Өлөөн иистэнньэҥ ийэлэрэ «Илии сылааһа – 2023» күрэскэ кытыннылар

Бу күннэргэ Өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн “Илии сылаааһа- 2023”  куонкурус тэриллэн Кирбэй нэһилиэгиттэн 7 ийэ, эбээ сүбэлэһэн баран “Северянка” диэн ааттанан кыттарга сананан сайаапка ыытан балаҕан ыйын 15-18  күннэригэр  4 күн , 7 байыас кэтэр кэмпилиэгин тиктибит.

Куонкурус тэрийээччилэрин, бырабыыталыстыба салалтатын бэрэстэбиитэллэрэ көрөн олордохторуна, быһа эфирга холбонон — сарсыарда  9 чааска бары күрэххэ кыттар улуустары холбоон — иис сыаҕыттан кэлбит дьааһыктары арыйыы буолбута, бэйэтэ умнуллубат түгэнинэн хаалыаҕа.

Ол эбэтэр, биир киһи кэтэр кэмпилиэк таҥаһа,  онно рюкзак, кыра суумка оҕото  киирэр.

Көстүүмнэр сиэптэрин оҥоһуута  уустук , ис, тас өттүгэр тигиллэр элеменнэрэ да элбэх. Барытын кичэйэн, көнө сиигинэн тигиллэр, байыаннай таҥас ирдэбилэ оннук эбит, күннээҕи кэтиллэр таҥастан атын. Хас көстүүм аайы тус-туһунан сиэптээх, онто барыта атын –атын оҥоһуулаах буолан бириэмэни эрэйэр. Ол да буоллар, бары биир сүбэнэн  4 күн иһигэр үлэлээн этиллибит болдьоҕор бүтэрэн барытын рюкзактарыгар уган пломбалаан Дьокуускайга иис сыаҕар ыыттыбыт.

Бары кыттааччылар бүттүбүт диэн балаҕан ыйын 18  күнүгэр,  киэһэ 6 чааска эмиэ быһа холбонон аны дьааһыкпытыгар мөһөөччүктэргэ угуллубут бэлэм таҥастарбытын уга турарбытын көрдөрөн куонкурус үлэтэ бүппүтүн туоһулуур пломбалааһын буолла.

Түөрт күннээх тыҥааһыннаах иис үлэтигэр Екатерина Григорьевна, Ирина Спиридоновна, Акулина Петровна, Раиса Иннокентьевна, Аксинья, Симона Семеновналар наһаа эппиэтинэстээхтик, сүрэхтэрин баҕатынан, илиилэрин сылааһын анаан бастакы Республикатааҕы “Илии сылааһа -2023” куонкуруска кыттыахха диэн этиллээтин сөбүлэһэн кыттыбыттарыгар наһаа үөрдүм,  астынным, долгуйдум, махталым муҥура суох.

Киһи үөрэрэ диэн  балтылыы Аксинья уонна Симона иистэнэр сатабылларын, үөрүйэхтэрин, аныгы иистэнэр, бүүрэр омук массыыналарын баһылаабыттарын сөхтүбүт, кэскиллээх иистэнньэҥнэр тахсыахтара диэн эрэнэбит. Кинилэр ийэлэрэ Маргарита Прокопьевна тугу сатыырынан сүбэлээн үөрэтэн-такайан биэрбитэ манна көһүннэ.

Ууна сылдьар чараас таҥастары кыайа тутан тигэллэр, хаачыстыбатын астынныбыт. Симона кыра оҕолордоохпун диэбэккэ тэбис- тэҥҥэ киэһэлэри үлэлээн бэйэтин ылыммыт сыалын толордо. Кыттааччылар бары дьиэлэриттэн бэйэлэрин тигэр массыыналарын аҕалынан үлэлээтилэр.

Үлэлии олорор кэмҥэ биллэн турар итии аһылык, иһэр уу наадатын учуоттаан олохтоох дьаһалта В.В.Николаевка , М.М. Егороваҕа , И.Н. Ивановаҕа — Иванова М.П., Романова А.В., Алексеева О.Е.,  Кириллова К.В., Кириллина Е.С., Аммосова О.Н., Комбагир Р.П., Иванова И.Н., Егорова М.М., Алексеева А.И., Николаева Т.В., Семенова А.Н., Егорова М.И., Степанова С.Е.,Андреев А.Н., Левин Сандал — нэһилиэкпит актыыбынай ийэлэрэ барытын кэмигэр баар оҥорон көмө-тирэх буолбуттарыгар махтанабыт.

Нэһилиэктээҕи “ Ийэ мичэээрэ” дьахтар сэбиэтин салайааччыта Томская Т.С. туох баар тэрээһин үлэтин, итэҕэһи-быһаҕаһы быһаарсан саамай эппиэтинэһи сүгэн тэҥҥэ үлэлэстэ. Ону тэҥэ “ Илкээни” култуура киинин директора Уруйдаана Николаева, звукооператор Марианна Павлова сырдык уоттаах хостору анаан, быһа сибээскэ холбоон усулуобуйа тэрийбитигэр хамаанда ийэлэрэ махтанабыт.

Нэһилиэкпит ийэлэрэ, эбээлэрэ хаһан да туора турбаттарыттан сүргэбит көтөҕүллэр, хаһан баҕарар итии аһылыктаах, үтүө сүбэлээх, хайа төһөлөөтүгүт диэбитинэн тиийэн кэлэ туралларыттан дууһабыт үөрэр, санаабыт сырдыыр, эрэлбит күүһүрэр. Маннык дьонноох буоламмыт өрүү инники күөҥҥэ сылдьабыт, эһигинэн киэн туттабыт, бары этэҥҥэ буолуҥ.

Надежда Колодезникова, “Северянка” хамаанда салайааччыта.

Читайте дальше