Бэс ыйын 3 күнэ. Ил Дархан Айсен Николаев «Азия оҕолоро» оонньууларын көрсө Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университет эбийиэктэригэр бэлэмнэнии үлэтэ хайдах барарын туһунан университет ректора Анатолий Николаевы кытта көрсөн кэпсэттэ. Ол курдук, университет 7 уопсайыгар спортсменнар, делегациялар, волонтердар, культуурунай бырагыраама кыттыылаахтара олоруохтара. Өрөмүөн үлэтэ график быһыытынан барар. Манна «Юность» стадиоҥҥа, КФЕН успуорт саалатыгар күрэхтэһиилэр ыытыллыахтара, дьарыктар буолуохтара. Ону сэргэ аһатар сирдэр үлэлиэхтэрэ. Айсен Сергеевич университет эбийиэктэрэ ыалдьыттары көрсөргө бэс ыйын 10 күнүгэр бэлэм буолуохтаахтарын ыйда.
Бэс ыйын 3 күнэ. Өрөспүүбүлүкэ баһылыга «Алмазэргиэнбаан» бырабылыанньатын бэрэссэдээтэлэ Николай Долгунову кытта көрсөн, баан быйылгы түөрт ыйдааҕы үлэтин көрдүлэр. Николай Долгунов этэринэн, баан бу сыл туһааннаах кэмигэр 400 мөл. солк. үбү киллэрбит. Баан бородуукталарыттан билигин нэһилиэнньэ Уһук Илиҥҥи ипотеканан хамаҕатык туһанар. Ааспыт сыл түмүгүнэн ити көрдөрүүтүнэн дойдуга бааннар ортолоругар 7 бастыҥ ахсааныгар киирбит. Баан сервистэри тупсарыыга, сыыппараҕа көһүүгэ болҕомтону уурар. Түмүккэ Ил Дархан «Алмаасэргиэнбаан» ыытар үлэтин үрдүктүк сыаналаата, Саха сирин сайыннарыыга туһуланар бырайыактарга кыттарын уонна социальнай хайысханы үлэҕэ тутуһарын бэлиэтээтэ.
Бэс ыйын 3 күнэ. Тимир суолунан сырыыны сайыннарыы боппуруостарын Айсен Николаев «Саха сирин тимир суоллара» хампаанньа генеральнай дириэктэрэ Василий Шимохины кытта ырытта. Кытай кыраныыссатыгар Сковородино оройуонугар баар «Джалинда – Мохэ» тимир суол пуунун тутуу былаанын көрдүлэр. Бу боппуруос чох хостуур, ньиэп, гаас, ойуур бырамыысалынаһын комплексын интэриэһиргэтэр, Саха сирин социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыытыгар хамсааһыны таһаарыаҕа. Саха сирэ бырайыак олоххо киириитин түргэтэтиигэ күүскэ үлэлэһэр. Маны сэргэ хоту таһаҕаһы тиэйии боппуруоһун көрдүлэр. «Саха сирин тимир суоллара» хампаанньа үлэтин сөпкө аттарбытын түмүгэр кыһыҥҥы суол сабыллыар диэри ыраах улуустарга таһаҕас эрдэ тиэрдиллэн турар. Көрсүһүүгэ сайыҥҥы кэмнээҕи үлэ уонна хампаанньа эбийиэктэригэр тутуу уонна хапытаалынай өрөмүөнү ыытыы туһунан кэпсэттилэр.
Бэс ыйын 4 күнэ. Ил Дархан өрөспүүбүлүкэ бочуоттаах олохтооҕо, судаарыстыбаннай, бэлитиичэскэй диэйэтэл, госсулууспа бэтэрээнэ Климент Иванову кытта көрсөн, өрөспүүбүлүкэ сайдыытын боппуруостарын тула кэпсэттилэр. Айсен Николаев чугастааҕы 2030 сылга уонна инникитин 2036 сылга диэри сайдыы национальнай сыалын быһыытынан дойду Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин туруорбут тутаах соруктарын олоххо киллэриигэ билигин өрөспүүбүлүкэҕэ туох үлэ ыытылларын туһунан иһитиннэрдэ. Климент Иванов тыа хаһаайыстыбатыгар табаарынай бородууксуйаны оҥорууну сайыннарыыга ылыллар миэрэлэр тоҕоостоохторун туһунан эттэ. Ил Дархан тыа хаһаайыстыбатыгар өйөбүл кээмэйин улаатыннарыыга федеральнай Бырабыыталыстыбаны кытта утумнаахтык үлэлэһэрин эттэ. Маны сэргэ көрсүһүүгэ өрөспүүбүлүкэ бастакы Бэрэсидьиэнэ Михаил Ефимович Николаев аатын үйэтитии боппуруоһун ырыттылар. Чуолаан Климент Егорович Михаил Николаев олоҕун, үлэтин, дойдуга, өрөспүүбүлүкэҕэ киллэрбит кылаатын научнай өттүттэн чинчийии барыахтааҕын көҕүлээтэ. Бу этиини Айсен Николаев өйөөтө уонна наукаҕа тирэҕирбит үлэ бастакы Бэрэсидьиэммит нэһилиэстибэтин үйэтитиигэ, сайыннаарыыга сүрүн төһүү буолуохтааҕын эттэ. Кини Климент Егоровичка үтүө сүбэлэрин, дьоһун көрүүлэрин иһин махтанна.
