Христофор Васильев: “Ис сүрэхпиттэн махтанабын”

Өлөөн улууһугар, “Сигундэр” диэн үтүөнү оҥорор пуонда туһунан истибэтэх киһи, бука аҕыйаҕа буолуо. Бу күннэргэ биһиги пуонда тэрийээччитэ Христофор Павлович Васильевы кытары көрсөммүт аҕыйах ыйытыыларга эпиэттииригэр көрдөстүбүт.

— Христофор Павлович, бу үтүөнү оҥорор пуонданы тэрийэр туһунан санаа эйиэхэ хаһан киирбитэй?

— 2020 cыллаахха биһиги дьиэ-кэргэҥҥэ ыарахан кэм үөскээбитэ. Ол курдук, мин кэргэним улаханнык ыалдьан, Кореяҕа баран эмтэнэр буолбута. Онно биллэн туран, аҕыйаҕа суох үп наада этэ. Бу кыһалҕалаах кэммитигэр, биһиэхэ улууспут дьоно-сэргэтэ улахан көмө, өйөбүл буолбуттара. Бу түбэлтэ кэнниттэн, мин биир дойдулаахтарбар улахан махталбын биллэрэн туран, бу пуонданы тэрийэргэ санаммытым. Ити курдук, пуондабыт 2021 сыл от ыйын 14 күнүгэр тэриллибитэ.

Сигундэр – эбэҥк., солнечный (рус), күн саһарҕата (сах).  

 

— Пуондаҕыт сүрүн сыала-соруга туохха сытарый?

— Бу пуонда ыарахан ыарыыларга ыалдьыбыт дьоҥҥо эмтэнэллэригэр, кинилэр дьиэ кэргэттэрэ эмтэнэ баралларыгар, бырайыастарын төлөһөллөрүгэр көмө буолаарай диэн сыаллаах-соруктаах тэриллибитэ.

— Бу маннык, үтүөнү оҥорор пуонданы, тэрийэр туох уустуктардаах эбитий?

— Оннук улахан уустуктары көрсүбэтэҕим эрээри, биллэн туран, пуонданы ыллыҥ да тэрийбэккин. Манна элбэх тустаах докумуон оҥоһуллан, юстиция Министиэристибэтигэр регистрацияны ааһан тэрийэҕин.

— Пуонда бастаан тэриллиэҕиттэн туох уларыйыылары киллэрдигит?

— Суһал байыаннай дьайыы саҕаламмытыгар пуондабыт Устаабыгар уларытыылары киллэрбиппит. Ол курдук, биһиги мобилизацияланан, бэйэлэрин баҕа өттүлэринэн уонна контракт баттаһан суһал байыаннай дьайыыга кытта сылдьар биир дойдулаахтарбытыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр көмөлөһөр буолбуппут: бородуукта атыылаһалларыгар, коммунальнай өҥөлөрүн төлөһөллөрүгэр, санаторнай-курортнай эмтэнээһини ааһалларыгар, ону тэҥэ сыаналаах эмтэри ылан эмтэнэллэригэр, уо.д.а. наадаларыгар.

Маны таһынан, бу кэлин, пуонда Устаабыгар үөрэх салаата сайдарыгар, култуураҕа, искусствоҕа, экологическай култуураҕа, дойдуга бэриниилээх буолууга иитиигэ-такайыыга, волонтердааһыҥҥа, социальнай көмөлорү оҥорооһуҥҥа, ону таһынан, айылҕа иэдээннэриттэн, холобур, уу халааныттан эмсэҕэлээбиттэргэ көмө оҥорорго эбиилэр киллэриллибиттэрэ.

— Пуондаҕыт бу сылларга үлэтин туһунан сырдат эрэ.

— Бастакы аахсыйаларбытыттан биирдэстэринэн, онкологиянан ыалдьыбыт Томскай В.В. уонна Васильев А.Р. көмө оҥоруу буолбута.

Уопсайа бу аахсыйаҕа 979523 солк. киирбитэ. Ити үптэн маннык аадырыстаах көмө оҥоһуллубута: Федорова Н.В. — эппэрээссийэ кэнниттэн чөлүгэр түһүүтүгэр — 400000 солк; Чехордуна С.Э. Японияҕа эмтэнэ барарыгар — 50350 солк; Томскай В.В. эмтэнэригэр — 280336,50 солк; Васильев А.Р. эмтэнэригэр — 248836,50 солк. Бу абырал аахсыйаҕа үп-харчы киириитигэр күүс-көмө буолбут, аһымал аахсыйа кэнсиэртэрин ыытарга көмөлөспүт уонна кыттыспыт биир дойдулаахтарбытыгар уонна аймах билэ дьоммутугар, артыыстарга барҕа махталбын тиэрдэбин.

