2023 сылга Өлөөн эбэҥки национальнай оройуонун киэн туттар тэрилтэтэ- “Кэнчээри” уһуйаан өрөгөйдөөх 70 сыллаах үбүлүөйэ буолар. Бу кэм устата төһөлөөх оҕо бу сырдык кыһаҕа сылдьыбыта, сайдыбыта буолуой? Төһөлөөх оҕо олох олорор бастакы сатабылларын, үөрүйэхтэрин ылбыттара буолуой? Бу дьааһылаҕа оҕолорун биэрэн, төһөлөөх төрөппүт төрөөбүт дойдубут Өлөөммүт сайдарыгар үлэлээбиттэрэ буолуой? Ол туоһутунан көмүс ньээкэ уйаҕа иитиллибит дьоннор, төрөппүттэр махталларын бу үбүлүөйгэ сыһыаран этэллэр, махтаналлар. Кэнчээрилэр үбүлүөйдэрэ –барыбыт киэн туттуубут.
Быйылгы үөрүүлээх үбүлүөйгүтүнэн, Кэнчээри уһуйаан күндү бэтэрээннэрин, иитээччилэрин, үлэһиттэрин, иитиллээччилэрин, төрөппүттэрин оройуон администрациятын, Өлөөн улууһун олохтоохторун уонна тус бэйэм ааппыттан итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибин. Кэнчээри диэн ааккыт курдук өссө да эбэҥки норуотун кэнчээри ыччата бу уһуйааҥҥа иитилиннин, сайыннын!
Мин, 2020 сылтан улуус баһылыгынан быыбарданан төрөөбүт оройуонум сайдыытыгар бары күүспүн-кыахпын ууран үлэлии сылдьабын. Үлэбэр киирээт, оройуонум тэрилтэлэрин, тэрилтэ салайааччыларын кытта ыкса үлэлэһэбин. Кинилэр үлэлэриттэн, ситиһиилэриттэн оройуоммут сайдыыта быһаарыллар. Кинилэр истэригэр ис киирбэх үлэлээх, биир ньыгыл уонна доҕордуу сыһыаннаах улахан кэлэктиип- Кэнчээри уһуйаан баар. Бу тэрилтэни 29 сыл устата биир тэҥник уонна ситиһиилээхтик оройуоммут биир бастыҥ Далбар хотуна Алла Тарасовна Петрова салайар. Кини сатабыллаах салайыытынан уһуйаан үлэтэ сөҕүмэр ситиһиилээх. Баһылык быһыытынан үлэлээбит бастакы сылбар бу Кэнчээри тэрилтэ оройуоҥҥа ыытыллар тэрилтэлэр икки ардыларынааҕы күрэхтэһиигэ Сыл бастыҥ тэрилтэтэ үрдүк ааты ылбыта. Ол кэмтэн ыла Кэнчээрилэр бу ааты хаһан да түһэн биэрбэккэ, араас таһымнаах Арассыыйа, республика күрэхтэригэр кыттан, төрөөбүт оройуоннарын аатын ааттаталлар. Ол иһин мин, оҕо иитиитигэр дойдубут аатын Арассыыйа да, республика да туонатыгар куруук дорҕоонноохтук ааттаталлар диэн киэн тутта этэбин. Кырдьыга да оннук. Тоҕо диэтэххэ, бастатан туран бүтүн оройуон сайдыытыгар, дьонугар-сэргэтигэр эппиэтинэстээх киһиэхэ салайар дойдум дьоно ситиһиилэрэ күүспэр күүс, эрчим эбэр. Иккиһинэн, оҕо тэрилтэтэ оройуоммутугар кэнэҕэски өртүгэр патриоттары, салайар, сайыннарар дьоннору иитэн таһаарар. Иитии- үөрэтии эйгэтин дьонноро оннук улахан эппиэтинэһи сүгэллэр. Онон, бүгүҥҥү кырачаан оҕолорбут- инники өртүгэр төрөөбүт дойдуларыгар олохсуйар, өбүгэлэрин суолунан туохтан да толлон турбат үлэһит, эбэҥки норуотун сиэрин-туомун омук быһыытынан илдьэ хаалар сатабыллаах олохтоохтор буолан, төрөөбүт дойдуларыгар үлэлиэхтэрэ турдаҕа. Онон, бүгүҥҥү Кэнчээри уһуйаан үлэтэ инники олохпут кэскилэ буолар. Оройуоҥҥа үлэлиир оскуола иннинээҕи оҕолору бэлэмниир уһуйааннарга холобур буолар.
Улууспут кэнчээри ыччаттара чөл өйдөөх-санаалаах, чиргэл доруобуйалаах буоллуннар диэммит, улуус бүддьүөтүттэн оҕону иитэр тэрилтэлэргэ аһыыр астарын толору хааччыйарга үлэлэһэбит. Биллэн турар, олохтоох бородууксуйанан — таба этинэн, балыгынан аһыылларыгар улахан болҕомтобутун уурабыт. Биһиги оройуоммутугар үрүҥ аһынан хааччыйыы уустуктардааҕын үрдүнэн оҕо тэрилтэлэрин оҕолорун аһатарга диэн бу күһүҥҥүттэн Байылыат үүт-ас сыаҕын арыйарга былаанныыбыт. Оччоҕо оҕолорбут барахсаттар олохтоох бородууксуйаны — сибиэһэй үүт, кефир, йогурт сиэннэр рационнарыгар күннээҕи битэмииннэрин ылыахтара диэн үөрэбит.