Бэс ыйын 4 күнэ. Биир кэлим эксээмэн бастакы түмүктэрэ билиннэ. Литератураҕа, химияҕа, географияҕа 12 оҕо эксээмэни 100 баалга туттарбытын Ил Дархан Айсен Николаев иһитиннэрдэ. Кинилэр ортолоругар Дьокуускай, Бүлүү, Мэҥэ Хаҥалас, Мииринэй, Нерюнгри, Нам выпускниктара бааллар. Литератураҕа 9 оҕо, химияҕа икки, географияҕа биир оҕо үрдүк баалы ыллылар.
«Ис сүрэхпиттэн оҕолору, учууталлары уонна төрөппүттэри ситиһиилэринэн эҕэрдэлиибин. Саха сирэ эһигинэн киэн туттар», – диэн Ил Дархан бэлиэтээтэ. Манна даҕатан эттэххэ, биир кэлим эксээмэни 100 баалга туттарбыт оҕолорго иллэрэ сылтан Ил Дархан 100 тыһ. солк. суумалаах бириэмийэтэ туттарыллар.
Тустаах биридимиэттэргэ быйылгы биир кэлим эксээмэн орто баала ааспыт сыллааҕар лаппа үрдээбит, химияҕа уонна географияҕа алын баалы ылбатах оҕо ахсаана аҕыйаабыт.
Бэс ыйын 5 күнэ. Петербурдааҕы норуоттар икки ардыларынааҕы экэнэмиичэскэй форумҥа (ПМЭФ) Ил Дархан Айсен Николаев Индия посола Винай Кумары кытта көрүстэ. Өрүттэр бииргэ үлэлээһини сайыннарыы боппуруостарын дьүүллэстилэр, ону тэҥэ былааннары кэҥэтиини уонна бөҕөргөтүүнү торумнаатылар.
«Индияны кытары Саха сирэ уруккуттан партнердуу уонна доҕордуу сыһыаннаах. 2023 сыл түмүгүнэн Саха сирин уонна Индия табаардарын эргиирэ 15,2% улааппыта уонна 679 мөл. долларга тэҥнэһэр», — диэтэ Айсен Сергеевич.
Ил Дархан Саха сирин уонна Индия икки ардыларыгар сибээһи сайыннарыы биир сүрүн түгэнинэн VIII «Азия оҕолоро» оонньууларга Индия спортсменнара кытталларын бэлиэтээтэ. Күрэхтэһии Дьокуускайга бу сыл бэс ыйын 25 күнүттэн от ыйын 7 күнүгэр диэри ыытыллыаҕа. Санатан эттэххэ, 27-с Петербурдааҕы энэмиичэскэй форум бу сыл бэс ыйын 5 күнүттэн саҕаламмыта. Форум хонуутугар барыта 380 тэрээһини ыытыы былааннанар. Саха сирин бэрэстэбиитэллэрэ сиэссийэлэргэ, ол иһигэр Арктика, эрэгийиэн инновационнай кыаҕын сайыннарыыга, алмаас-бриллиант салаатыгар уонна да атын боппуруостарга БРИКС дойдуларын кытта бииргэ үлэлээһиннэри сайыннарыыга кыттыахтара.
