Дьыл-кэм уларыйыыта сыл аайы араастык кэлэр диэтэххэ сыыһа буолбата буолуо, тоҕо диэтэххэ урукку сылларга ый хаһыс эрэ күнүттэн тоҥорбутунан эбэтэр ириэрбитинэн барааччы. Билигин оннук буолбатах, сылтан сыл күһүммүт олус уһаан, кэлиэхтээхэ кыһыммыт кэлбэккэ, сылаас күннэринэн баччааҥҥа диэри турар. Сыарҕа хаара түһэн көбөөбүт буолуо этэ да өссө да чараас. Баччаҕа үөр таба хаһан аһыыр, хаһыытыгар тохтуур, хаампат кэмэ буолуохтаах этэ.
Быйылгы күһүн табаһыттарга, булчуттарга табыгаһа суох буолла — хаар чарааһыттан таба хаамар, хаһыыламмат. Красноярскай кыраайтан кыыл таба халыҥ халҕаһанан кэлэн дьиэ табатыгар кутталы үөскэтэн табаһыттары вертолетунан көмөҕө таһаарыы, кыыл кэлэр-ааһар хайысхатын үөһэттэн көрүү үлэлэрэ оҥоһулуннулар.
Кыыл таба дьиэ табатын урукуттан илдьэ барарын табаҕа өр сылларга үлэлээбит буоламмын билэбин: ааспыт 90-ус сыллар былдьаһыктаах кэмнэригэр ыстаадалары кыыл таба маассабайдык кэлэн улаханнык аймаабыта. Кыыл таба дьиэ табатын илдьэ бардаҕына табаһыттар биир да өрөбүл күнэ суох, уһун кыһыны быһа табаларын батан ыраах-чугас, ойуур-туундара устунан төһөлөөх сыралаһан сылдьыбыттарын тэҥҥэ көсүһэ, балааккаҕа хоно сылдьар эрэ киһи өйдүүрэ буолуо. Ол кыһын балаакка дьиэбит уу чуумпу буолта, бары кэри-куру, кэтэммит курдук олорбуппут, биир биригээдэ буоламмыт санньыйыы, санаа түһүүтэ олус ыарахан этэ. Оннооҕор оҕолорбут кып кыралар эрээри улахан киһи курдук бэйэлэрэ бэйэлэригэр таһырдьа киирэ-тахса оонньууллара, хаһан дьоммут кэлэллэрин эрэ күүтэллэрэ.
Биһиги кыстыкка кырдьаҕас бостууктар Петр Христофорович Семеновы, Николай Степанович Христофоровы, Мария Васильевна Николаева уолунаан Андрей Васильевиһы кытта үөрбүтүн көрө-маныы кыстаабыппыт. Күнүс табаны биир сиргэ хаһыыланнараары чөкөтөн баран киэһэ аайы дьиэлииллэригэр көҥдөй маһы уматан, бөрөнү да кыйдыыр туһуттан сыралаһаллара. Дьоммут кыылы кытта барбыт табаларын эккирэтэн, табанан олох ыраата сылдьыбыттара. Булбут табаларын күрэтимээри үөргэ үүрэн аҕалаллара. Онно таарыйа килиэп, лэппиэскэ астаан тоҥорон бэлэмниирбитин илдьинэ барааччылар. Ыстаадаҕа ол саҕана тиэхиньикэтэ суохтара, биир эмэ баарыгар бэйэлэрэ оттуктарын ылыналлара. Аны кыһыҥҥы хараҥа кылгас күннэр, көлө табаларын кыылга күрэтимээри өссө улахан кыһалҕа этэ.
Дэриэбинэттэн кыылдьыттар тиийэн кыыл ытан соҕотуопкаҕа туттарбыттара. Ол кыһын аҥаардас кыыл төбөтүнэн аһаан сааска диэри тиийбиппит, улахан кыыл төбөтүн сүлэн астыыр манан дьыала буолбатах этэ, хал да буолбуппут. Дэҥҥэ биир эмэ кыылы аҕабыт Андрейы кытта туһахтаан ылалларын сиир этибит. Ону даҕаны биирдэ эмит таба хаһыытыттан кэлэн баран хараҥанан туһахтанан, хараҥанан көрүнэн сэтиилэрэ тиэйиилээх кэллэхтэринэ оҕо курдук үөрэр этибит.
Саҥа дьыл кэнниттэн кулун тутар ыйга диэри туруулаһан туран, кыылы кытта барбыт табаларбытын үгүс аҥарын булбуттара. Төһө да сырыһыннарбытыҥ иһин аара бөрө тутара элбэх буолар. Атын ыстаадалартан сааскы хараалга кыра табаны эбэн-саамылаан төрөтүүгэ толору биир ыстаада табалаах буолбуппут. Сааскы хараал олунньу ый ортото ыытыллара, онтон икки бостуукпут судургу туундараҕа мас, сайыҥҥы бородуукта бэдэрээттэнэ бырбыттара. Тугут төрөтөр сирбитин булан ыам ыйыгар бастакы тугуттарбыт төрөөбүттэриттэн бары харахпыт улам сырдаан, хас биирдиибитигэр үлэ түмүгүттэн дьоллонуу түгэнэ күндү буолбута.
Хамнаһа суох сылларга табаһыттар, дьиэ үлэһиттэрэ үлэ бэрээдэгин ыһыктыбакка, биир күн өрөбүлэ суох итии-тымныы тыйыс усулуобуйаҕа үлэлээн кэлбиппитинэн киэн туттабын. Ол үрдүнэн өссө кытаанах ирдэбил этэ, босхо быарайыас диэни туһамматахпыт, туох да өҥө көрүллүбэт этэ. Ол кэмнэргэ бииргэ сылдьыбыт бостуук, биригэдьиир дьонум билигин бочуоттаах сынньалаҥҥа олоруохтаах кэмнэригэр балыыһаны кэтиир дьон буоллулар, харахтарынан, сүһүөхтэринэн моһуогурдулар. Бэйэлэрин харыстаммакка үлэлээбит буоланнар баччааҥҥа диэри дьиэбит табатын тутан олоробут диэн хас биирдиибит долоҕойбутугар тохтотуох тустаахпыт. Онно улахан өҥөлөөх, таба бөҕөнү ииппит сорох табаһыттарбыт күн сириттэн барбыттара.
Быйылгы кыыл таба кэлиитэ ыстаадалар табаһыттарыгар сүрдээх ыарахан кыстыгы аҕалла, кыһыҥҥы хараҥа күҥҥэ кыылы кытта барбыт табаларын эккирэтии, табалааһын курдук эппиэтинэстээх үлэ барыаҕа. Онтон дьиэ табатын кыыл табаттан харыстыыр туһугар бу күннэргэ туох үлэ, вертолетунан көтүүгэ ким көмөлөспүтүн туһунан хаһаайыстыба туһааннаах салаайааччылара, оройуон салалтата чопчу эппиэти биэриэҕэ диэн эрэнэбит.
Надежда КОЛОДЕЗНИКОВА
Хаартыска: Городская ферма саайтан