Былыргыттан табаһыт ыал бары тутуспутунан көһө сылдьан оҕолорун таба мындыр идэтигэр уһуйаллар, ол кэнниттэн сиэннэрин бэйэлэрин өбүгэлэрин идэтигэр табаҕа олордо сылдьан үөрэтэллэрэ билиҥҥи кэмҥэ сэдэх көстүү.
Ол эрээри, биһиги оройуоммутугар оннук ыалынан Степановтар династияларын ааттыахха сөп. Валентина, Василий Степановтар оҕолорун, сиэннэрин кытта бүгүҥҥү күҥҥэ бары тутуспутунан көһө сылдьаллар. Ыал аҕа баһылыга Василий Иванович биһигин ыйаабыт сирэ — Өлөөн эбэ уҥа салаатын Арҕаа Салаа эбэ үрдүгэр турар Кирбэй. Кини манна олохсуйан олорбут табаһыт дьиэ кэргэҥҥэ иккис оҕонон 1943 сыллаахха күн сирин көрбүтэ, сэрии сылларын оҕото. Василий оҕо сааһа төрөөбүт сиригэр ааспыта. Кини ол саҕанааҕы оҕолор курдук дьонун кытта таба ортотугар сүүрэн-көтөн оҕо сааһа ааспыта. Киһини өйдүүр буолуоҕуттан таба үрдүтүгэр сылдьар.
Убайын Степан Ивановиһы атын ыстаадаҕа биригэдьииринэн анаабыттарыгар, убайа бэйэтин оннугар таба ыстаадатын быраатыгар Бааскаҕа туттарбыта. Онтон ыла бэйэтэ үлэ үөрүйэхтэригэр иитиллэн аймах бырааттарын, ыччаттары сүбэлээн-амалаан үлэлэппитэ. Табаны дьыл кэмин уларыйыытынан көрүү-харайыы, көлө табаны үөрэтии ымпыгын-чымпыгын үөрэтэр наставник буола үүммүтэ.
Василий Иванович түбүктээх үлэтэ үрдүктүк сыаналанан СӨ тыатын хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, Бочуот знага уордьаннаах, Саха сирин АПК –тын бочуоттаах үлэһитэ үрдүк ааттары сүгэр. Василий көнө, сымнаҕас майгылаах, салайар дьонугар биир тэҥник сыһыаннаһар буолан биригээдэтин үлэтэ өрүү ситиһиилээх. Аҕа быһыытынан оҕолоругар, сиэннэригэр бастыҥ сүбэһит, кэргэнигэр эрэллээх эркин.
Василий төһө элбэх хаар-самыыр, уот куйаас, туман-буурҕа быыһынан табанан сылдьан таба үөрүн харайан кэлбитэ буолуой? Быйыл 80 сааһын туолла, күн бүгүнүгэр диэри табаларыттан илиитин араарбакка салайа сылдьыбыт ыстаадатыгар көһө сылдьаллар. Кини совхоз 1961 сыллаахха хайа тэриллиэҕиттэн ханна да халбарыйбакка, биир ыстаадаҕа олоҕун анаата. Аҕалаах ийэтэ кини алтыска үөрэнэ сырыттаҕына Бүлүүнэн, Сааскылааҕынан табанан бэдэрээт тиэйиитигэр үлэлииллэрэ.
Биирдэ кыһын аҕатын Иван Николаевиһы бэдэрээттэн кэлэн иһэр киһини сайыһан тыаҕа барсыбыта, онтон ыла тыа киһитэ буолан хаалбыта. Кэлин, кэтэхтэн үөрэнэн оскуоланы бүтэрбитэ. Ардахтаах күннэргэ, таба налыччы туран аһыыр кэмигэр, нууччалыы, сахалыы кинигэ ааҕарын сөбүлүүр. Ону батан, оҕолоро эмиэ кинигэни ааҕалларын сөбүлүүллэр.
Степановтар оҕолоро Семен, Христофор, Христина, Валентина, Иннокентий, Василий бары Күөнэлэкээн көс оскуолаҕа үөрэммиттэрэ. Тыаҕа уол, кыыс үлэтэ диэн араарбаккын, кыргыттар эмиэ аҕаларын кытта күнүс таба манаһан, түүн табаны кэтээн бары тэбис-тэҥҥэ улааппыттара.
Кыра уолтан ураты бары ыал буолан, Степановтар удьуор утумун салҕаан таба иитиитигэр үлэлээн билигин бары араас тэрилтэҕэ үлэлииллэр. Аҕаларын, ийэлэрин туйаҕын хатаран уолаттара Христофор, Вася табаһыттыыллар. Христофор Васильевич оскуола кэнниттэн Уус-Алдан Суоттутугар сварщик, водитель, слесарь идэтин баһылаабыта. Ол кэнниттэн Армияҕа сулууспалыы барбыта, ити сылдьан Чечня сэриитигэр сылдьан бойобуой дьайыылар бэтэрээннэрэ буолбута. Сулууспа кэнниттэн биир сыл электростанцияҕа үлэлээбитэ. Уонна тыаҕа улааппыт буолан, табаларын ахтан дьонугар бостууктуу барбыта. 2011 сылтан аҕатын биригээдэтин тутан биригэдьииринэн үлэлии сылдьар. Кини уоппуска ылар кэмигэр быраата Василий солбуйан биригээдэни салайар.
Дьэ итинник, таба барахсан кута иҥмит дьонноро ханнык да ыарахантан чаҕыйбакка төрөөбүт- үөскээбит тыаларыгар бара тураллар. Табаһыт үлэтэ өрүү ыарахан, билигин да табаны кэтии-маныы сырыттахха эрэ адьырҕа кыылтан, кумаартан харыстыыгын. Табаһыт идэлээх дьоҥҥо ураты болҕомто ууруллара өссө улаатара буоллар…
Надежда Колодезникова