Харыйалаахха муус ылыыта саҕаланна

Хаһан да буолбатах күһүн кэллэ, дьыл баччатыгар диэри эбэ уута тоҥмокко турара барыбытын сөхтөрөр. Сылы-йыы кэлиэ дииллэрэ оруннаах курдук, сыл аайы маннык буоллаҕына соһуйар да омуна суох буолара буолуо.

Эбэ кытылтан саҕалаан кыдьымаҕы өрөһөлүү муспута ыраахтан хайа буолан көстөр. Айылҕа сокуонунан күөллэр хаһан баҕарар эрдэ тоҥоллор, ол иһин күөл мууһун халыҥатаары олохтоохтор эрдэ киирэн хаары күрдьэн ыраастыыллар, оччоҕо муус халыҥыыр. Дьоммут эрдэттэн сүбэлэһэн хаары күрдьэн, ыраастаан бэлэмнииллэр. Ол кэнниттэн күн аайы киирэн саҥа түспүт хаары ыраастаан биэрэн иһэллэр. Дьэ, ол кэнниттэн күргүөмүнэн киирэн муус ылыыта саҕаланар. Олохтоохтор үлэ бырааһынньыгын  курдук тэринэн кыһыҥҥы иһэр мууһу ылаары сар-сыардаттан киэһээҥҥэ диэри үлэлээн ып-ыраас, көҕөрөн көстөр дьэҥкир мууһу таһааран кэчигирэччи мунньан иһэллэр. Техникалаахтар утары тиэнэллэр, халлааммыт да туран биэрдэ, күн аайы ичигэс хаар быыстаах күннэр.

Эдэрдэр аймахтарын мууһунан хааччыйар үтүө үгэстээхтэр. Саастаахтар да көххө, салгыҥҥа сылдьаары уолаттартан хаалсыбаттар. Саамай аҕа саастаах Степанов Василий Иванович, 80 саастаах удьуор табаһыт, уолунаан,  сиэннэринээн үлэлии сылдьалларын көрөн астынаҕын эрэ. Кыра сиэн Кирилл Готовцев 2-с кылаас үөрэнээччитэ.  Василийтан арыый да балыстар Ольга Потаповна, Василий Евдокимович Васильевтар үлэ бэтэрээннэрэ сылын аайы бэйэ кыаҕынан сыл тахсар муус-тарын хааччыналлар. Василий Евдокимович көрбөппүн диэн дьиэҕэ олорбот, тахсыбыт мууһу кыстыы мунньан туруорсар, үлэлии үөрэммит дьон дьиэҕэ бүгэн олорботтор. Эдэр аҕалар уолаттарын батыһыннарбытынан бэйэ-лэрин кытта тэбис-тэҥҥэ үлэҕэ үөрэтэллэрэ махталлаах дьыала. Элбэх оҕолоох аҕа Михаил Николаев уолаттарынаан Женялыын, Колялыын хаһыс да күннэрин сылдьаллар, Коля бэйэтигэр сөрү-сөп сүгэлээх, 5-с кылааска үөрэнэр, кып-кыра  киһи сүгэ тутуурдаах аҕатыгар көмөлөһөн сүүрэ-көтө сылдьарыттан киһи үөрэр. Валентин Николаев уола Ваня 6 кылааска үөрэнэр,  аҕатынаан массыынаҕа муус тиэйээччи, сааһылааччы, оҕобут туһа киһи буола улаатан иһэр, успуорт оскуолатыгар дьарыктанар күүстээх-уохтаах. Прасковья, Вячеслав Семеновтар кыра уоллара Сережа хаар күрдьэн көмөлөһөр, ол быыһыгар доҕорун Кирил- лыын сырсыалаһа оонньууллар.

Иһийэн турбут айылҕабыт, бастакы күөлбүт оҕо чуопчаарар саҥатыттан үөрдэҕэ буолуо. Кырдьыга да оннук, оҕо барахсан саҥата минньигэһэ, күлэрэ-үөрэрэ ырааһа  баар — бу орто дойдуга улахан дьол. Аҥардас салгыҥҥа оонньуу таарыйа сылдьаллара билиҥҥи үйэҕэ доруобуйа-ларыгар туһалаах, саамай сүрүнэ улахан дьонтон үлэҕэ уһуйуллаллар. Улааттахтарына олоххо бэлэм, туохтан да толлубат күүстээх-уохтаах дьон буолуохтара.  Барыта 20 -чэ ыал буолан бу күннэргэ көхтөөх үлэ күннэригэр бииргэ буоллубут. Ол аата ааҕан көрдөххө дьоммут 40-ча ыалы мууһунан хааччыйдылар. Массыыналаах уолаттар өссө кырдьаҕастарга муустарын тиэйэн биэрдилэр, бу бэйэтэ киһи киһиэхэ сыһыаныгар өбүгэ саҕаттан кэлбит үтүө үгэс, билиҥҥэ диэри үйэлэри уҥуордаан кэлбитэ хайҕаллаах, бу бары-та төрөппүт иитиитэ. Уолаттар, аҕалар өссө да кэлэн хаар күрдьүнээт муус ылына тураллар, эбэ мууһа хаһан туруон күүтэн олоруохтарай.  Түгэнинэн туһанан маннык этиилээхпин, бастакы күөлгэ дэхси сирин көрүнэн киһи киирэн иттэригэр, итии чэй иһэргэ оһохтоох дьоҕус дьиэ, туалет оҥостууһубут, хаптаһын эбэтэр аныгы матырыйаалынан, хайдах сатанарынан көрөн. Мантан инньэ мууспутун ылына маассабайдык сылдьарбыт буолуо, оҕолору да салгыҥҥа сырытыннарар инниттэн. Айылҕабытын киртиппэт туһуттан туалет хайаан да наада.

Надежда Колодезникова

Читайте дальше