Өбүгэлэрбит түҥ былыргы үйэлэртэн күн бүгүнүгэр диэри тулалыыр айылҕаны, кини көстүбэт күүстэрин кытта биһигини быстыспат ситимнииллэр. Ол иьин инники олорон ааспыт ытык дьоммут ааттарын үйэтитэр, кинилэри санаан ааһар, кинилэргэ махтанар – биһиги ытык иэспит буолар, кинилэр биһиги инникигэ дьулуһуубутун, үрдүккэ ыттар суолбутун-ииспитин араҥаччылыыллар, харыстыыллар, тирэхтииллэр.
Арассыыйаҕа уһуйааччы уонна Аҕа СүбэҺит, Өрөспүүбүлүкэҕэ Үлэ, Улууска Эбэҥки тылын сылларыгар сөп түбэһиннэрэн оройуоннааҕы култуура салаата кэккэ тэрээһиннэри “Үрэн Хоһуун дойдутун култууратын көмүс ааттара“ бырайыагы саҕалааммыт тохсунньу ыйга Саха Республикатын култууратын үтүөлээх үлэһиттэрэ А.И.Шишигина убулүөйэ, В.И.Захаровка аналлаах ахтыы киэһэтэ, кулун тутарга республикаҕа маастар күнугэр эбэҥки оһуорун аан-бастакынан киэҥ эйгэҕэ таһаарбыт уран тарбахтаах норуоттан тахсыбыт маастардарбыт М.Г.Чемчоева, У.А.Герасимова 115, уус-уран оҥоһуктар маастардара Е.Д.Александрова 85 саастарыгар аналлаах иистэнньэҥнэр күрэхтэрэ ыытыллыбыта.
Маны сэргэ оройуоммут сайдыытыгар биллэр-кестер суолу-ииһи хаалларан ааспыт аҕа саастаах дьоммут үбүлүөйдээх сылларыгар анаммыт култуурунай тэрээһиннэр буоллулар. Ол курдук сэтинньи ыйга Өлөөн эбэҥкилэрин чулуу киһитэ, хоһоонньут, бастакы эбэҥкилии “Эвэды Илкэн” хаЬыаты таҺааттарбыт, тацара табаларын харыстыыр аналлаах бэтэринээр быраас Михаил Николаевич Семенов-Амака төрөөбүтэ 90 сылыгар ананан, кини аатын үйэтитэр, эдэр ыччакка кэпсиир, билиһиннэрэр тэрээһиммит бастакы оройуоннааҕы “Амака ааҕыылара” дьиэ кэргэнинэн эбэҥкилии ньимнакааннары уонна Амака суруйбут хоҺооннорун толоруу күрэҕэ ыытылынна.
“Илкит” этнокультурнай киин фойетыгар өбүгэлэрбит ураҺа дьиэлэрэ үтүмэн үйэлэри уҥуордаан билиҥҥи культуураҕа холбонон олохтоммут бэйэтэ туспа үөрэҕин аныгы ыччакка кэпсии-ипсии турда. Эбэҥкилэр былыр даҕаны, билигин даҕаны уҺун кыҺын устата таба мэччирэҥин батыҺан кеһе сылдьаллар. Дьэ ол кэнниттэн, саас тугуттар төрөөн, бороохтуйбуттарын кэннэ, айылҕа уҺуктуута бэс ыйыгар биир сиргэ мустан, аҕа уустарынан көрсен бырааҺынньык тэрийэллэрэ. Ол бырааҺынньык ис хоһоонун Кирбэй нэҺилиэгин иҺинэн “Илкээнньи” этнокултуурнай киин “Алакуо”, “Дьүөгэ”, “Илкит” этнокултуурунай киин “Ньяруктэ” , “Кийииттэр”, “Алтама Уньяптун” түмсүүлэрэ ыллаан-туойан, үҥкүүлээн итэҕэтиилээхтик көрдөрдүлэр.
Эбэҥки олоҕун кердөрөр түһүлгэҕэ “Ньимнакаан” күрэ5эр кыттар дьиэ кэргэн күн күбэй ийэлэрэ эбэҥки норуотун биир сүрүн аҺын алгыстаах алаадьыны астаан, минньигэс сытын таҺааран күрэх саҕаланыыта мустубут дьону күндүлээн, өбүгэлэрбитигэр сүгүрүйүү, көҥүл ылыы бэлиэтин кердердүлэр.
