Бүтүн Российскай Федерация үрдүнэн ыытылла турар балаҕан ыйын 8 күнүнээҕи (биир бириэмэҕэ быыбардары ыытыы күнүгэр) Өлөөн национальнай нэһилиэгэр олохтоох дьаһалта баһылыгын быыбара тэриллэн ыытылла турар.
Бырааһынньыктыы киэргэтиллибит А.С. Иванов аатынан Илкит этнокултуурнай кииҥҥэ Российскай Федерация, Саха Өрөспүүбүлүкэтин уонна Өлөөн национальнай оройуонун «Дьөрөгөй» ырыатынан доҕуһуолланан, 485-с №-дээх быыбар хамыыһыйатын учаастагын бэрэссэдээтэлэ Александр Илларионов куоластааһыны үөрүүлээхтик арыйда.
Өлөөн национальнай нэһилиэгин баһылыгын талыытын арыйыыга кыттыыны ыллылар оройуоннааҕы быыбар территориальнай хамыыһыйатын бэрэссэдээтэлэ Александр Васильев, оройуон дьаһалтатын социальнай боппуруостарга солбуйааччы Туяра Павлова, уопсастыбаннай палаата бэрэстэбиитэлэ Иван Уаров, быыбар оройуоннааҕы хамыыһыйатын бэрэстэбиитэлэ Гаврил Дмитрьев уонна баһылык быыбарыгар кыттар кандидаттар бэрэстэбиитэллэрэ.
Бастакынан быыбардааһыны саҕалаабыт актыыбынай позициялаах Өлөөн нэһилиэгин олохтоохторунан буоллулар — тыа хаһаайыстыбатын бэтэрээнэ Вячеслав Афанасьевич Томскай, олоҕу-дьаһаҕы хааччыйар коммунальнай тэрилтэ үлэһитэ Николай Алексеев, “Эрэл” хампаанньа үлэһитэ Игорь Боескоров, улуустааҕы“Сугулаан” сэбиэтин депутата Владислав Александров, үлэ бэтэрээнэ Макка Халидовна Эрбиева уонна да атыттар.
Өлөөн сэлиэнньэтин олохтоохторо быыбарга көхтөөхтүк кэлэннэр быыбар тэрээһиннээхтик бара турар.
Сонуннарга анаан Николай Стручков, “Сардаҥа” хаһыат кэрэспэдьиэнэ.