Мин оҕо эрдэхпинэ дьоммун кытта элбэх көтөр, сүүрэр, балык да үөскүүр сирдэринэн сырыттаҕым. Үөһээ, аллараа туомбаларынан аҕам бултаан көһө сылдьыбыппыт, Кирбэйтэн хайаларын төбөлөрө көстөллөр, үрдүк сирдэр.  үрэхтэрин бастарынан бардахха чугас сир. Бултаах сир буолан аҕам кадровай булчутунан аатырбыт сирэ, холкуос саҕана дьоммут ити диэки элбэхтик тиийэн бултаналлара. Бу дойдуттан барыахтарыгар диэри ийэбинээн Алакит туһунан харахтара уоттаныар диэри, бултарын- астарын ахтар буолаллара. Урукку дьоммутун Өлөөн эбэбит иитэн- аһатан, харыстаан кэлбитэ, билигин да Эбэбит биһиэхэ күндү баайбыт, ытыктыыр, сүгүрүйэр улуу өрүспүт. Былыргыттан баччаҕа диэри ааттаһан-көрдөһөн, сүр ылан, ыраас уутунан суунан-тараанан, сирин аһынан аһаан ыарыыга ылларбакка, аччыктаабакка эбэҥки норуота эстибэккэ-быстыбакка кэлбитэ.

Мин үлэ-хамнас туһунан туһааннаах тэрилтэлэргэ киирэн чуолкайдаһар идэлээхпин, өссө күһүн тыаҕа сылдьар буоламмын ытык харыстанар сирдэрбит туох хайдах туруктаахтарын ыйыталааччыбын.

2000 Сыллаахха Оройуон депутаттара, общественниктары кытта Өлөөн өрүспүт өрө  түөрт сүүс км сиргэ биһиги бастакы президеммит Михаил Ефимович Николаев ыйааҕынан  Алакиты “Особо охраняемая природная территория республиканского значения” диэн тэрийбиттэрэ. Алакит бэйэтин иһигэр икки зоналаах, бастакы зоната  “Зона традиционного природопользования”, онно көҥүл ылан баран айаххар эрэ сииргин бултуохха, балыктыахха сөп, атыыламмаккын.

Иккиһэ “Зона абсолютного покоя”, онно туох да үлэ ыытыллара сокуонунан көҥүллэммэт. Бу икки сыл ынараа өттүгэр айылҕа харыстабылын үлэһиттэрэ ученайдары аҕалан Алакит “Зона абсолютного покоя” сирин үөрэттэриини саҕалаабыттар, үөрэтиини ыыппыт, чинчийбит ученай Гоголева Прасковья Алексеевна Өлөөнү ураты сир диэн өссө төгүл  сөҕөн махтайан кэлбит, кини манна урут  кэлэ сылдьыбыта. Прасковья Алексеевна наукаҕа элбэх сүдү үлэлэрдээх улахан биллэр учуонай. Бастакы форумҥа -“Олох дойдугутун харыстааҥ, наицональнай парк оҥоруҥ” диэбитэ. Бу үөрэтиини Спиридон Соломонов көҕүлээбит, ону улуус баһылыга өйөөбүт. Өссө улахан үөрэтии буолуохтааҕа улууска үп-харчы кырыымчыгынан икки сылга тохтообут.

Тохсунньу ый 25 күнүгэр ученайдар кэлэн биһиги санаабытын истиэхтэрэ, өссө 2020 сыллаахха Алакииты кус –хаас тохтообот, уу туруга кирдээх, балык суоҕун курдук түмүк оҥорбуттар, ол түмүктэрэ баар. Дьэ, ол дьон кэлэн баар- суох тыытыллыа суохтаах сирбитин, 4 үрэхтэрбитин Алакиит, Үөһээ, Аллараа Туомбалары, Яролиммыт салааларын харыстанар сыалларын тосту уларытар сыаллаахтар-соруктаахтар. Ол зона сокуонунан харыстанар көмүскэлин уларыттахтарына хайа баҕарар бырамыысалыннаска сыһыаннаах тэрилтэлэр, хампаанньалар үлэлээн киирэн бардахтарына устунан сирбит баайын харса-хабыра суох хостоон киирэн барыахтара диэн дьаарханан, дьулайан олоробун.