Бэс ыйын 6 күнэ. Ил Дархан Саха сирин олохтоохторун Нуучча тылын күнүнэн эҕэрдэлээтэ. «Биһиги элбэх омук түөлбэлээн олорор өрөспүүбүлүкэбитигэр нуучча тыла – бу бары норуоттары түмэр уонна ыкса сибээстиир» — диэн бэлиэтээтэ. Өрөспүүбүлүкэ Наукаларын академиятын иһинэн Төрөөбүт тыллары үөрэтии, харыстааһын уонна сайыннарыы киинэ үлэлиир. Судаарыстыбаннай уона дьиҥ таһымнаах тыллары харыстааһыҥҥа уонна сайыннарыыга судаарыстыбаннай бырагыраама чэрчитинэн 50-чэ бырайыак олоххо киирэр, ол иһигэр тыллары үөрэтиигэ уонна киэҥник тэнитиигэ ИТ-бырайыактар.
Бэс ыйын 6 күнэ. Айсен Николаев Петербурдааҕы норуоттар икки ардыларынааҕы экэнэмиичэскэй форумҥа салгыы үлэлээтэ. Арассыыйа Бэрэсидьиэнин дьаһалтатын салайааччытын солбуйааччы Максим Орешкин салалтатынан дойду инновационнай эрэгийиэннэрин Ассоциациятыгар киирэр эрэгийиэннэр баһылыктарын көрсүһүүтүгэр кытынна. Тэрээһиҥҥэ Россия экэнэмиичэскэй сайдыытын миниистирэ Максим Решетников кытынна. Айсен Николаев Саха сирин холобуругар орто уонна дьоҕус урбааҥҥа инновационнай бырайыактары олоххо киллэрии уопутун сырдатта.
Саха сирин инновация сайдыытын Пуондата уонна «АЛРОСА» хампаанньа тас дойдулартан киирэр бырагырааманан хааччыйыыны солбуйарга өрөспүүбүлүкэ дьоҕус технологическай хампаанньаларын кытыннаран, олус үчүгэй бырайыагы үлэлэтэллэрин туһунан бэлиэтээтэ. Өссө биир хайысханан киинэ индустриятын сайыннарыы буоларын туһунан кэпсээтэ. Билигин киинэ тыйаатырдара киинэлэри Америка стандартынан көрдөрөллөр. Саха сиригэр Арассыыйа стандартынан киинэни көрдөрүүгэ бырайыак оҥорбуттара, эрэгийиэн 30 кэриҥэ киинэ тыйаатырыгар үлэлиир, ону тэҥэ билигин Донбасска олоххо киирэр. Стандарт уонна «Экстра Синема» киинэ тиһигэ кыра нэһилиэнньэлээх пууннарга ананар.
Бэс ыйын 6 күнэ. Айсен Николаев «Үлэһит дьон доруобуйата: саҥа саҕахтар уонна быһаарыылар» сессияҕа өрөспүүбүлүкэҕэ доруобуйаны бөҕөргөтүүгэ саҥа ньымалары олоххо киллэрии уопутун атастаста. 2021 сыл кулун тутарыгар Ил Дархан ыйааҕынан нэһилиэнньэ доруобуйатын тупсарыыга уонна доруобуйа харыстабылын тиһигин сайыннарарга туһуламмыт стратегическай ыйаах тахсыбытын санатта. Ааспыт сыл тохсунньутугар стратегия саҥардыллан, үлэһит дьон доруобуйатын харыстааһын тиһигин сайыннарыы, идэни кытта сибээстээх ыарыылары сэрэтии уонна булуу, үлэ миэстэтигэр доруобуйаны бөҕөргөтүүнү тэрийии соруктара туруоруллубуттара. «Үлэһит доруобуйата – тэрилтэ туруктаах буолуута» диэн өрөспүүбүлүкэттэҕи бырайыак олоххо киирэр. Ол чэрчитинэн эрэгийиэн доруобуйаҕа харыстабылын министиэристибэтэ хампаанньалары, тэрилтэлэри кытта сөбүлэҥ түһэрсэн, үлэһит доруобуйатын харыстааһыҥҥа анал корпоративнай бырагыраамалары үлэлэтэллэр.
Бэс ыйын 6 күнэ. Ил Дархан форумҥа бөдөҥ логистическай операторы кытта көрсүһүүтүгэр өрөспүүбүлүкэҕэ ньиэп бородууктатын таһыыны бигэтик хааччыйыы боппуруостары көрдүлэр. «Саханефтегазсбыт» ньиэп-гаас комплексын сайдыытын, дойду инжиниринговай кииннэрин көмөтүнэн «Якутскэнерго» уонна «Сахатранснефтегаз» тэрилтэлэргэ саппаас чаастары, үнүстүрүмүөннэри оҥорон таһаарыы, убатыллыбыт айылҕа гааһын туһаныы ис ырыынагын сайыннарыы боппуруостарын дьүүллэстилэр.
