Ил Дархан нэдиэлэтэ. Саха сиригэр элбэх оҕолоох дьиэ кэргэттэр ортолоругар дьадайыы таһымын үс төгүл аччатар сорук турда

Бэс ыйын 10 күнэ. Ил Дархан Ыксаллаах быһыыны-майгыны сэрэтэр уонна куттал суох буолуутун хааччыйар хамыыһыйа мунньаҕын ыытта. Саха сиригэр эрэгийиэннээҕи ыксаллаах быһыы-майгы эрэсиимин биллэрэргэ сорудахтаата. Ол чэрчитинэн ойуур баһаарын умуруорууга бары күүһү түмүөхтэрэ, ол иһигэр федеральнай резервэттэн баһаарынайдар уонна тиэхиньикэ кэлиэҕэ. Өлүөхүмэ, Томпо улуустарыгар олохтоох таһымҥа ыксаллаах быһыы-майгы эрэсиимэ олохтоммута. Саха сиригэр баһаартан кутталлаах сезон ыам ыйын 6 күнүттэн биллэрилибитэ.

Бэс ыйын 11 күнэ. Айсен Николаев VIII норуоттар икки ардыларынааҕы «Азия оҕолоро» оонньуулары ыытарга бэлэми көрдө. Дьокуускайга омук сириттэн бастакы хамаанда бэс ыйын 20 күнүгэр кэлиэхтээх. Спортсменнар дэриэбинэлэригэр – ХИФУ уопсайдарын 8 куорпуһугар оонньуулар 3 тыһыынчаттан тахса кыттыылаахтара олоруохтара. Манна өрөмүөн ыытыллан, эбийиэктэр ис уонна тас өттүлэрэ, итиэннэ миэбэлэ саҥардыллыбыт, сантехниката уонна уота-күөһэ уларытыллыбыт. Кыттыылаахтары аһатар эбийиэктэр эмиэ өрөмүөннэммиттэр. ХИФУ өссө икки уопсайыгар волонтердар уонна сервис этээрээттэрэ олоруохтара. Дойду атын эрэгийиэннэриттэн уонна улуустартан бастакы волонтердар бэс ыйын 16 күнүгэр кэлиэхтэрэ. Оонньуулары барыта 115 эбийиэк, ол иһигэр 10 резервэҕэ баар, итиэннэ 395 тырааныспар хаачыйыахтара.

Бэс ыйын 12 күнэ. Ил Дархан Саха сирин олохтоохторун Арассыыйа күнүнэн эҕэрдэлээтэ. Саха сирэ – улуу дойду экэниэмикэтин Уһук Илиҥҥи бөҕө тирэҕэ, Арассыыйа Федерациятын тэтимнээхтик сайдар эрэгийиэннэриттэн биирдэстэрэ диэн бэлиэтээтэ. Уһук Илиҥҥи федеральнай уокурукка оҥоһуллан тахсар холбоһуктаах эрэгийиэннээҕи баалабай бородуукта чиэппэрин кэриэтэ, 23%, өрөспүүбүлүкэҕэ тиксэр. Бэрт сотору Сахабыт сиригэр «Азия оҕолоро” VIII спортивнай оонньуулар ыытыллыахтара. Арассыыйаҕа успуорт эйгэтигэр бу 2024 сылга норуоттар икки ардыларынааҕы бөдөҥ тэрээһиҥҥэ барыта 25 дойдуттан 2,8 тыһыынчаттан тахса эдэр спортсмен кэлиэҕэ.

Бэс ыйын 12 күнэ. Айсен Николаев Национальнай социальнай көҕүлээһини олоххо киллэриигэ сэбиэт мунньаҕын ыытта. Манна Уһук Илиҥҥэ Стратегическай көҕүлээһиннэр агентствотын бэрэстэбиитэлэстибэтин салайааччыта Ольга Курилова кытынна. Саха сирэ бу Агентство бырайыактарыгар уонна тэрээһиннэригэр көхтөөхтүк кыттар. Агентство эрэгийиэннэргэ 2023 сылга олох хаачыстыбатын рейтинын таһаарда. Манна дьон социальнай эйгэни уонна олорор сирдэрин сыаналаабыттарын түмүгүнэн индекс ааҕыллар. Саха сирэ 85 эрэгийиэнтэн 44 миэстэҕэ тахсан, көрдөрүүтүн тупсарда. Ол иннинээҕи икки сылга 57-60 миэстэ этэ.