«Кэнчээри» уһуйаан сэбиэдиссэйэ Алла Тарасовна тэрилтэтин нэдиэлэтээҕи ситиһиилэрин куруук биллэрэр, сэһэргиир. Кырачаан оҕолор, иитээччилэр, кэлэктиип үлэтиттэн, ситиһиилэриттэн олус үөрэбин, киэн туттабын уонна бу аныгылыы, тупсаҕай дьиэҕэ үлэлиир оҕо саарыстыбатыгар дьикти олох баарын дууһабынан ылынан, үөрэн туран Очень радостно и весело живут в этой планете диэн этэбин. Кырдьыга даҕаны, кыра оҕо дьоллоох оҕо сааһы билиэхтээх. Биһиги түөрт бииргэ төрөөбүттэр дьыссаакка сылдьыбыт дьоллоох дьоммут. Убайдарым Геннадий, Вадим, быраатым Александр, мин бэйэм иитээччи араас аралдьытар дьарыктарыгар сылдьан сайдыбыппыт, ас астааччы минньигэс аһынан улааппыппыт, бэйэбит саастыы оҕолору кытта оонньообут, доҕордоспут дьоллоохпут. Оччолорго да, оҕо иитиитэ бастакы миэстэҕэ турара, оттон билигин олох сайдан, иитэр хайысхаҕа исписэлиис элбээтэ, көрдөрөр-иһитиннэрэр, сайыннарар араас бырагырааммалар элбэхтэр. Билиҥҥи ирдэбил-дойдутун таптыыр патриот, үрдүк билиилээх, үлэһит үтүөтэ киһини иитэн таһаарыахтаахпыт. Ол ирдэбиллэргэ сөп түбэһиннэрэн, бу Кэнчээри уһуйаан курдук куруук инники сылдьар, иллээх-эйэлээх, түмсүүлээх тэрилтэ сайдыылаах олох үтүө-мааны дьоннорун иитэн таһаарарыгар саарбахтаабаппын. Онно, сатабыллаах салайааччылара Алла Тарасовна сирдиир, инникитин даҕаны сирдиэҕэ диэн эрэллээхпин.
Кэнчээрилэр оройуон, нэһилиэк ыытар дьаһалларыгар куруук кытталлар, ыччаты иитэргэ куруук үтүөкэннээх бырайыактардаахтар, элбэх ситиһиилээхтэр, киһи онтон үөрэр. Бу үһүйаан оройуоҥҥа элбэх оҕону хабан иитэр кыһа. Кистэл буолбатах, оҕолорун ииттэриэн баҕалаах төрөппүт да элбэх буолааччы.
Сэбиэдиссэй Алла Тарасовна туһунан ахтан аһарар тоҕоосттох. Тэрилтэ сайдыы-та-салайааччытыттан тутулуктаах. Алла Тарасовна оройуон Мунньаҕын (Сугулаан) I, II, III, IV ыҥырыылаах депутынан, дьон-норуот итэҕэлин ылан, талыллан күн бүгүнүгэр дылы үтүө суобастаахтык үлэлии сылдьар. Быйыл ыытыллар быыбарга бэһис төгүлүн депутакка кандидатынан турарга сөбүлэстэ. 2022 сылтан “Биир ньыгыл Арассыыйа” политическай партия толорооччу сэкирэтээринэн үлэлии сылдьар. Уопсастыбаннай үлэҕэ эппиэтинэстээҕэ, толоругаһа, дьыаланы тиһэҕэр дылы тиэрдэрэ – кинини үлэҕэ буспутун-хаппытын туоһулуур. Кини судаарыстыбаннай да, уопсастыбаннай да үлэтин кыайа-хото тутар салайааччы быһыытынан убаастабылы ылар.
2018 сылга, оччолорго Александр Степанович Иванов улуус баһылыгынан үлэлии олорор кэмигэр бу кэрэ көстүүлээх, тупсаҕай оҥоһуулаах таас дьиэ тутуллубута. Кырдьык даҕаны, бу кыһа — оройуоммут киэн туттуута.
Бу таас дыбарыаһы кэлэктиип иһин-таһын киэргэтэн-симээн, тапталлаах Өлөөммүт кырачааннарын иитэр-сайыннарар кыһа буоларыгар үлэлэһэр, сүрэхтэрин сылааһын биэрэр, оҕо иитиитигэр олохторун анаабыт бэтэрээн үлэһиттэри, төрөппүттэри, иитиллээччилэри өссө төгүл ис сүрэхпиттэн эҕэрдэлээн туран чиргэл доруобуйаны, ситиһиилэри, дьиэ-кэргэҥҥэ этэҥҥэ буолууну, элбэх үөрүүнү-көтүүнү баҕарабын.
Үүт тураан күөллэрдээх, Өлөнүөк өрүстээх, хаар-тибии аргыстаах туундара сирдээх, тымныы сытыы тыаллаах, таба диэн мааны кыыллаах, көс олохтоох эбэҥки норуот өлбөт-сүппэт баайа — кэнчээри ыччаттарбыт маннык сырдык кыһаҕа иитиллэр буоллахтарына норуот эстибэт дьылҕаланыа, самныбат саргыланыа!
Лена Степановна Иванова, Өлөөн эбэҥки национальнай оройуон баһылыга.