Бэс ыйын 6 күнэ. Айсен Николаев «Москватааҕы кирэдьиит баан» бырабылыанньатын бэрэссэдээтэлэ Николай Каторжновы кытта бииргэ үлэлиир туһунан сөбүлэҥ баттаатылар. Дьокуускай маастар-былаанын итиэннэ элбэх хайысхалаах киинэ павильонун оҥоруу бырайыагын олоххо киллэриигэ үлэлэһиэхтэрэ.
Бэс ыйын 6 күнэ. Ил Дархан уонна «Балтийскай собуот» корпорация генеральнай дириэктэрэ Александр Коноваловы кытта Жатай судоверфэтигэр анаан каадырыы бэлэмнииргэ бииргэ үлэлээһин туһунан сөбүлэҥи түһэристилэр. Сыл аайы Жатай техникумун 20 устудьуона үлэ быраактыкатын, итиэннэ уһуйааччылар уонна судоверфэ үлэһиттэрэ стажировканы Балтийскай собуокка ааһыахтара. Собуот исписсэлиистэрэ судоверфэҕэ аалы оҥорон таһаарыыны саҕалыырга көмө оҥоруохтара.
Бэс ыйын 6 күнэ. Айсен Николаев Саха сирин «Экстра Синема» хампаанньата Сувереннай технология фондатын кытта дуогабарга илии баттаһар тэрээһинигэр кытынна. Фонда хампаанньа киинэ проектордарын оҥорон таһаарыытын кэҥэтэригэр 200 мөл. солкуобайы үбүлүөҕэ. Дьокуускайга «Үлэ кыбаартала» креативнай кластерга саҥа сыах тэрийиэхтэрэ.
Бэс ыйын 6 күнэ. Ил Дархан «Арктиканы сайыннарабыт. Тымныы дойду куораттарыгар инвестициялар» дьүүллэһиигэ Саха сирин Арктикатыгар Тиксии-Найба агломерациятын сибээстээн маастар-былаанын торумнааһын боппуруостарыгар тохтоото. Найбаҕа пуорду тэрийии Күчүстээҕи бырамыысыланнас кластерыгар диэри таһаҕаһы тиэйиини хааччыйыаҕа. Агломерацияҕа уопсастыбаннай эйгэни тупсаҕай оҥоруохтара, уунан хааччыйар ситими тутуохтара, хаарбах туруктаах дьиэлэртэн дьону көһөрүөхтэрэ, социальнай эбийиэктэри уонна уулуссалары саҥардыахтара.
Бэс ыйын 6 күнэ. Айсен Николаев Арассыыйаҕа Казахстан Өрөспүүбүлүкэтин суһал уонна боломуочуйалаах посола Даурен Абаевы кытта көрсүһүүтүгэр тас эргиэн оборуотун улаатыннарыы уонна успуорт эйгэтигэр бииргэ үлэлээһин боппуруостарын көрдүлэр. Казахстаҥҥа Саха сирин ювелирнай оҥоһуктарын атыылыыр киини тэрийиигэ тохтоотулар. «Азии оҕолоро» норуоттар икки ардынааҕы оонньууларга Казахстан 250-тэн тахса киһилээх хамаанданан кыттарга бэлэм. Балаҕан ыйыгар Саха сирин спортсменнара Казахстаҥҥа буолар V аан дойдутааҕы кочевниктар оонньууларыгар кыттаары бэлэмнэнэллэр.
Бэс ыйын 6 күнэ. Саха сирэ уонна «Синергия» корпорация үөрэх бырайыактарын сайыннарыыга бииргэ үлэлээһиҥҥэ сөбүлэһии түһэристилэр. Докумуоҥҥа Ил Дархан уонна «Синергия» корпорация бэрэсидьиэнэ Вадим Лобов илии баттаатылар. Сыыппара идэлэригэр колледжка «Инники куода» бырайыак чэрчитинэн оскуола үөрэнээччилэрин уонна орто анал үөрэхтээһин тэрилтэлэрин устудьуоннарын босхо үөрэтиэхтэрэ. Итиэннэ судаарыстыбаннай сулууспалаахтар квалификацияларын үрдэтиигэ уонна салайар хамаандаларга трениннэри ыытыыга үлэлэһиэхтэрэ. «Арассыыйаҕа лазертаг федерацията» бырайыагынан тэрээһиннэри ыытыахтара.
