Хаар-ардах түһүүтүн, күн тахсыытын үлэ үөһүгэр көрсөллөр

Күһүҥҥү-сааскы халтыраан кэмнэргэ дьон-киһи эчэйиитэ үгүс өттүгэр тэрилтэлэр бэйэлэрин дьон сылдьар территорияларын ыраастаан-тарыйан, кумах, туус кутан киһи халтарыйбат усулуобуйатын тэрийбэттэриттэн таһаарыллар. Ол эрээри тэрилтэлэр тиэргэннэрэ, дьон сылдьар тротуардара, суоллара хаһаайын хайдаҕыттан тутулуктаах.

Үтүө холобурдар суох буолбатахтар. Холобурун ыллахха, «Өлөөн Ситим» тэрилтэ харабыла Николай Спиридонов бэйэтин баҕа өттүнэн аптека, «Өлөөн-Ситим» тиэргэнин ыраастаан баран дьон сылдьар тротуардарыгар Октябрьскай уулусса уҥа өттүн кумаҕы тачканан кутан суол дьоҥҥо куттала суох буолуутун хааччыйда.

Бу сыллааҕы күһүҥҥү кэмҥэ нэһилиэк дьаһалтатын үлэһитэ, Солоҕон нэһилиэгиттэн төрүттээх Мичил Боеков доҕорун Николай Спиридонов үтүө холобурун батыһан дьаһалта дьиэтин тиэргэнин таһынан бэйэтин баҕа өттүнэн эргиэн дьиэтин суолун кумаҕынан кутан дьон махталын ылыан ылла.

Сыл ханнык баҕарар бириэмэтигэр, ардах-хаар ортотунан, күн тахсыыта бастаан үлэни саҕалыыр тэрилтэ харабыллара биир идэлээхтэр Николай Спиридонов уонна Мичил Боеков үлэҕэ үтүө сыһыаннарын батыһаҥҥыт көрөр-истэн тиэргэҥҥит, суолларгыт дьон сылдьарыгар куттал суох буолуутугар үлэлэһиэхтэрэ диэн бигэтик эрэнэбит.

Николай Стручков