Өлөөн — Харыйалаах кыһыҥҥы суола 10 туоннаҕа диэри уйуктаах оҥоһулунна

Бу ааспыт нэдиэлэ «Өлөөн-Ситим» муниципальнай тэрилтэ (дириэктэр Семенов Н.Г.) «Өлөөн — Харыйалаах массыына кыһыҥҥы суолун оҥорууга анал биригээдэни туруоран (үлэни тэрийээччи Винокуров А.Н.) үлэлэтэн, суолу ыраастааһын, мууһу халыҥатыы үлэлэри тэрийэн ыытта. Бу түмүгэр өрүһү туоруур суол 10 туоннаҕа диэри уйуктаах буолара хааччылынна.

«Сардаҥа» хаһыат кэрэспэдьиэнэ үөскээбит балаһыанньаны туһанан, бу олус наадалаах үлэни тэрийээччи Александр Николаевич Винокуровы көрүстэ уонна бу дьыллааҕы Өлөөн — Харыйалаах кыстык массыына суолун бириэмэтигэр оҥорууга ханнык тэрилтэлэр уонна үлэһиттэр күүс-көмө буолбуттарын билиһиннэрэргэ көрдөстө.

— Бу дьыллааҕы Өлөөн — Харыйалаах маршрутунан өрүһү туорааһын суол оҥоһуутугар бастаран туран, Саха Өрөспүүбүлүкэтин ОДьКХ холбоһугун Өлөөн оройуонунааҕы салаата (дириэктэр Михайлов В.В.) өрүһү туоруур суол хаарын уонна кыдьымаҕы ыраастааһыҥҥа чэпчэки ыйааһыннаах «Беларусь-МТЗ» тракторы (суоппар Гаврильев Б.И.) биэрэн үлэлэтэн үлэбитин бэркэ түргэтэттэ.

Өлөөн өрүс мууһун халыҥын тоҥуутун бэрэбиэркэлээн баран, өрүс туорааһынын халыҥатыыга Винокуров Руслан Павлович салайааччылаах биригээдэ икки күн ууну кутан мууһу халыҥатыы үлэтин ситиһиилээхтик толорбуттарыгар барҕа махталбытын этэбит. Өрүс туорааһынын халыҥатыы үлэни толорбут кэннэ массыына сылдьар суолун тупсаран оҥоруу үлэлэрин 2 единица погрузчик (суоппардар Новгородов А.Н., Гаврильев Б.И.) үс күн устата толордулар. Харыйалаах сэлиэнньэтин өттүнээҕи протока мууһун холкутатыы үлэтин толорууну Кирбэй национальнай нэһилиэгин дьаһалтатын баһылыга Николаев Владислав Васильевич тус бэйэтэ хонтуруоллаан үлэни тэрийдэ. Үс күннээх үлэ түмүгүнэн Егоров А.Е. салайааччылаах, Филиппов Н.Г., Корякин С.Д., Матвеев Н.Х. састааптаах биригээдэ массыына суолун уунан кутан халыҥатыы үлэлэри ситиһиилээхтик толорон хамыыһыйаҕа туттардылар, — диэн Александр Николаевич хаһыат ааҕааччыларыгар анаан билиһиннэрдэ

Читайте дальше