Муус устар 29 күнүгэр Кирбэй нэһилиэгэр, күөх Маай уонна Үлэ бырааһынньыгын уруйдаан, Маайында ытык сиригэр оттук мас бэлэмнээһинигэр субуотунньук ыытылынна.
Нэһилиэк баһылыгын Владислав Николаев көҕүлээһининэн, хамаандатынан үлэ күүстээхтик ааста, кыыстыын уоллуун бииргэ буолан туруоруммут сыал сорук, былаан туолла.
Субуотунньук кыттыылаахтарыгар шашлык, итии миин, чэй бэлэмнээн, араас ас эгэлгэтэ тэлгэнэн айылҕаҕа мааны остуол тэрилиннэ.
Күргүөмнээх үлэбит күнүн Владислав Васильевич үгэс буолбут хамаанданан күрэхтэһиитэ толорон биэрдэ.
Күрэхтэһии түмүгүнэн 1 миэстэ кылаан кыайыылааҕынан «Кирбэй» хамаандата (хапытаана Николаев Л. В.) буолла, 2-с миэстэни «Маайында» (хап. Игнатьев В. Ю.) ылла, 3-с миэстэ — «Дьулуур» (кап. Алексеев Т. А.) буолан грамота уонна мэтээл ылан үөрүү өрөгөйүн туттулар.
Сыал ытыыга курэхтэһии түмүгүнэн, бастакы миэстэ Лена Александрова, иккис миэстэ Дора Солдатова, үһүс миэстэ Леонид Николаев — «сытыы харах» үрдүк ааттара иҥэриллэн мэтээл ыллылар.
Субуотунньук-маевка күнүн комплекснай киин үлэһитэ Симонова С. Х. флешмоб үҥкүүлэтэн кыраһыабайдык түмүктээтибит.
Көхтөөх кыттыыны ылбыт комплекснай киин, Кирбэй кулуубун, бибилитиэкэ үлэһиттэригэр, олохтоох администрация тутаах үлэһитигэр Николаев Л. В-ка, кыттыбыт дьоммутугар барҕа махтал буолуохтун! Үлэлээн, айылҕалыын алтыһан, дуоһуйа сынньанан тарҕастыбыт.
Өлөөн улууһун олохтоохторун сааскы чаҕылхай — үлэ бырааьынньыгынан итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибит! Олох-дьаһах доруобай, чэгиэн, ситиһиилээх буолуҥ. Уруйдаах үлэлэниҥ, уйгулаах олохтонуҥ! Үлэ-үөрүү, Үлэ-дьол, Үлэ-үүнэр, сайдар суол!
Сонуҥҥа анаан Сардана Степанова, аҕам саастаахтар реабилитацияланар кииннэри сэбиэдиссэйэ, общкорр.
ааптар хаартыскаларын уонна видеотын телеграм ситимҥэ көрүөххэ сөп