Кирбэй нэһилиэгин  «Кирбэй кийииттэрэ” түмсүү чилиэннэрэ анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтара уолаттарга анаан эбэбит үүттээх тааһынан, муоһунан, сиэлинэн харысхаллары оҥорон  туттардылар.

Харысхаллар бэрэстэбиитэллэр илиилэригэр тиксэн сахабыт сириттэн сылдьар уолаттарга тиийиэхтэрэ. Туохтан да туора турбат “Кирбэй кийииттэрэ” түмсүү ийэлэрэ ис сүрэхтэриттэн, кыайыыга кынаттыыр санаа күүһэ тиийдин диэн эрэлинэн  салайтаран оҥорбут харысхаллара  байыастарга тиийэн күүс-уох эптин, дойдуларын тыынын кынат оҥостон кыайыы көтөллөөх, бары этэҥҥэ эргиллэн кэллиннэр диэн эрэнэ күүтэбит.

Кийииттэргэ махтал буоллун, эһиги илиигит сылааһынан айыллыбыт харыстыыр аналлаах оҥоһуктаргыт байыастары араҥаччылыы, арчылыы, көмүскүү сылдьыахтыннар. Маннык хас биирдии түмсүү, түөлбэ араас матырыйаалынан оҥорон-айан кыттан иһэллэрэ буоллар, хорсун уолаттарбыт өссө күүстээх харысхаллаах буолуо этилэр.

Бу ый бүтүүтэ нэһилиэккэ көлүөнэлэринэн спорт оонньууларыгар, волейболга, баскетболга, дуобакка, саахымакка, хабылыкка, сыал ытыыга күрэхтэһиилэр ыытыллыахтара. Мантан киирбит харчы анал байыаннай дьайыыга сылдьар оҕолорбутугар барыаҕа.

Надежда Колодезникова

Читайте дальше