Харыйалаахтар Арассыйатааҕы “Ыраас оонньуу” акцияҕа кытыннылар

Субуота күн нэһилиэк олохтоохторо, оскуола үөрэнээччилэрэ, “Кэрэчээнэ” уһуйаан кырачааннарын кытта бөһүөлэги ырааһырдыы субуотунньугар көхтөөхтүк тахсан үлэ күнэ буолла.

Бакалдыын ыытыллар миэстэтигэр, МУАД суолугар көҥүлэ суох тоҕуллубут бөх-сах хомулунна.  Күммүт иккис аҥарыгар Бакалдыын ыытыллар миэстэтигэр түмсэн икки хамаандаҕа арахсан сүүрүүлээх-көтүүлээх күрэх ыытылынна.

Хамаандаларга минньигэс бириис, үлэ күнүн саамай саастаах, саамай кыра саастаах кыттааччыларыгар,  хамаанданан биирдии көрүҥҥэ бастаабыт спортсменнарга сэмэй бэлэхтэр туттарылыннылар. Субботник кыттыылаахтарын олохтоох дьаһалта үлэһит уолаттара итии чэйинэн, ыһаарыллыбыт этинэн күндүлээтилэр.

Бу тэрээһин Бүтүн Арассыыйаҕа ыытыллар “Чистые игры” олорор сири –уоту бөхтөн сыыстан харыстааһын, хомуйуу диэн суолталаах бырайыак буолар.

Бастакы ааспыт өрөбүллэргэ ыытыллыбыт  субуотунньук харчытынан олохтоох дьаһалта субуотунньук кыттыылаахтарыгар туттарарга бириистэри атыылаһыыга туһаммыттар.

Иккис күҥҥэ анаммыт харчынан бириэмийэни субуотунньук кыттыылаахтара бары биир санаанан анал байыаннай дьайыыга көмө буол-лун диэн “Сигундер” пуонда счетугар ыыттылар.

Кирбэй нэһилиэгин олохтоохторо ырааска, сырдыкка дьулуһуу олох ирдэбилэ, киһи олоҕор саамай тыына, тутааҕа буоларын өйдүүллэриттэн, үүнэр ыччакка бэйэлэрин холобурдарын көрдөрөллөрүттэн киһи үөрэр, астынар.

Бөһүөлэк сылтан-сыл көстө ырааһырара харахха быраҕыллар. Хомойуох иһин, маннык күргүөмүнэн хомуна, ыраастана тахсыыга наар дьахтар, оҕо кыттар, онтон күүстээх аҥардар, хоһуун уолаттар, аҕалар хаһан маннык акцияларга кытталлара буолла…

Надежда Колодезникова

Читайте дальше