Өлөөн баһаарынайдара уһуйааҥҥа кэпсэтии үлэтин ыыталлар

Хас дьиэ-кэргэн аайы дурда-хахха, булар-талар сүрүн киһи баар, ол — аҕа буолар.

Аҕа оруола оҕо иитиитигэр сүрүн суолталаах. Орто бөлөхпүтүгэр биир оннук аҕаннан буолар, чөл олоҕу тутуһар, Өлөөн баһаарынай чааһыгар үлэлиир Алексей Иванович Михайлов.

Уһуйааммытыгар аҕа күнүгэр аналлаах араас тэрээһиннэр ыытылыннылар. Онтон биһиги орто бөлөхпүтүгэр «Мин аҕам идэтэ» диэн темаҕа уонна уоттан сэрэхтээх буолууга Алексей Иванович иитиллээччилэргэ кэпсэтии ыытта.

Бэйэтин идэтин туһунан уонна баһаар туохтан барыан сөбүн оҕолорго сэрэтэн кэпсээтэ. Оҕолор болҕойон иһиттилэр, бэсиэдэ түмүгүнэн араас ыйытыыларга эппиэттээтилэр.

“Кэрэчээнэ” уһуйаан иитээччитэ Мария Аргунова

Читайте дальше