«Кыһын Саха сириттэн саҕаланар» диэн өрөспүүбүлүкэҕэ ыытыллар фестиваль чэрчитинэн, Ээйик орто оскуолатыгар Хаарчааналар күрэхтэрэ буолан ааста.
Куонкуруска 5-11 кылаас үөрэнээччилэрэ кытыннылар: Прокопьева Мичийэ (5 кылаас ), Винокурова Айыллаана (6 кылаас), Боекова Майя (7 кылаас), Винокурова Далаана (кылаас), Афанасьева Нелли (9 кылаас) уонна Фадеева Мария (11 кылаас). Кыргыттар күрэххэ олус көрдөөхтүк кыттан, оҕолор болҕомтолорун тартылар.
Тэрээһини алын кылаас уолаттара “Үрэн Хоһуун” үҥкүүтүнэн арыйдылар, онтон кыргыттар бөлөхтөрө мап-маҥан табалар буоланнар табалыы үҥкүүнү көрдөрдүлэр. Куонкурус быыһыгар оҕолорго Саҥа Дьыл бырааһынньыгын туһунан араас тургутуу ыытылынна, сөптөөх хоруйга оҕолор тутатына бириис тутан үөрдүлэр-көттүлэр.
Куонкурус түмүгүнэн кыайыылааҕынан Майя Боекова таҕыста. Биһиги кылаас аатыттан Майяны ис-сүрэхпититтэн эҕэрдэлиибит.
Күрэс кэнниттэн бары таһырдьа тахсан, оскуола иннигэр Саҥа Дьыллааҕы Харыйаны “уматтыбыт”. Хараҥа киэһэ Харыйа араас дьэрэкээн уотунан күлүмүрдээтэ – Саҥа 2024 сыл кэлэн иһэрин туоһулаата.
Камила Андреева, Ээйик орто оскуолатын 7 кылааһын үөрэнээччитэ,
Милена Иванова хаартыскаҕа түһэриитэ.