Саха Өрөспүүбүлүкэтин эбэҥкилэрин материальнай уонна духуобунай култуураларын сайыннарыыга уонна харыстаан хаалларыыга улахан үтүөлээх, Российскай Федерация уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтин худуоһунньуктарын Союһун чилиэнэ, норуот маастара, Саха Өрөспүүбүлүкэтин култууратын үтүөлээх үлэһитэ Христина Афанасьевна Бенчик Өлөөн эбэҥки национальнай оройуонугар эбэҥки тылын сылыгар кини 95 сааһын бэлиэтээһин ыытылларын сөптөөҕүнэн ааҕаммын, санаа атастаһарга соруннум.
Ханнык баҕарар норуот инники сайдыытын хааччыйарга инники олоҕу сайыннаран үлэлээн-хамсаан, айан-тутан барбыт өбүгэлэрбит үтүө үгэстэригэр үөрэнэр, кинилэр олорон ааспыт үлэлэрин, олохторун сыаналыыр, билэр буоллахпытына сайдыы суолун булабыт.
2023 сылга Өлөөн эбэҥки национальнай оройуонугар эбэҥки тылын сыла ыытылларынан сибээстээн, инники сылларга оройуон экономиката уонна култуурата сайдарыгар уһулуччу бэриниилээх үлэни хааччыйбыт оройуон олохтоохторун үлэлэрин-хамнастарын бэлиэтээн дьон билиитигэр таһаарыы саҕаланна.
Христина Афанасьевна 1928 сыл тохсунньу ыйын 7 күнүгэр олохтоох көс эбэҥки ыалыгар күн сирин көрбүтэ. Сэбиэт былааһын үтүөтүнэн-өҥөтүнэн билии-көрүү дойдутугар — оскуолаҕа үөрэнэн, сэттис кылаас кэнниттэн «Чкалов» колхуоска табаһытынан үлэтин саҕалаабыта. Кини тыа хаһаайыстыбатын араас үлэлэригэр барыта 38 сыл үлэлээн, үлэ ыарахаттарын да, ситиһии өрөгөйүн да өрө тутан, бар дьонун иннигэр үлэһит бастыҥа буолан уоттаах сэрии сылларыгар охсуулаах үлэтин иһин И.В.Сталин төбөлөөх мэтээлинэн наҕараадаламмыта. Билиигэ-көрүүгэ тардыһар, үлэтигэр үрдүк эппиэтинэстээх эдэр үлэһити оройуон салалтата 1969 сыллаахха Сухаана сельскэй сэбиэтин бэрэссэдээтэлинэн олус эппиэттээх үлэтигэр анаан үлэлэтэр. Салгыы Сухаана уонна Кирбэй нэһилиэктэрэ холбоһууларынан сибээстээн, Христина Афанасьевнаны оччотооҕу оройуон салалтата бөдөҥсүйбүт Кирбэй сельскэй сэбиэтин бэрэссэдээтэлинэн быыбардатан, 1973 сылга диэри үлэлэтэллэр. Кини Сэбиэт бэрэссэдээтэлинэн үлэлиир сылларыгар Харыйалаах сэлиэнньэтигэр орто оскуола дьиэтэ, дьон олорор түөртүү кыбартыыралаах бырайыактынай дьиэлэрин былааннаахтык тутуута ситиһиллибитэ.
Оччотооҕу оройуон салалтата Христина Афанасьевна ханнык баҕарар үлэни толорууга дьоҕурдааҕын учуоттаан, 1973 сыллаахха Харыйалаахтааҕы детсад сэбиэдиссэйинэн анаан 1978 сылга диэри, пенсияҕа тахсыар диэри үлэлэппитэ. Пенсияҕа тахсан баран кини «Өлөөн» сопхуос иистэнэр сыаҕын сэбиэдиссэйинэн 13 сыл бэриниилээхтик уонна айымньылаахтык үлэлээн айылҕаттан бэриллибит талаанын, дьоҕурун сайыннаран, эбэҥки норуотун прикладной искусствота сайдыытыгар бэйэтин кылаатын киллэрбитэ. Кини салайан үлэлэтэр иистэнэр сыаҕын кэлэктиибэ тыа хаһаайыстыбатын Министиэристибэтинэн ыытыллар социалистическай куоталаһыы бастыҥнарын ахсааныгар өрүү киирэрэ. Бу сылларга Харыйалаах сэлиэнньэтин элбэх эдэр кыргыттара эбэҥки норуотун тирии таҥаһын тигэр үгэстэрин үөрэммитэрэ. Ол бэйэлэрэ аҕыйах сылынан үүнэн-сайдан норуот маастардарыгар тиийэ үүммүттэрэ уонна күн бүгүн эбэҥки норуотун үтүө үгэстэрин тарҕатааччы буола сылдьаллар.
Христина Афанасьевна эбэҥки норуотун прикладной искусствотын айааччы, тарҕатааччы быһыытынан 40-тан тахса быыстапкаларга, куонкурустарга, көрүүлэргэ кыттан хас да төгүл Бүтүн Россиятааҕы, эригийиэннээҕи, Саха Өрөспүүбүлүкэтин уонна оройуон таһымыгар көрүүлэр кыайыылаахтара уонна лауреаттара буолбута.