Бэс ыйын 13 күнэ. Айсен Николаев Ил Түмэн учоараттаах пленарнай мунньаҕар өрөспүүбүлүкэ ситэриилээх былааһын 2023 сыллааҕы үлэтин түмүгүнэн отчуоту туруорда. Онуоха дойду Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин көҕүлээбит «Дьиэ кэргэн», «Арассыыйа ыччата», «Уһун уонна көхтөөх олох», «Каадырдар» уонна «Чахчылар экэниэмикэлэрэ» саҥа национальнай бырайыактарга өрөспүүбүлүкэ кыттыытын хааччыйарга Бырабыыталыстыбаҕа туһааннаах сорудаҕы биэрдэ. Балаҕан ыйын 1 күнүгэр диэри саҥа национальнай бырайыактар толору бигэргэтиллиэхтээхтэр. Ил Дархан Бэрэсидьиэн саҥа көҕүлээһиннэрэ өрөспүүбүлүкэ соруктарын кытта сөп түбэһэллэрин, саҥа национальнай бырайыактары олоххо киллэрии  Саха сирин стратегиятын кытта ситимнээҕин бэлиэтээтэ.

Айсен Николаев өрөспүүбүлүкэҕэ 2030 сылга диэри 4 трлн тахса суумалаах инвестиционнай бырайыактары олоххо киллэрэри былаанныылларын туһунан эттэ. 2023 сылга өрөспүүбүлүкэ экэниэмикэтигэр 739 млрд солк кээмэйдээх инвестиция угуллубута. 2022 сылы кытта тэҥнээтэххэ, бу көрдөрүү 4,4 %-нан үрдүк. Олохтоох оҥорон таһаарыы кээмэйэ 2030 сылга диэри 1,5 төгүл улаатыахтаах, онуоха бары усулуобуйа тэриллэр. Иһинээҕи ырыынагы олохтоох табаардарынан, өҥөлөрүнэн хааччыйыыга 15 тустаах анал сири-уоту тэрийиэхтэрэ. Оннук сир-уот бастаан Хаҥаласка, Мииринэйгэ уонна Намҥа оҥоһуоллуоҕа.

Ил Дархан тыа хаһаайыстыбатыгар бүддьүөттэн анаммыт үбү-харчыны тыырыыга олохтоох бэйэни салайыныы уорганнарын сорох боломуочуйаларын кэҥэтэргэ этии киллэрдэ. Ол курдук, олохтоох бэйэни салайыныы уорганнара субвенцияны туттар хайысхаларын миэстэтигэр бэйэлэрэ быһаарар буолуохтара. Ону тэҥэ тыа хаһаайыстыбатын бородууксуйатын оҥорон таһаарааччыларга көмө үп түргэнник тириэрдиллэрин туһугар субсидиялар кээмэйдэрин бигэргэтэр боломуочуйа былаас ситэриилээх уорганнарыгар бэриллиэҕэ.

 Айсен Николаев дойду Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин көҕүлээбит «Технологияҕа инники буолуу» диэн саҥа национальнай сыалы ситиһэргэ өрөспүүбүлүкэ үлэлииргэ бэлэмин туһунан эттэ. Өрөспүүбүлүкэ тустаах хайысхаҕа үрдүк кыахтаах, ол иһин оҥорон таһаарыы технологическай таһымын үрдэтиигэ уонна инновациялары киллэриигэ туһааннаах соруктары олоххо киллэрэллэр. Саха сирэ Арассыыйаҕа, аан дойдуга аныгы инновационнай экосистемалааҕынан биллэр. Ол көмөтүнэн наука үлэһиттэрэ уонна технология эйгэтигэр урбаанньыттар идиэйэлэрин олоххо киллэрэр кыахтаахтар диэн Ил Дархан бэлиэтээтэ.

Ил Дархан Саха сиригэр элбэх оҕолоох дьиэ кэргэттэр ортолоругар дьадайыы таһымын үс төгүл аччатар сорук турарын бэлиэтээтэ. Алта сыл иһигэр, 2018 сылтан саҕалаан, ийэни уонна оҕону өйөөһүҥҥэ үбүлээһин кээмэйэ аҕыс төгүл улааппыт уонна 29,5 млрд солк. тэҥнэспит. Өрөспүүбүлүкэҕэ 34 тыһ. тахса элбэх оҕолоох дьиэ кэргэн баар, кинилэргэ уопсайа 118 тыһ. тахса оҕо улаатар.