Бэс ыйын 6 күнэ. Айсен Николаев «БРИКС дойдуларын алмаас-бриллиант салаатыгар бииргэ үлэлээһиннэрин сайыннарыы» төгүрүк остуолга тыл этэригэр күндү таастар рыноктарыгар үөскээбит быһыыга-майгыга болҕомтону уурда. Арҕаа дойдулар сокуона суох биир өттүттэн хааччахтыыр кэмнэригэр БРИКС иһинэн алмааһы-бриллианы оҥорооччулар уонна атыылаһааччылар кыттыылаах биир маркетинг стратегиятын оҥоруу улаатан иһэр саҥа Соҕуруулуу-Илин Азия уонна Чугас Илин рыноктарыгар бородууксуйаны батарарга төһүү күүс буолуо этэ диэн бэлиэтээтэ.
Бэс ыйын 6 күнэ. Саха сирэ, «ВИС» группа уонна «Газпромбаан» Дьокуускай маастар-былаанын олоххо киллэриигэ инвестиция бырайыактарыгар бииргэ үлэлээһиҥҥэ сөбүлэҥ түһэристилэр. Докумуоҥҥа Ил Дархан, «Газпромбаан» бастакы вице-президенэ Павел Бруссер уонна ВИС» группа дириэктэрдэрин сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Сергей Ромашов илии баттаатылар.
Бэс ыйын 6 күнэ. Айсен Николаев Сир баайын туһаныыга федеральнай ааҕыныстыба салайааччыта Евгений Петровы кытта көрсүһүүтүгэр Уһук Илиҥҥиэ территориятыгар сир баайын үөрэтиигэ геологическай бырагырааманы оҥоруу билиҥҥи туругун ырыттылар. 2023 сыл кулун тутарыгар Ил Дархан геологоразведкаҕа федеральнай үбүлээһини улаатыннарар уонна бу хайысхаҕа өрөспүүбүлүкэ пилотнай эрэгийиэн буоларын туһунан этиитин дойду Бырабыыталыстыбата өйөөбүтэ. Билигин Уһук Илиҥҥэ аан бастаан чинчийэргэ 70 эбийиэги талбыттар.
Бэс ыйын 6 күнэ. Ил Дархан дойду айылҕа ресурсаларын, экология миниистирэ Александр Козловы кытта көрсһүүтүгэр ойуур баһаардарын бохсууга бииргэ үлэлээһин боппуруостарын көрдүлэр. Өрөспүүбүлүкэҕэ эрдэттэн бары ойуур баһаарын бохсор тэриллиилэр бары күүстэрэ бэлэм буолбута. Билигин эбии федеральнай резервэттэн парашютист-десантниктар кэлбиттэрэ. Ардаҕы аҕалар икки зондировщик сөмөлүөт үлэлииллэр.
Бэс ыйын 7 күнэ. Айсен Николаев форум култуураҕа саҥа сүүрэннэригэр анаммыт сиэссийэтигэр өрөспүүбүлүкэҕэ олоххо киирэр улахан бырайыактар туһунан кэпсээтэ. Саха сиригэр 2000 сылтан 200-тэн тахса култуура эбийиэгэ, үксэ тыа сиригэр тутулунна. Инфраструктураны оҥорорго чааһынай инвестициялар эмиэ туһаныллалларын, ол курдук Эпос уонна искусство Арктикатааҕы киинэ үлэҕэ киирэрэ чугаһаабытын, итиэннэ дойду Бэрэсидьиэнин өйөбүлүнэн, Дьокуускай маастар-былааныгар Киинэ павильонун тутуута киирбитин туһунан эттэ.
Бэс ыйын 7 күнэ. Айсен Николаев форумҥа «Губернатордар кулууптарын» мунньаҕар өрөспүүбүлүкэҕэ патриотическай иитии уопутун кэпсээтэ. Өскөтүн биһиги ыччаппытыгар патриотизмы тарҕаппатахпытына — дойдубут өстөөхтөрө бу дьыалаҕа ылсыахтара, «Россия ыччата» саҥа национальнай бырайыак чэрчитинэн уопуппутун дойду бары эрэгийиэннэригэр тарҕатарга бэлэммит диэн Айсен Николаев бэлиэтээтэ.