“Мэндэ Айамамал бэел гиркил ирэмэл!”. Кыыдаан кыҺын сайаҕас киэҺэтинэн өбүгэ тыынын иҥэринэ сылдьар күндү көрөөччүлэрин суолдьуттар сахалыы эҕэрдэлэрин эбэҥки тылын этигэр-хааныгар иҥэринэн илдьэ сылдьар, учуутал Варвара Петровна Острельдина тутатына эбэҥкилии тылбаастаан дьиэ кэргэн “Ньимнакаан” күрэҕин өссө ордук киэргэтэн арыйаллар. Мустубут дьону оройуон баҺылыгын бастакы солбуйааччы Иван Саввинов эҕэрдэлиир, М.Н.Семенов-Амака оройуон сайдыытыгар өҥөтүн, эбэҥки статуһа ылыллыытыгар, эбэҥки тыла кэскиллээх буолуутугар үлэтин бэлиэтээтэ.
Бүгүҥҥү тэрээҺин саамай тоҕоостоох, оройуоҥҥа эбэҥки сылыгар ананан ыытылларын, оройуон дьонугар бу тэрээһин улахан суолталааҕын бэлиэтээн Дьокуускай куораттан “Илкэн” хаҺыат бастакы эрэдээктэрэ, поэтесса Варвара Данилова, билиҥҥи эрэдээктэр Андрей Исаков, эбэҥки норуотун лидерэ Августина Марфусалова эҕэрдэлэрин ыыттылар, маны сэргэ оройуон Ытык сүбэтин салайааччыта Николай Михайлович Стручков, Хотугу норуоттар оройуоннааҕы Ассоциацияларын эдэр салайааччыта Владислав Семенов, эбэҥки култууратын аар-саарга аатырдан, киэҥ эйгэҕэ таҺааран улахан үлэни ыытар оройуон култууратын начальнига Надежда Николаева, Михаил Семенов-Амака наставниктаан иитэн таҺаарбыт бииргэ үлэлээбит кэллиэгэтэ, билигин Өлөөннөөҕү ветуправление начальнига Анжела Николаева, кииннэммит библиотека үлэһиттэрин аатыттан библиограф Наталья Семенова бэлиэтээн аастылар. Эбэҥкилии Ньимнакааннары ааҕыы күрэҕэр оройуон нэьилиэктэрин урикиттарыттан 6 дьиэ кэргэн кытыннылар. Ыраах Дьэлиҥдэ нэҺилиэгиттэн Татьяна, Гаврил уонна оҕолоро эбэҥкилии остуоруйаны, Амака “Тугутчаан” хоҺоонунан видео уьулан кытыннылар. Иккис урикит (түөлбэ)Солоҕоон нэҺилиэгиттэн Анастасия, Николай Романовтар оҕолорунаан эмиэ видеонан кытыннылар. Өлөөн нэҺилиэгиттэн түөрт урикит (түөлбэ) дьиэ кэргэттэрэ Татьяна, Александр Гоголевтар, Надежда, Андрей Пахомовтар,Наталья, Алексей Федоровтар, Евдокия, Кирилл Колодезниковтар оҕолорунаан кыттан көрөөччүлэри сэргэхситтилэр. Эбэҥкилии Ньимнакаан кыттааччылара дьиэ кэргэттэртэн “Кылаан кыайыылаах” ааты 4-с урикит олохтоохторо Наталья, Алексей Федоровтар дьиэ кэргэттэрэ ылан, кыттааччылар бары анал номинацияларга тиксэн, эбэҥки буолар үрдүк аналларын сүгэн, онон киэн туттан, өбүгэлэрин үгэстэрин тарҕатан маннык үтүө дьоро киэҺэни бэлэхтээбиттэригэр махтал буолуохтун.
