Конференцияҕа Ил Түмэн бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Александр Жирков салайааччылаах Саха Өрөспүүбүлүкэтин делегацията кыттыыны ылла. Делегация састаабыгар М.К. Аммосов аатынан Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университет проректора Ньургун Максимов, история факультетын декана Наталья Стручкова, журналистика кафедратын сэбиэдиссэйэ Олег Сидоров бааллар.
Сирэй кыттыылаах уонна куйаар нөҥүө холбонуулаах конференцияҕа Россия Федерациятын, Белоруссия, Кыргызстан, Казахстан, Саха Сирин (чуолаан Максим Аммосов аатынан Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университет) учуонайдара, чинчийээччилэрэ кытыннылар.
Александр Жирков конференция кыттыылаахтарыгар Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дарханын анал эҕэрдэтин тиэртэ. Айсен Николаев эҕэрдэ суругар Кыргызстан уонна Казахстан Өрөспүүбүлүкэлэрин салалталарыгар, конференция кыттыылаахтарыгар саха норуотун уһулуччулаах уола Максим Кирович Аммосов туһунан үтүө өйдөбүллэрин, дириҥ кэриэстэбиллэрин иһин саха норуотун аатыттан махталын тириэртэ. Максим Кирович Аммосов кылгас эрээри, баай ис хоһоонноох олоҕор үс өрөспүүбүлүкэ судаарыстыбалаах буолуутугар, түүр омук бу норуоттарыгар оҥорбут үтүөтэ умнуллубат сүдү суолталаах. Ол да иһин кини туһунан өлбөөдүйбэт өйдөбүл бүтүн дойдуга, саха, кыргыз уонна казах дьонугар өрүү тыыннаах. Кыргызстааҥҥа Максим Аммосовка аналлаах норуоттар икки ардыларынааҕы таһымнаах конференция чаҕылхай Максим олохтообут үтүө дьыалата салҕана, байытылла турарын, бииргэ үлэлээһин үгэстэрин бөҕөргөтөр аналлааҕын дьиҥ туоһутунан буолла.
Александр Жирков конференцияҕа ырытыллар боппуруос урукку өттүгэр биирдиилээн чинчийиилэртэн ураты, өр кэм устатыгар ахтыллыбакка сылдьыбытын туһунан эттэ. “Омук национальнай интэлигиэнсийэтэ үөскээһинигэр, культура уонна общество сайдыытыгар омук бас-көс дьонун быһыытынан билиниллибит салайааччылар, лидердэр, сирдьит дьон суолталарын, өҥөлөрүн чинчийиигэ бүгүн олус кэрэхсибиллээх кэпсэтии саҕаланна”, — диэн Саха сирин Ил Түмэнин бастакы вице-спикерэ анаан бэлиэтээтэ.
Салгыы Александр Жирков бу сырыытыгар Кыргыз Өрөспүүбүлүкэтин государственнай секретара Сүйүнбек Касмамбетовы, Кыргызстан парламенын — Жогорку Кенеш салалтатын, Алыкул Осмонов аатынан Национальнай библиотека уонна Кыргызстан национальнай историческай музейын салалталарын, Жусуп Баласагын аатынан Кыргызстан национальнай университетын ректорын кытта көрсүтэлээтэ.
Саха сирин делегацията Кыргызстан Өрөспүүбүлүкэтигэр баар кэмигэр улуу гуманист суруйааччы Чингиз Айтматов төрөөбүтэ 95 сылыгар аналлаах Россия Федерациятын культуратын күннэрэ ыытылыннылар. Россия Федерациятын культуратын күннэрин чэрчитинэн Александр Жирков КӨ национальнай библиотекатыгар уонна КӨ национальнай музейыгар «Под знаком Чингиза Айтматова» түмсүүлэргэ кытынна, бу тэрээһиннэргэ мустубут араас омук бэрэстэбиитэллэрин иннигэр Чингиз Айтматовы, Максим Аммосовы уонна Саха сирин ситимниир дьоһун иһитиннэриилэри оҥордо.
Кыргыз Өрөспүүбүлүкэтин Баһылыгын дьаһалтатыгар көрсүһүүгэ Александр Жирков Кыргызстан государственнай секретарыгар Сүйүнбек Касмамбетовка Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дархана Айсен Николаев Чингиз Айтматов 95 сааһынан эҕэрдэтин тириэртэ. Көрсүһүү түмүгүнэн Кыргыз Өрөспүүбүлүкэтин государственнай секретара Саха сирин официальнай делегациятын кэлэр 2024 сылга кыргыз норуотун судаарыстыбаннаһын 100 сылын бэлиэтиир тэрээһиннэргэ кытталларыгар ыҥырда.
Кыргызстан уонна Саха сирин парламеннарын бииргэ үлэлээһиннэрин, омуктар культураларын алтыһыыларын уонна общественнай сибээстэри бөҕөргөтүүгэ, уруулуу омуктар мэҥэ тойуктарын эпическай нэһилиэстибэлэрин харыстаһыыга, Чингиз Айтматов, Максим Аммосов ааттарын салгыы үйэтитиигэ үлэлэр туһунан кэпсэтии буолла.
Алыкул Осмонов аатынан Национальнай библиотека директорын Нурия Байсаковалыын Александр Николаевич Саха Өрөспүүбүлүкэтин Национальнай библиотекатын кытта ыкса сибээстээх үлэни ыытыы тула кэпсэттэ уонна «Айар» национальнай кинигэ кыһата таһаарбыт кинигэлэрин бэлэх туттарда.
Салгыы Александр Жирков Российскай Федерация Культуратын министиэристибэтин өйөбүлүнэн Кыргызстаҥҥа Россия күннэрин ыытыы чэрчитинэн туруоруллубут В.И. Даль аатынан Россия литературатын историятын Государственнай түмэлин фондатын «Под знаком Чингиза Айтматова» быыстапкатын үөрүүлээх аһыллыытыгар кытынна. Кини тыл этэригэр кыргыз норуотун уһулуччулаах уола, улуу гуманист-суруйааччы Чингиз Торекулович Айтматов төрөөбүтэ 95 сылын Кыргызстан эрэ буолбакка, аан дойду таһымыгар тиийэ бэлиэтээбиттэрин ахтан туран, кыргыз норуотугар Саха Өрөспүүбүлүкэтин дьонун аатыттан эҕэрдэни тиэртэ.
Ону таһынан Александр Николаевич Кыргыз Өрөспүүбүлүкэтин Национальнай историческай түмэлин дириэктэрин Жылдыз Бакашованы кытта бырааттыы өрөспүүбүлүкэлэр исторяларын, культураларын нэһилиэстибэтин харыстааһыҥҥа гуманитарнай хайысханан салгыы бииргэ үлэлээһин боппуруостарын дьүүллэстилэр.
Саха Өрөспүүбүлүкэтин делегацията Кыргыз Өрөспүүбүлүкэтигэр сырыытын түмүгүнэн бырааттыы өрөспүүбүлүкэлэргэ культура, билим уонна үөрэх тэрилтэлэрин гуманитарнай хайысханан бииргэ үлэлээһиннэрин салгыы бөҕөргөтүү улахан суолталааҕын бэлиэтээтилэр, чугастааҕы кэмнэргэ кыттыгас былааннары чопчулаатылар, тэрээһиннэри ыытары быһаарыстылар.
Стас Софронов