1986 сыллаахха өрөспүүбүлүкэ таһымнаах быыстапкаҕа кыайыылааҕынан тахсан «Мастер умелец» аатын ылбыта.
1995 сыллаахха «Хотугу дьахтар эйгэтэ» быыстапкаҕа Москва уонна Санкт-Петербург куораттарга СӨ Хотугу аҕыйах ахсааннаах төрүт норуоттарын прикладной култуураларын ситиһиилээхтик көрдөрөн, кыайыылааҕынан тахсан Россия худуоһунньуктарын уонна СӨ худуоһунньуктарын Сойуустарын чилиэнинэн бигэргэтиллибитэ.
1998 сыллаахха Дьокуускай куоракка «Хотугу номох» диэн хотугу аҕыйах ахсааннаах төрүт норуоттар прикладной искусстволарын көрүүтүгэр кыайыылааҕынан тахсыбыта.
Христина Афанасьевна эбэҥки норуотун төрүт култууратын, олоҕун укулаатын харыстаан хаалларыыга утумнаахтык үлэлэһэн СӨ таһымыгар ыытыллар быыстапкаларга былааннаахтык кыттан эбэҥки норуотун материальнай култууратын дьон билиитигэр таһаарбыт дьоннортон биирдэстэрэ буолар.
2002 сыллаахха алтынньы ыйга Дьокуускай куоракка ыытыллыбыт РФ национальнай тэрийэр Комитетын Сибиир уонна Уһук Илин төрүт олохтоох аҕыйах ахсааннаах норуоттарын Ассоциациятын 10 сыла туоларыгар тэриллэн ыытыллыбыт научнай-практическай конференция уонна прикладной искусство улахан быыстапкатын кыттан, Өлөөн эбэҥкилэрин материальнай уонна духуобунай култуураларын ситиһиилээхтик көрдөрбүтэ.
2003 сыллаахха Христина Афанасьевна Дьокуускай куоракка Саха сирин норуоттарын III Ассамблеяларыгар Өлөөн оройуонуттан делегатынан талыллан кыттыыны ылбыта уонна өр сыллаах норуот култууратын сайыннарыыга үтүөлэрин иһин СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитин үрдүк аатынан наҕараадаламмыта.
Маны тэҥэ, 2005 сыллаахха Дьокуускай куоракка ыытыллыбыт табаһыттар III Аан дойдутааҕы конгресстарын үлэтигэр уонна муус устар ыйга Москва куоракка Сибиир уонна Уһук Илин Хотугу аҕыйах ахсааннаах төрүт норуоттарын материальнай култуураларын көрдөрөр, бастакы «Манящие миры» фестивалыгар кыттыыны ылбыта.
Христина Афанасьевна өр сыллаахха үлэтэ үрдүктүк сыаналанан Өлөөн оройуонун Бочуоттаах олохтооҕун аата иҥэриллибитэ. СӨ норуоттар доҕордоһууларыгар үтүөтүн иһин «За вклад в укреплении государственности, межнационального согласия и мира» суруктаах СӨ Президенэ В.А.Штыров илии баттааһыннаах бэлиэнэн наҕараадаламмыта.
Христина Афанасьевна эбэҥки норуотун төрүт культууратын кэнэҕэски эдэр көлүөнэҕэ хаалларар сыаллаах өр сылларга мунньубут үлэтин уопутун туһунан «Дьылҕа ыйааҕа» диэн кинигэни «Бичик» кинигэ кыһатыгар бэчээттээн таһааран улахан үтүө дьыаланы оҥордо. Сурукка-бичиккэ киллэрэн хаалларбыт эбэҥки норуотун төрүт прикладной култууратын нэһилиэстибэтэ үүнэр көлүөнэҕэ үөрэнэр босуобуйа буолан үйэлэргэ туһалыа, тус бэйэлэрэ эбэҥки төрүт култууратын дьарыктанааччыларга сирдии сулус буола туруоҕа.
Христина Афанасьевна төрөөбүт дойдубут, өбүгэлэрбит төрүт култууралара, абыычайдара симэлийэн сүппэтин туһугар бэйэтин кэнниттэн кини үтүө дьыалатын салгыыр элбэх олохтоох норуот маастардарын, ол иһигэр РФ, Саха сиригэр төрүт култуура сайдарыгар биллэр-көстөр ситиһиилэрдээх дизайнер, балтын Наталья Владимировна Бенчиги иитэн-үөрэтэн айар суолга туруоран хаалларда.
Христина Афанасьевна 95 сааһын бэлиэтиир бэлиэ түгэни кытта биир кэмҥэ СӨ Ил Дархана Айсен Николаев хас сылын ахсын «Норуоттар төрүт култуураларын күнүн» ахсынньы ый бастакы баскыһыанньатыгар бэлиэтиир туһунан анал уурааҕа тахсыыта олохтоох норуот төрүт култууратын салгыы сайыннарыыга уонна харыстаан хаалларыыга саҥа саҕахтары арыйыаҕа.
Николай Стручков