Даҕатан эттэххэ, 2022 сылга улууспут Баһылыга Лена Степановна Иванова мин этиибин өйөөн,  тэрилтэлэртэн аһымал аахсыйа пуондатыгар киирэр үбү-харчыны биир сиргэ тутан, суһал байыаннай дьайыыга кытта сылдьар биһиги биир дойдулаахтарбытыгар тустаах көмө оҥорор буолбуппут. Мантан сиэттэрэн, мин уонна пуонда волонтердара ДНР-га уонна ЛНР-га хаста да тиийэн, бу ыарахан кэмҥэ туттар наадалаах тэриллэринэн, өй-санаа өттүнэн күүстээх-уохтаах буолалларыгар тустаах көмөнү оҥордубут, маны сэргэ кинилэр дьиэ кэргэттэригэр, байыаннай дьайыыга эмсэҕэлээбиттэргэ көмөлөстүбүт.

Бу сылларга пуондаҕа 11308899,90 солк. сууммалаах үп киирбититтэн суһал байыаннай дьайыыга кытта сылдьааччыларга анаан 9473122,10 солкуобайдаах үбү, ол иһигэр, байыаннай дьыалаҕа туттар тэрили ылыыга уонна тириэрдиигэ — 4343338,50 солкуобай, таҥас-сап, курдар, быһахтар, табах, линзалар уонна да атын киһи күннээҕи наадыйар табаардарыгар 3411233,60 солкуобай туттулунна.

Маны таһынан, байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын дьиэ кэргэттэригэр 1835777,76 солк. сууммалаах көмө, ол иһигэр: 210233,76 солк. коммунальнай өҥөлөрү төлөөһүн, 1625544 солк. мобилизацияламмыт байыаннайдарбытыгар самолетунан көтөр билиэттэригэр уонна эмтэнэллэригэр көмө.

Маны таһынан, бу пуондабыт уопсастыбаннай уонна коммерческайа суох тэрилтэлэри кытары бииргэ үлэлэһэр, уонна кинилэр бырайыактарыгар, кыра да буоллар, үбүнэн көмөлөһөр. Ол курдук, 2021 уонна 2022 сылга Дьокуускай куоракка Аҕа дойду сэриитин кэмигэр Сахабыт сирин дьонун-сэргэтин хоргуйууттан быыһаабыт И.Е.Винокуров аатын үйэтитэргэ Сэргэ туруорарга көмөлөстүбүт. Бу сэргэни «НАМ» диэн общественнай тэрилтэ туруорарыгар көмө харчы ыыппыппыт.

2023 сылга, “Фонд СВ Донбасс” диэн суһал байыаннай дьайыыга Сахабыт сириттэн сылдьар байыаннай сулууспалаахтарга көмө оҥорор пуондаҕа, оройуон аатыттан көмөлөһөр сыаллаах 500000 солк. харчынан көмө оҥорбуппут.

Ону сэргэ, Кэбээйи уонна  Үөһээ Дьааҥы оройуоннарыгар халаан уутуттан эмсэҕэлээбиттэргэ 45-тии тыһ. солк. көмөлөстүбүт.

Дьэлиҥдэ олохтоохторо уокка эмсэҕэлээбиттэригэр 23000 харчынан көмө оҥоһуллубута.

— Бу пуонданы үлэлэтэр кэмҥэр тугу ордук бэлиэтии көрдүҥ?

— Бу пуонданы тэрийэммин, үлэлээн-хамсаан, элбэх киһи көмөҕө наадыйарын, кимтэн эмэ көмө көрдүүллэригэр ыараханын уонна ыарырҕаталларын бэлиэтии көрдүм уонна биллим даҕаны. Ол иһин, билигин, маннык ыарахан бириэмэҕэ, дьоҥҥо үтүөнү оҥоруу хаһан да хаалбатын өйдөөн, дьоммор-сэргэбэр үтүөнү-кэрэни, туһалааҕы оҥордорбун диэн сыаллаах-соруктаах үлэлии сылдьабын.

Өлөөн улууһун дьоно-сэргэтэ олус амарах сүрэхтээх, көмөҕө ыҥырыыны тутатына ылынан, туох кыалларынан кыһалҕалаахха өйөбүл буоларын өрүү бэлиэтиибин. Бу миигин олус үөрдэр уонна долгутар. Пуондабыт ыытар үлэтэ, Өлөөн улууһун олохтоохторо, үлэһит уонна аҕам саастаах дьоно-сэргэтэ, эһигинэ суох барбат, онон эһиэхэ өссө төгүл ис сүрэхпиттэн махтанабын.

 

Кэпсэттэ Дмитрий СКОРОХОДКИН

Читайте дальше