Бу иннинээҕи нэдиэлэҕэ көрөөччүлэр көс олохтоох эбэҥкилэр арааннарыгар баар буола түспүт буоллахтарына… иккис тэрээһиҥҥэ ааспыт үйэ 60-70-с сылларыгар баар буола түстүлэр. Аҕыйах ахсааннаах төрүт эбэҥки норуотун чаҕылкай уола, үөрэхтээх интеллигенциятын бэрэстэбиитэлэ Анатолий Филиппович Христофоров 80 сааһыгар анаммыт “Өлөөнүм-өбүгэм уйата” дьоро киэһэтигэр бу күн көрөөччүлэр муһуннулар. А.С.Иванов аатынан “Илкит” этнокултуурунай киин фойета 1967 сыл, тыа кулуубун Улуу Өктөөп Өрөбөлүүссүйэтин бэлиэтиир кэмин санатта. Истиэнэҕэ кыһыл сиитэс таҥаска суруллубут Улуу Өктөөбү уруйдуур былакаат, сыанаҕа ол саҕанааҕы ырыалары толорор вокальнай-инструментальнай ансамбль (ВИА), 60-с сыллардааҕы үҥкүүлэр, кыһыл хаалтыстаах пионердар эҕэрдэлэрэ, буфет… Тыа кулуубун оччотооҕу кэмэ бүгүн мээнэҕэ арыллыбата, Анатолий Филиппович үлэтин суолун 24 саастааҕар Харыйалаахтааҕы кулууп дьиэтин сэбиэдиссэйинэн саҕалаабыта. Араадьыйаҕа диктордар ССКП Киин Кэмитиэтин бары норуокка анаммыт Ыҥырыыларын ааҕаллар “Туругурдун Улуу Өктөөп 50 сыла…”
Бу строкалар автордара, мин Вера Григорьева-Ларионова 1977 сыллаахха Өктөөп Өрөбөлүүссүйэтин 60 сылыгар Өлөөҥҥө парадка аан бастаан Анатолий Филипповичтыын оройуон салалтатын кытта трибунаҕа туран, партия Ыҥырыыларын доргуччу ааҕарбын санаан кэллим. Дикторга ол бастакы сүрэхтэниим этэ. Бүгүн ол кэмтэн 46 сыл ааспытын кэннэ бу импровизированнай сыанаҕа Анатолий Филиппович оруолун толорооччу ыччат Миша Павловтыын олус долгуйан туран, диктордаатым.
Салгыы дьоро киэһэ түһүмэҕэ Анатолий Филиппович олоҕун-үлэтин билиһиннэрии видеоролигынан салҕанар. Ол кэнниттэн кини аймахтара, бииргэ үлэлээбит үөлээннээхтэрэ , оройуон дьаһалтатыттан ахтыылар бараллар. Дьокуускай куораттан анаан-минээн кэлэ сылдьар бииргэ тереебүт балтыта, краевед Наталья Филипповна Сивцева кини оҕо сааһын, тереппүттэрин уонна кэлин үөрэхтээх киһи буолан, үлэтин, эбэҥки норуотун инникитин туһугар турууласпыт үлэтин киэҥник сырдатта.
Анатолий Филиппович оройуоҥҥа салайар үлэлэргэ – кулууп сэбиэдиссэйиттэн саҕалаан, совхоз рабочкомугар, народнай хонтуруолга, партия райкомун салайар аппаратыгар, нэһилиэк Сэбиэтин бэрэссэдээтэлинэн, райисполкомца уопсай отдел сэбиэдиссэйинэн, адвокатынан, аҕыйах ахсааннаах норуоттар ассоциацияларыгар референинэн олус таһаарыылаахтык үлэлээбитэ. Анатолий Филиппович Российскай Федерацияҕа олорор аҕыйах ахсааннаах норуоттар Ассоциацияларын бастакы съезтэригэр делегатынан ыҥырыллан кыттыыны ылбыта. Ол туһунан оройуон депутаттарын Сэбиэтин Сугулаан бэрэссээдэтэлэ Никан Николаев, Өлөөн оройуонун аҕыйах ахсааннаах норуоттарын ассоциацияларын лидерэ Наталья Бенчик, оройуон кырдьаҕастарын Ытык Сүбэ бэрэссээдэтэлэ Николай Михайлович Стручков, 60-с сыллартан саҕалаан кулууп дьиэҕэ буолар кэнсиэртэри, биэчэрдэри, дьоро киэһэлэри бииргэ ыытан кэлбит үөлээннээҕэ Алина Ильинична Шишигина, Дьокуускайтан сиэнэ, культура колледжын устудьуона Никифор Протодьяконов бэйэлэрин этиилэригэр ахтан –санаан аастылар. Анатолий Филиппович кини саастыылаахтара, бииргэ үлэлээбит дьоно билэллэринэн сүрүн эппиэттээх үлэтин таһынан кулууп сыанатыттан түспэт испэктээкиллэргэ оонньуур артыыс, кэнсиэртэри ыытааччы суолдьут, кэнпирэнсийиэ этэ. Кини оройуонун инники сайдыытыгар элбэх үтүөтүн-өҥөтүн ахтан-санаан туран бүгүн ахтыы киэһэ иккис түһүмэҕэр кини кэнпирэнсийиэ оруолун арыйан “Өлөөн көмүс куолаһа” бастакы оройуоннааҕы ыччат ортотугар суолдьуттар, ыытааччылар күрэхтэрэ ыытылынна.