Бэс ыйын 7 күнэ. Айсен Николаев «Сколково» фонда бырабылыанньатын бэрэссэдээтэлэ Сергей Перовтыын көрсүһүүтүгэр информационнай технология эйгэтигэр Саха сирин бырайыактарын ырыттылар. Ол курдук, «Саха-Восход» тэрилтэ саҥа технология, мэдиссиинэ, робототехника стартаптарын сайыннарарга тэриллибитэ. Бырагырааманан хааччыйыыга Өрөспүүбүлүкэҕэ инновация сайдыытын фондата үлэлиир. Ити бырайыактарга бииргэ үлэлээһин кыахтарын дьүүллэстилэр.
Бэс ыйын 7 күнэ. Саха сирин уонна Беларусь Гродненскай уобалаһа 2025-2027 сылларга бииргэ үлэлэһии туһунан урут түһэрсибит сөбүлэҥнэрин олоххо киллэрэр тэрээһиннэр былааннарыгар Ил Дархан уонна Гродненскай уобалас ситэриилээх кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Виталий Невера илии баттаатылар. Чуолаан, эргиэн оборуотун улаатыннарыыга, туризм, ойууру чөлүгэр түһэрии эйгэлэригэр, сервис кииннэригэр, массыынаны оҥорууга бииргэ үлэлэһиэхтэрэ.
Бэс ыйын 7 күнэ. Айсен Николаев АЛРОСА хампаанньа генеральнай дириэктэрэ Павел Маринычевы кытта Саха сиригэр Улугурскай уонна Эргеджейскэй ньиэптээх-гаастаах лицензионнай учаастактары баһылаан бииргэ үлэлииргэ сөбүлэһиигэ илии баттастылар. Маныаха АЛРОСА уонна «Сахатранснефтегаз» тэрилтэлэр үлэлиэхтэрэ.
Бэс ыйын 7 күнэ. Ил Дархан дойду тырааныспарга миниистирэ Роман Старовойту кытта көрсүһүүтүгэр Саха сиригэр улахан бырайыактар тула кэпсэттилэр. Өлүөнэ күргэтин тутуу бырайыагын оҥоруу түмүктэммитэ, федеральнай үбүлээһин кээмэйигэр бастакы быһаарыылар ылыллыбыттара. Роман Старовойт бырайыагы өйүүрүн биллэрдэ. Айсен Николаев сорох аэропортары саҥардыыны федеральнай бырайыакка киллэрэр туһунан этиини киллэрдэ.
Бэс ыйын 7 күнэ. Айсен Николаев дойду успуортка миниистирэ Михаил Дегтяревы кытта Дьокуускай уонна Нерюнгри маастар былааннарын олоххо киллэриигэ успуорт эбийиэктэрин тутуу боппруостарын ырыттылар. Барыта 7 эбийиэк — 6 элбэх функциялаах успуорт комплекса уонна биир гимнастика киинэ оҥоһуллуохтаах. Ил Дархан уонна миниистир VIII «Азия оҕолоро» норуоттар икки ардыларынааҕы оонньуулар сүрэхтэниилэригэр кытыннылар.
Бэс ыйын 7 күнэ. Айсен Николаев Петербурдааҕы экэнэмиичэскэй форум пленарнай мунньаҕар кытынна. Манна Арассыыйа Бэрэсидьиэнэ тыл эттэ уонна ыйытыыларга хоруйдаата. Владимир Путин Уһук Илин уокурук сайдыытыгар ураты болҕомтотугар ылан, дойду социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыытын кэлимник сайыннарыы бырагырааматын туһунан кэпсээтэ. Дойду Судаарыстыбаннай Сэбиэтин иһинэн Арктика эрэгийиэннэрин уонна хотугу муора суолун сайыннарар хамыыһыйата тэриллиэҕэ.
Ил Дархан Петербурдааҕы форум түмүгүн таһаарарыгар Саха сирэ бу сылга 40 млрд солк кэриҥэ уопсай суумалаах 14 сөбүлэҥи түһэрсибитин туһунан иһитиннэрдэ.
Күндү Саха сирин олохтоохторо! Айылҕа чэлгийэн, үрүҥ түүннэр тулабытын сырдатан, улуустарга ыһыахтар саҕаланан, өрө көтөҕүллүү кэмигэр барыта этэҥҥэ буоллун, чэгиэн туругу баҕарабын!
Афанасий Ноев