Кыһын кэлбитин биллэрэн тымныы күннэр саҕаланнылар. Күһүнэ уһуннук сылаас турбутун ситиһиэ, сотору тымныйыа  диэн аҕам саастаах дьоммут кэпсэтэллэрин оҕо сылдьан истэр этибит.

Кыһын кэлиитэ  табаһыттарга улахан суолталаах, көп хаар түстэҕинэ таба үөрэ кыстаан аһыыр сирин булан тохтуур, кыыл таба эмиэ кыстыыр сирин булар.

Кыстыкка көһөн кэлии бэйэтэ туспа тутуһуллар быраабылалардаах буолар. Табаны тохтоторго сыл иннинэ сири, маршруту көрүнэн үөрэтэллэрэ, “эһиил бу эбэҕэ, үрдүк сискэ арааннанан кыстыахпыт” диэн суоттаналлара, оттук мастаах сири кэрийэн тохтууллара. Араан оннун көрүнэн ампаардаан, туох көстөрүнэн муосталанан балаакканы саба тиирэннэр, олохсуйаллар. Дьиэ табатын, көлүнэр табаны араарынан эмиэ аһыыр сирин көрүнэн, барытын ымпыктаан- чымпыктаан оҥостоллор.

Сүрүн, улахан үөрү дьиэттэн тэйиччи хаһыыланар аһыыр сиригэр тохтотоллор. Ол кэнниттэн, күн аайы сыарҕалаах табанан баран, мииннэринэн хаһыыларын хайан чөкөтөн биэрэллэр. Ити курдук күн аайы үөргэ тымныыны, хараҥаны аахсыбакка биир да өрөбүл күнү билбэккэ үлэлииллэр.

Сарсыарда дьиэ табата киириэр диэри дьиэ ис-тас үлэтин үмүрүтэ охсоллор. Күннээҕи оттук маһын хайытыы, хаар түһэриитэ. Тыа киһитэ син биир үлэтэ суох олорбот, сыарҕалар сыҥаахтарын иэҕэргэ оттор инчэҕэй мас эрбээһинэ, күөдьүтүүгэ анаан кыспа, абыргал бэлэмнээһинэ.

Табаттан кэлэн сыарҕа  атахтарын, байкаларын, сыҥаахтарын суоруу, үүттээһинэ, ичигэс күнү күүтэ сылдьан отуу оттон сыҥаах иэҕиитэ, саас көһөргө диэри таһаҕас тиэйэр сэтии, олох сыарҕалары ситэри оҥостуу. Бу барыта күннээҕи, хаһан да бүппэт тыа киһитин үлэтэ.

Киэһээҥҥи аһылыкка бүгүн ким ханан сылдьыбытын,  таба хаһыыта төһө кэҥээбитин туһунан кэпсэтии буолар. Сарсыҥҥы күнү былааннаныы, ким муус ыла барарын, ким мас тартарарын, ким сиргэ суол көрө барарын уопсай үлэни аттарыы.

Үөр хайа кырыытыгар ханнык бэлиэ таба баарын кытта бэлиэтээн көрүллэр, ол таба хаамыытын туругун үөрэтэргэ саамай улахан бэлиэ буолар.

Кыһын халыҥ хаарга  таба тохтоото диэн табаһыт барахсан тиэрэ түһэн сыппатаҕа, куруук үлэлии сылдьар, аны тымныыттан кэлэн итии астаах тоһуйар тутаах киһинэн дьиэ үлэһитэ буолар. Хас киһи кэллэҕин аайы остуолугар минньигэс, сылаас аһынан маанылааччы кини. Ол быыһыгар кырачаан оҕолорун бэрийиэ, онтон үтүлүк, этэрбэс абырахтыа, сылайары билбэккэ саҥа саҥыйах тигиэ. Дьэ, итинник табаһыт ыал, ыстаада киһитин олоҕо. Сарсыардаттан киэһээҥҥэ диэри тохтообокко хамсаныы, бүтэрии, оҥоруу. Дьиҥэ олоххо дьол диэн ити буоллаҕа, сөбүлүүр үлэ, таптыыр дьарык, онтон ордук үчүгэй баар буолуон да сатаммат.

Читайте дальше