Биһиги Алакииппыт Өлөөн эбэбит, барыбытын аһатан –сиэтэн “Зона абсолютного резервата” көмүскээн турар сокуоммут суураллар туруктанар. Ол уларыйда да бүтэбит, иэдээн-алдьархай аана онно сытарын бары өйдүөх тустаахпыт. Бу үрэхтэрбит Өлөөн баһын саҕаланар тутаах ууну киллэрэр үрэхтэр буолалларын билэбит. Олохпут-дьаһахпыт, доруобуйабыт тутуллан турар сирбитигэр-уоппутугар үлэ барда да хас да үйэ тухары чөлүгэр түспэт айылҕа сатаан оһоруммат процесстара барыахтара. Итинник саныыр киһи элбэх. Тыаҕа айылҕаны кытта алтыһа сылдьар  булчуттар, кыылдьыттар, табаһыттар, бу айылҕа оҕолоро, айылҕалыын ситимнэрэ улахан, тыаҕа сылдьар киһи быһыытынан кинилэр да кэтээн көрөллөрүн сэһэргэһэ олорон өрүү истэбин. Бу дьон кэргэттэрэ, төһө да дьиэҕэ олордоллор тыаттан эт, балык кэлэрин, ол симэлийбэтин туһугар ис санааларынан ыалдьаллар. Өлөөн эбэбит өрө өттүттэн, баһыттан киртийэн, кэхтэн бардаҕына оройуоҥҥа кэлэр харчы да туһалыа, быыһыа суоҕа, киирбит харчы бүтүөҕэ, онтон сирбит тыытыллыбатаҕына үйэ тухары туруоҕа. Оннук элбэх холобур баар Сахабыт сиригэр, Бүлүүгэ, Чернышевскайга, Даалдын үрэх Удачнай аттыгар кирдээх уу тохтуулара хайдахтаах хоромньуну аҕалбыттарын хаһыаттан ааҕан билэбин, кэтээн көрөбүн. Ханна да иһиттэххэ айылҕа бэйэтэ буруйдаах, Даалдын бэйэтэ кирдээх диэн, эппиэттэрэ бэлэм. Айылҕа барахсаны саҥарбат эрэ диэн куруук иитэн олорор айылҕабытын буруйдууллар, ити улахан аньыы. Саамай абарарым, хомойорум ити баар.

Буолаары турар истиигэ модьуйсар сыаллаах кэпсэтиини, этиилэри таһааран Өлөөммүт уу ылар хорук тымырын Алакииппытын “Зона абсолютного покоя , резервата” сир буоларын уларыттарбат санаалаах мустаммыт тохсунньу 25 күнүгэр хомуллан , өйү-санааны уһугуннаран туруулаһар Ийэ айылҕабытыгар ытык иэстээх күммүт буоларын көрдөрүөххэ, диэн олоҕу олорон кэлбит киһи буоларым быһыытынан бар дьоммун ыҥырабын. Алакиит иэнинэн сүрдээх киэҥ территорияны ылар, картаҕа көстөрө да оннук. Бэйэбит харчыбытынан-үппүтүнэн биһиэхэ сөптөөх учуонайдары ыҥыран туран өссө үчүгэйдик төрдүттэн үөрэттэриэххэ, чахчы , чиэһинэй түмүктээх чинчийиини ыыттарыахха наада.

Убаастабыллаах бар дьонум, бииргэ үөскээбит үөлээннээхтэрим мин санааларбын, ыҥырыыбын өйүүргүтүгэр бигэ эрэллээхпин. Бары көс норуот оҕолоробут, оҕолорбут, сиэннэрбит кэнэҕэскитин сылдьыахтара, дьиэ-уот туттан бултуохтара, айахтарын ииттэр ытык сирдэрэ буолуоҕа. Бары киин сирдэргэ көһөн барыахтара суоҕа.Син биир хааннара тыаҕа тардыһар, бултка-алтка баҕалаах, ас-таҥас тыаттан көстөрүн, дьол диэн тыаҕа баарын билэр ыччат-дьон элбэх. Өбүгэлэрин сирдэрин-уоттарын диэки тиийэ сылдьар эдэрдэр баалларыттан үөрэбин. Бэйэбит дьоммут хаһан да тыаны киртитэ, ыһа-тоҕо сылдьыбаттар, сүрдээҕин сиэри-туому тутуһаллар. Удьуор уустарынан тыаҕа даача туттан сайылыыр идэлээхтэр, мин билэрбинэн кыра оҕолун илдьэ элбэх ыал сылдьаллар. Онон, этиэхпин баҕарабын биһиги бэйэбит төрүт сирбитигэр хаһаайынныы сыһыаммытын, төрөөбүт дойдубутугар, хас биирдии маспыт лабаатыгар тапталбытын көрдөрүөхпүтүн наада. Өлөөммүт өрө өттүн тыыттарымыаххайыҥ, көмүскүөххэйиҥ, айылҕабыт ааттаһар саҥатын истиэххэйиҥ, иэдээни оҥостумуоххайыҥ, санааҕытын этиҥ, суруйуҥ диэн ыҥырабын!

Ольга Потаповна Васильева, Кирбэй нэһилиэгин олохтооҕо, 2000- 2005 сс Кирбэй нэһилиэгин баһылыга, үлэ ветерана.

Читайте дальше