“Өлөөн көмүс куолаһа” күрэххэ нэһилиэктэртэн 8 эдэр уолан уолаттар кыттан 5 түһүмэххэ бэйэлэрин талааннарын, уус-уран тылга дьоҕурдарын, төрөөбүт дойдуларыгар, оройуоннарыгар тапталларын, бэриниилээхтэрин, айылҕаларынан, Өлөөн кэрэ сирдэринэн, эбэҥки буолалларынан киэн тутталларын уонна инники суолдьут, ыытааччы буоларга холонон көрөргө, инники олорон ааспыт көлүөнэ ытык дьоммут олоҕун суолун билээри, онтон холобур ылаары, кытыннылар. “Өлөөн көмүс куолаһа” суолдьуттар, ыытааччылар “Кылаан кыайыылааҕынан” Өлөөн орто оскуолатын учуутала Егор Николаев ааттанна, маны сэргэ конкурсаннар күрэх бары түһүмэҕин ситиһиилээхтик толорон лауреат, дипломант ааттаннылар.
Урут тордох иьин киэргэтэр тирии кумалаан (коврик) билигин аныгы үйэ сиэринэн чочуллан, киэргэйэн, атын омук хараҕын халтарытар, туспа омук сургэтин көтеҕөр, мааны оһуордаан- бичиктээх, хотугу бырааһынньык киэргэлэ, брендэ буолла.
Аҕыйах ахсааннаах терут эбэҥки норуотун чаҕылкай Далбар Хотуна, СР норуотун маастара, РФ Худуоһунньуктарын Союһун чилиэнэ Христина Афанасьевна Бенчик 95 сааһын туолар күнүгэр “Оһуорунан дьүһүйүү” диэн ааттаах таба тыһыттан Кумалаан тигиитин күрэҕэ буолла.
Россияҕа наставник, уһуйааччы сыла ыытылларынан тэрийээччилэр наставник иистэнньэҥ уонна саҥа саҕалааччы иистэнньэҥнэри кытыннардылар, уопсайа 5 хамаанда, ол иһигэр ыраах Дьэлиҥдэ нэһилиэгиттэн 1 хамаанда, наставник Данилова Маргарита Сергеевна, эдэр иистэнньэҥ Мария Павлова, Дьокуускай куораттан 1 хамаанда уопуттаах иистэнньэҥ Игнатьева Марианна Егоровна, кини үөрэнээччитэ тирии таҥаһы тигиигэ аан бастакынан сүрэхтэммит Евдокия Семенова аныгы сайдыылаах үйэ сибээһин куйаар ситимин нөҥүө кытыннылар. Кирбэй нэьилиэгин хамаандата 1980 сылларга Христина Бенчик тэрийбит тирии таҥаһы тигэр сыаҕыгар иистэнэн саҕалаабыт, билигин ааттаах-суоллаах иистэнньэҥ, элбэх быыстапка кыттыылааҕа, Мария Ивановна Егорова, үөрэнээччитэ тирии, тыс диэни аан бастаан илиитигэр тутан иистэнэн эрэр эдэр иистэнньэц Софья Томская Кирбэйтэн, сарыыттан, тирииттэн, тыстан олох эдэр сааспыттан Христина Афанасьевна таьаарбыт кинигэлэриттэн ааҕан, көрен үөрэммитим диир эдэр да буоллар бэлиэр наставник Ия Сергеева уерэнээччитинээн Гульнара Евсеевалыын уонна 5-с хамаанда эмиэ Өлеен нэһилиэгиттэн Христина Афанасьевна Бенчик талаанын илдьэ сылдьар сиэн балтыта Людмила Владимировна Бенчик кыыһынаан Айла Бенчиктыын кытыннылар.
