Сардаҥа хаһыат эрэдээксийэтэ СӨ Ил Дархана 2023 сылы Үлэ сылынан биллэрбитинэн, быйылгы дьыл бүтэһик түһүмэҕэр оройуон биир бастыҥ үлэлээх үлэ кэлэктиибигэр «Сахаэнерго» АУО Өлөөннөөҕү уотун ситимина салайааччыта Гудзь Станислав Владимировича ыалдьыттаан, ааһан иһэр сыл бэлиэ түгэннэрин билиһиннэрэргэ көрдөспүккэ, бэрт судургутук ылынан санаа атастаста.
— Станислав Владимирович, оройуон энергетическэй хаһаайыстыбатыгар 2023 сыл туох уратылаах сылынан буолла?
— Бастатан туран, тэрилтэлэргэ уонна нэһилиэнньэҕэ бэриллэр электроэнергия хаачыстыбатын тупсарыыга улуус сэлиэнньэлэригэр барыларыгар кыбартаалынай трансформаторнай подстанциялар монтажтанан туруоруллан үлэлээтилэр. Ону тэҥэ, быйылгы дьылга Өлөөннөөҕү электрическэй уот ситимэ хаарбах, хаһаайына суох электролиниялартан саҥа бырайыактынай электролинияларга көһөн, саҥа СИП проводка көһүүлэрэ ситиһилиннэ. Үлэлии турар электролинияларга аварийнай ситуациялар таһаарыллыбат буолар усулуобуйалара тэрилиннэ.
— Оройуон экономическай сайдыытын уонна нэһилиэнньэ көрдөбүлүн бөҕө туруктаах электроэнергиянан хааччыйыыга төһө саппаас кыамталаах үлэлии олороҕут?
— Кэлин 4-5 сылга «Сахаэнерго» АУО салалтата Хотугу Арктика оройуоннарын энергетическэй хаһаайыстыбаларын бөҕө туруктаах оҥорууга анал бырагыраама ылынан үлэлээбитин түмүгэр, хотугу оройуоннар энергетическэй хаһаайыстыбаларын сүрүн фондаларын саҥардыы ситиһилиннэ.
Холобурун ыллахха, Дьэлиҥдэтээҕи АДС-1000 кВт 2019 сыллааҕы тутуу, Өлөөннөөҕү АДЭС — 6,6 МВт 2021 сыллааҕы тутуу уонна Ээйиктээҕи АДЭС -775 квт 2023 сыллааҕы тутуулар буолаллар.
Бу күннээҕи туругунан Өлөөннөөҕү уот ситимин уопсай кыамтата 8375,0 кВт буоллаҕына, кыһыҥҥы кэмҥэ муҥутуур ноҕорууската 2115,0 кВт, эбэтэр энергетическэй кыамтабытыттан 4 төгүл саппаастаах үлэлиибит, ол иһигэр Өлөөннөөҕү АДЭС кыамтата — 6,6 МВт, үлэлиир ноҕорууската — 1,8 МВт, ол эбэтэр түөрт төгүл саппаастаах үлэлиибит. Дьэлиҥдэтээҕи АДЭС кыамтата 1,0 МВт, кыһыҥҥы кэмҥэ үлэлиир ноҕорууската — 290,0 кВт, эбэтэр 3,4 төгүл саппаастаах үлэлиибит. Ээйиктээҕи АДЭС кыамтата — 775,0 кВт, кыһыҥҥы кэмҥэ үлэлиир ноҕорууската — 135,0 кВт тиийэр буоллаҕына, ол аата 5,7 төгүл саппаас мощностаах үлэлиир.
— 2023 сыллааҕы экономическай куоталаһыыга бастыҥнар ахсааннарыгар ханнык үлэ кэлэктииптэрэ инники күөҥҥэ таҕыстылар?
— Оҥоһуллубут үлэ таһымынан ылар буоллахха, Өлөөннөөҕү АДЭС-4,7 кэлэктиибэ (начальник Аммосов Ю.Н.) инники кирбиигэ иһэр. Саҥа тиэхиньикэни баһылааһын өттүнэн сыналыыр буоллахха, Ээйиктээҕи АДЭС-775 кэлэктиибэ (маастар Иванов М.М.) саҥа автоматизированнай электростанцияны баһылаан үлэлэтэри хааччыйда. Икки единица КТП туруоруллан оҥоһуллар электроэнергия хаачыстыбата тубуста, 0,9 кв усталаах ВЛ-10 кв саҥа СИП проводка уларытылынна, ГСМ ыскылаатын тутуута бүтэрилиннэ уонна «солнечнай электростанция» саҥа АДЭС-ка холобонно.
