Кирбэй ийэлэрэ харысхал оҥороллор

Кирбэй ийэлэрэ бу күннэргэ анал байыаннай дьайыыга сылдьар уолаттарга харысхал оҥороллор.

Ийэлэр, Өлөөн Эбэ дьикти оҥоһугунан: хас эмэ сыллар, үйэлэр тухары үүттээн оҥорбут хаптаҕай тааһын хомуйан, сууйан-сотон, киэргэтэн уолаттарга дойду тыынын тиэрдэр күүһү иҥэрэн кытыанынан, сиэлинэн буруонан арчылаан ыытаары бэлэмнииллэр.

Ийэлэр, эбэлэр дьиэлэригэр эмиэ оҥорон «Ийэ мичээрэ» түмсүүгэ туттараллар. Айылҕа оҥоһуутун ыларга хайаан да көҥүллэтэн, атастаһан ылар өбүгэ саҕаттан тутуһуллар үгэс. Ол эбэтэр, алаадьы, сапкай, тимир харчы ууруллар. Бу суруллубатах үгэһи толорон туран ыллахха харыстыыр, эмтиир күүһэ үчүгэй буолар диэн аҕа саастаах дьоммут үөрэтэр буолаллара.

Далбар хотуттар сылаас илиилэринэн оҥоһуллубут харысхаллары — уолаттарга дойдуларын сылаас салгынын, күүстээх тыынын тиэртин — диэн санаанан салайтаран оҥороллор.

Читайте дальше