Балаьыанньа быьыытынан Кумалаан кээмэйэ 40 см. буолуохтаах, оһуора-мандара, быһата манна иистэнньэҥ бэйэтин бэлиэ буочара кини фантазиятыттан, айар талааныттан тутулуктаах. Бэлэм оцоһук тигиитин хаачыстыбата, иистэнньэҥ сиигэ, биэтэһин ситэрэн оцоруу,тас көрүҥэ, ким үлэтин эрдэ түмүктээбитэ барыта ирдэнэр. Кумалаан тигиитин курэҕэ күнүс оруобуна 11 чаас саҕаланыыта, кытыан отунан сыт таһааран, торҕо буруону унаарытан үрдүк айыылартан көҥүл ылбыт кэннэ саҕаланар.
Иккис күн улуу маастар үбүлүөйүн үөрүүлээхтик бэлиэтиир күн төрөөбүт Кирбэйин иистэнньэҥнэрэ быыстапка эгэлгэтин тартылар, мустубут ыалдьыттар маастар олоҕун-үлэтин санаан-ахтан аастылар.
Христина Афанасьевна үйэ чиэппэриттэн ордук кэми сыралаах үлэтин төрүт Хотугу көс эбэҥки омугун төрүт культурата умнуллубакка чэчирии сайдан эдэр ыччакка быстыбат ситим буоларыгар сүдү кылааты хаалларбыта. Үлэлиир сылларын устата түҥ былыргы дьоммут тирии таҥаһы тацастыыр ньымаларын быраабыла быһыытынан харыстаан, кэлэр көлүөнэ күннээҕи олоҕор туттарыгар, иис кистэлэҥэр үөрэтэлээн эдэр ыччаты уһуйбута. Маастар ол баҕа санаата туолан, бүгүн Өлөөн иистэнньэҥнэрэ тикпит ойуулаах-оһуордаах саҥыйахтарын, унтууларын, оҕуруоларын кэлбит ыалдьыт эрэ бары сеҕе-махтайа көрөллөр.
Эн иҥнэҕэр, сапкар тиһиллээри
Эгэлгэ оҕуруолар сырсаллар,
Киэргэл буолан көстө күлүмнээри
Кэрэлэрэ тымта сырдыыллар.
О, улуу оҺуордьут Киристиинэ!
Оҕуруолар ырыаларын дьиэрэттиҥ,
Аптаах сабыҥ, алгыстаах иҥнэҥ
Айар иэйиилэрэ бэрдин! – дэттиҥ.
Айдыҥ, эн музыканы
Айдыҥ, эн Оһуор – симфониятын!
Степан Дадаскинов “Оһуор симфонията”.
Үбүлүөйдээх түһүлгэҕэ Христина Афанасьевна тикпит таҥастарын таҥнан-симэнэн ырыаһыттар тахсан эҕэрдэлииллэр. Ол кэнниттэн Өлөөн эбэҥкилэрин чулуу Далбар Хотуна Христина Афанасьевна Бенчик сырдык аатыгар аналлаах 1 оройуоннааҕы “Оһуорунан дьуһуйуу” Кумалааны тигии күрэҕин кыттыылаахтарын – иистэнньэҥнэри наҕараадалааһын сиэрэ-туома саҕаланар.
