа, ол иһигэр төрүөх биэрэр ийэ табата 520 төбө. Ааспыт 2022 сыл туһааннаах кэмигэр 1115 табалаах, ол иһигэр төрүөх биэрэр ийэ табата 494 төбө. Биригээдэ кэлэктиибэ төһө да ыстаада үөрүгэр «бронхопневмония» ыарыы турбутун үрдүнэн ыарыыны тохтотууга тэрээһиннээх үлэни көрдөрөн, таба сүрүн үөрүн харыстаан хаалларыыны хааччыйдылар. Ол түмүгэр дьиэ табатын ахсаан өттүнэн үүнүүтүн 82 табанан элбээтиннэрдилэр, ол иһигэр ийэ таба ахсаанын 26 табанан үрдэттилэр.

Күһүҥҥү харааллааһын түмүгүнэн «Өлөөн» МУТ 3 №-дээх таба иитэр биригээдэтин кэлэктиибэ (биригэдьиир э.т. Семенов Р.Л.) 1285 табалаах, ол иһигэр ийэ табатын ахсаанын 567 табаҕа таһаарда. Ааспыт 2022 сыл туһааннаах кэмигэр 1275 табалаах, ол иһигэр төрүөх биэрэр ийэ табата 544 эбит. Производственнай сыл устата уопсай биригээдэ табатын ахсаана 10 эрэ табанан үүммүт, ол иһигэр төрүөх биэрэр ийэ таба ахсаана 23 төбөнөн эбиллибит.

Күһүҥҥү харааллааһын түмүгүнэн 5 №-дээх таба иитэр биригээдэ кэлэктиибэ (биригэдьиир Топоров В.С.) 1493 табалаах буолара ситиһиллибит, ол иһигэр төрүөх биэрэр ийэ таба ахсаана 647 төбө. Ааспыт 2022 сыл туһааннаах кэмигэр биригээдэ кэлэктиибэ 1234 табалаах, ол иһигэр төрүөх биэрэр ийэ табата 546 эбит.

Биригээдэ кэлэктиибэ производственнай сыл устата дьиэ табатын 259 табанан үүннэрбит, ол иһигэр төрүөх биэрэр ийэ таба ахсаанын 101 төбөнөн үүннэрэри хааччыйбыт.

«Дьэлиҥдэ» МУТ (дириэктэр Иванов Е.В.) үс толору састааба суох таба иитэр биригээдэлэригэр 2023 сыл 9 ыйын түмүгүнэн 1808 таба иитиллэн турар, ол иһигэр 696 төрүөх биэрэр ийэ таба. Ааспыт 2022 сыл туһааннаах кэмигэр бу хаһаайыстыбаҕа дьиэ табатын уопсай ахсаана 1774 табалаах этэ, ол иһигэр 686 төбө төрүөх биэрэр ийэ табалаах эбит. Производственнай сыл устата дьиэ табатын ахсаан өттүнэн үүнүүтэ 34 төбөнөн эбиллибит, ол иһигэр төрүөх биэрэр ийэ таба 10 эрэ төбөнөн эбиллибит.

Биһиги санаабытыгар «Дьэлиҥдэ» таба иитэр хаһаайыстыбаҕа таба улахан сыала суох ороскуота дьиэ табатын бөрө тардыытыттан уонна ыарыыттан таһаарыллар буолла. Аҥардас 2023 сыл 9 ыйын түмүгүнэн «Дьэлиҥдэ» таба иитэр хаһаайыстыбаҕа бөрө тардыытыттан 119 төбө суох буолбут. «Дьэлиҥдэ» национальнай нэһилиэгин муниципальнай бэйэни салайыныы дьаһалтатын баһылыга Егоров А.П.) бөрөнү утары охсуһууга эбии дьаһаллары олохтууругар бириэмэ ирдэбилэ буолбут.

Николай Стручков

Читайте дальше