— Өлөөннөөҕү уот ситимин үрдүнэн 2023 сыллааҕы «Сахаэнерго» АУо бигэргэтиллибит өрөмөүннүүр бырагыраамата хайдах толорулунна?
— 2023 сыл түмүгүнэн сүрүн фондалары сырдатыы үлэ былаана ситиһиилээхтик толоруллан турар. Ол курдук, Өлөөннөөҕү АДЭС-4,7 биир единица дизель-генератор ДГ-№5 орто өрөмүөнү барда, силовой генератор — 1 ед. былааннаах өрөмүөнү барда. Ону таһынан, бары силовой генератордар опорнай сабыылара подшипниктарын уларытан туран өрөмүөннэрэ ситиһиилээхтик барда.
Дьэлиҥдэтээҕи АДЭС-кэ (маастар Полуэктов Ю.П.) капитальнай өрөмүөнү ДГ-210№3 барда, дизель-генераторын уларытан туран, ону сэргэ ДГ-200 №1 орто өрөмүөнү барара хааччылынна.
Өлөөннөөҕү АДЭС-кэ линейнэй хаһаайыстыбаны тупсарыыга ЛЭП-0,4 кв — 0,4 кв оҥоһулунна. Аэропорт оройуонугар 1 ед. трансформаторнай подстанция 400 ква монтажтанан туруорулунна.
Саҥа кыамталар үлэҕэ киирэллэринэн сибээстээн, «Туманнаах» кыбартаалынай хочуолунай оройуонугар 250,0 КВА электроподстанция туруорулунна. Ону таһынан, Өлөөннөөҕү АДЭС ДГ №3, ДГ-№1 дизель-генератордар радиатордарын уларытыы уонна өрөмүөнэ ыытылынна.
Бу күннээҕи туругунан сүрүн былааннаммыт өрөмүөн үлэлэрэ ыытыллыбыттарын түмүгэр сүрүн электроэнергияны оҥорон таһаарар дизель-генератордар бары оробуочай туруктаах тураллар.
— Үлэ сыла түмүктэнэрэ аҕыйах хонук хаалбытынан уонна буолаары турар энергетическэй хаһаайыстыба үлэһиттэрин профессиональнай бырааһынньыга бэлиэтэнэринэн сибээстээн баҕа санааҕын этэргэр көрдөһөбүт.
— Бастатан туран, оройуон энергетическэй хаһаайыстыбатын бары үлэһиттэрин бу дьыл ахсынньы ый 22 күнүгэр бэлиэтэнэр «Энергетик күнүнэн» итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибин уонна ситиһиилээх үлэни, дьолу-соргуну, доруобуйаны баҕарабын.
Бу дьыллааҕы профессиональнай бырааһынньыкпытын көрсө энергетикэ сайдыытыгар өр сыллаах үрдүк таһаарыылаах үлэлэрин иһин, «Якутэнерго» ПАУо Генеральнай дириэктэрин бирикээһинэн Өлөөннөөҕү АДЭС машиниһа Семенов Платон Гаврильевич — «Ветеран труда ПАО «Якутэнерго», Өлөөннөөҕү уот ситимин техник- учуотчуга Николаева Светлана Николаевна — «Ветеран ПАО «Якутэнерго» аатын ылбыттарынан, Өлөөннөөҕү АДЭС слесэрэ Александров Семен Николаевич Бочуотунай грамотанан, «Сахаэнерго» АУо Генеральнай дириэктэрин бирикээһинэн Өлөөннөөҕү АДЭС машиниһа Боеков Петр Васильевич, Өлөөннөөҕү АДЭС машиниһа Константинов Валерий Васильевич Бочуотунай грамоталарынан наҕараадаламмыттарынан эҕэрдэлиибит уонна ситиһиилээх үлэни баҕарабыт.
Николай Стручков