“Оһуорунан дьуһуйуу” күрэх кылаан кыайыылааҕынан ааттанар Дьэлиҥдэ нэһилиэгиттэн кыттар наставник Данилова Маргарита Сергеевна, эдэр иистэнньэҥ Мария Павлова хамаандата уонна бары туерт кыттыбыт хамаандалар лауреат, дипломант ааты сүктүлэр
Бу тэрээһиннэри, күрэхтэри ыытыыга спонсордаабыт тэрээһиммит сүрүн геройдарын оҕолоро, аймахтара — Михаил Семенов-Амака кыргыттарыгар, кинематография туйгуна, ветерана, элбэх оҕо тапталлаах ийэтэ, эбээтэ Мира Михайловна Николаеваҕа, Харыйалаах оскуолатын учуутала Валентина Михайловна Толстяковаҕа, үрдүк үөрэҕин саҥа бүтэрэн Өлөөҥҥө кэлээтин утаа Михаил Николаевич Семенов дьиэ кэргэнигэр олорбут, үлэтин бастакы хардыыларыгар көмөлөспүт, наставниктаабыт кэллиэгэтин бэрт истиҥник санаан анал бирииһи спонсордаабыт ветуправление начальнига Анжелика Вениаминовна Николаеваҕа, оройуоннааҕы “Сардаҥа” хаһыат кэллэктиибигэр (редактор Дмитрий Скороходкин), күрэхтэһээччилэри бэлэмнээбит уонна спонсордаабыт “Аарык” этнокултуурнай кииҥҥэ (Светлана Дмитриева,Сандаара Протопопова), “Сандал” ЭКЦ (Людмила Заболоцкая,Ньургуйаана Степанова), “Илкээньи ЭКЦ (Уруйдаана Николаева, Кирилл Игнатьев,Михаил Карпов), “Илкит” ЭКЦ (директор Юрий Ефимов), А.Ф.Христофоров тапталлаах кыыһа Саргылана Анатольевна Протодьяконова дьиэ кэргэнигэр, аймахтарыгар, Христина Афанасьевна Бенчик сиэн балтыларыгар Наталья, Людмила Владимировна Бенчиктэргэ, сиэнигэр Кристина Амановаҕа, аймахтарыгар Лена Петровна Оконешниковаҕа, Александр Прокопьевич Колесов, Наталья Прокопьевна Гоголева, Аида Никитичная Гоголева, Виктория,Ян Гоголевтарга, “Өлөөн” МУП тэрилтэҕэ (директор А.П.Егоров), бу улахан тэрээһиннэргэ “Илкит” ЭКЦ бары үлэһиттэригэр урикиттарга көмө, эбэҥки олоҕун дьиҥнээхтик көрдөрөр түһүлгэни оҥорбуттарын бэлиэтээн, уонна өссө төгүл хатылаан бу тэрээһини ыытарга көмөлеспүт, кыттыбыт бары дьиэ кэргэттэргэ,эдэр ыччакка уонна маннык дьоро киэһэлэргэ кэлэн сынньанан, элбэҕи билэн-көрөн барар көрөөччүгэ, бары спонсордарга култуура салаатын аатыттан улахан махтал тылларын тиэрдэбит.
“Өлөөммүтүгэр кэнники ыйдарга оройуоммут сайдыытыгар элбэх суолу-ииһи хаалларбыт аҕа көлүөнэ дьоммут үтүө өйдөбүллэригэр анаммыт тэрээһиннэр ыччаты иитиигэ сүҥкэн улахан суолталаахтар, күрэхтэр ис хоһоонноро, аныгылыы креативнай индустрия бары кыахтарын туһанан олоҕу кытта сибээстээн ыытыллаллара, нэһилиэнньэҕэ, көрөөччүгэ тиийимтиэ буоларын тэрийээччилэр ситистилэр. Өбүгэлэрбит олорон ааспыт суолларын, оройуон историятыгар кинилэр оруолларын өйдүүр, сыаналыыр эрэ буоллахпытына биһиги инники сайдыыбытыгар бөҕө тирэхтээх буолуохпут”.- диэн оройуон баһылыга Лена Степановна Иванова бэлиэтээтэ.
Хас биирдии норуот бэйэтин төрөөбут тылын, төрүт культуратын илдьэ сылдьан, үѳрэтэн, сайыннаран, сүтэрбэккэ көлүөнэттэн көлүөнэҕэ тиэрдэн иhиэхтээх. Бу өбүгэлэрбититтэн хаалбыт киэн туттуубут, уратыбыт буолар.
Вера Ларионова, “Бырайыак ааптара” оройуон култуураҕа салаатын исписэлииһэ.