Айсен Николаев 2023 сылга дьадайыыттан 12 тыһ. киһи таҕыста, салгыы сыллата 14-түү тыһыынча киһи тахсыахтаах диэн эттэ. Ол туһугар дьоҕус уонна орто урбааны күүскэ сайыннарыы соруга турар. Экспертнэй сэбиэккэ 2025-2028 сылларга хас биирдии улуус уратытын учуоттаан, дьадайыыны намтатар үлэ былаанын оҥорорго сорудахтаабытын туһунан Ил Дархан иһитиннэрдэ.

Ил Дархан ситэриилээх былаас уорганнара байыаннай дьайыыны өйүүргэ олоччу түмэ тардыллыахтаахтар. Донецкай уонна Луганскай Норуодунай Өрөспүүбүлүкэлэргэ баар тирэх пууннар нөҥүө эбии тиэхиньикэ, экипировка уонна да атын наадалаах мал тириэрдиллэр. Эрэгийиэн, улуустар таһымнарыгар көмө 40-тэн тахса араас көрүҥэ байыастарга уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр оҥоһуллар.

Айсен Николаев Хотугу муора суола чөлүгэр түһүүтүнэн сибээстээн, «Тиксии-Наайба» тирэх агломерация маастар-былаана олоххо киириэҕин, ол эбэтэр Найбаҕа терминал оҥоһуллуоҕун, Тиксиигэ аэропорт саҥардыллыаҕын, дьоҕус кыамталаах атомнай станция тутуллуоҕун, научнай чинчийиилэр ыытыллыахтарын туһунан эттэ.

 Ил Дархан тыа сирин нэһилиэнньэлээх пууннарын сайыннарарга маастар-былааннар оҥоһуллуохтара диэн бэлиэтээтэ. Онуоха норуот дьокутааттарын Бырабыыталыстыбаны уонна улуустар дьаһалталарын кытта бииргэ үлэлэһэллэригэр эттэ.

Бэс ыйын 14 күнэ. Айсен Николаев «Алмаасэргиэнбаан» бырабылыанньатын бэрэссэдээтэлэ, Ил Түмэн икки ыҥырыытын дьокутаата,  Үөһээ Бүлүү уонна Горнай улуустарын бочуоттаах олохтооҕо, норуот хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, меценат Александр Миронов кэриэһигэр анаммыт саҥа кинигэ сүрэхтэниитигэр кытынна.  Ил Дархан Александр Миронов кинини кытта биир кылааска үөрэммитин, доҕоро уонна соратнига буоларын, үтүө санаалаах, патриот киһи, талааннаах салаайааччы өрөспүүбүлүкэ баанын тиһигин сайдыытыгар улахан кылааты киллэрбитин бэлиэтээтэ. Кэргэнигэр Лена Гаврильевнаҕа  кини аатын үйэтитэргэ дириҥ ис хоһоонноох кинигэни таһааттарбытын иһин махтанна.

Бэс ыйын 14 күнэ. Айсен Николаев мэдиссиинэ үлэһиттэрин идэлээх күннэринэн эҕэрдэлээтэ уонна кинилэргэ дьон олоҕун харыстааһыҥҥа. Доруобуйатын чөлүгэр түһэриигэ бэриниилээх үлэлэрин иһин махтанна. Өрөспүүбүлүкэҕэ үрдүк технологиянан мэдиссиинэ көмөтүн оҥоруу 2007 сылтан ыла сүүрбэ төгүл улааппытын бэлиэтээтэ. Бөдөҥ мэдиссиинэ кииннэрэ тутуллан, аныгы тиэхиньикэнэн хааччыллаллар. Быйыл балыыһа комплекстара Чурапчы, Муома уонна Уус Маайа улуустарыгар киирдилэр, Таатта поликлиниката тыа сиригэр хааччыллыылааҕынан дойду үрдүнэн холобур буолар. Арктика улуустарыга мобильнай быраастар 33,5 тыһыынча киһини көрдүлэр, нэһилиэнньэни диспансеризациянан хабыыны 55%-тан 78%-ҥа диэри улаатыннардылар. Быйыл таба иитэр ыстаадалары, итиэннэ 100-тэн тахса ыраах, уустук суоллаах нэһилиэнньэлээх пууннары хабыахтара.

Күндү Саха сирин олохтоохторо! Үрүҥ тунах ыһыахтарбытыгар алгыс түһэр ураты бэлиэ кэммитигэр инникигэ эрэлбит күүһүрдүн, санаабыт бөҕөргөөтүн, сырдыгы, үтүөнү ыраланыаххайыҥ.

 

Афанасий Ноев

Читайте дальше