Национальнай оройуон тутулун ылыныы — олохтоох норуот көмүскэллээх буолуутун төрүөтэ

Российскай Федерация сиригэр-уотугар олорор төрүт аҕыйах ахсааннаах норуоттар бэйэлэрин бырааптарын ылыыларын, төрүт түөлбэлэрин, айылҕаларын харыстаан хаалларар өбүгэ саҕаттан үөскээбит төрүт култуураларын, тылларын сүтэрбэт уонна кэнэҕэски өттүгэр салгыы сайыннарар усулуобуйаларын тэрийии биир мэктиэтинэн ураты национальнай статустаах оройуоннары уонна нэһилиэктэри баар буолууларын тэрийии буолар.

Социалистическай судаарыстыбаны тутуу бириэмэтиттэн саҕалаан аҕыйах ахсааннаах төрүт норуоттар түөлбэлээн олорор сирдэригэр национальнай нэһилиэктэр уонна оройуоннар тэриллэн барбыттара. Биһиги Өлөөммүт оройуоннарыгар Дьэлиҥдэ, Кирбэй уонна Өлөөн национальнай нэһилиэктэрэ тэриллибиттэрэ уонна Российскай Федерация Үрдүкү Сэбиэтин Президиумун уурааҕынан бигэргэтиллибиттэрэ. Өлөөн оройуонун анал национальнай статустаах оройуон буолуутун ситиһиигэ былааннаах үлэ 1991 сылтан саҕалаан нэһилиэктэр олохтоохторун уопсай мунньахтарыгар көрүллүбүтэ, нэһилиэктэр сельскэй Сэбиэттэрин сессиятыгар бигэргэнэн, Өлөөн оройуонун народнай депутаттарын сессиятыгар бигэргэнэн Саха Өрөспүүбүлүкэтин Үрдүкү Сэбиэтин уонна Бырабыыталыстыбатын көрүүтүгэр киллэриллибитэ. Оччотооҕу оройуон салалтата олохтоох интеллигенция бэрэстэбиитэллэрин кытта бииргэ оройуон статуһун уларытан тэрийиигэ биир кэлим былааннаах, тэрээһиннээх үлэни Саха Өрөспүүбүлүкэтин Үрдүкү салалтатын кытта ыыппыттарын түмүгэр 1992 сыллаахха кулун тутар 20 күнүгэр СӨ Үрдүкү Сэбиэтин Президиумун уурааҕынан Анаабыр, Өлөөн уонна Муома оройуоннарын статустарын уларытан нацио-нальнай оройуоннар бырааптарын биэрэр туһунан уурааҕа тахсыбыта.

Бу уураах Саха Өрөспүүбүлүкэтин Үрдүкү Сэбиэтин сессиятыгар көрүллэн дьиҥнээх юридическэй күүһүгэр киириэхтээҕин Российскай Федерацияҕа былаас салааларын икки ардыгар салайар Үрдүкү быраабы былдьаһыы айдааныгар сэбиэт былааһа сир-дойду ахсын үрэллэн, президеинскэй салайыы бириинсиптэрэ хотоннор, оройуоннар национальнай статустарын ылыыларын боппуруоһа быһаарыллыбакка хаалбыта.

Российскай Федерацияҕа саҥа Конституцията (төрүт сокуон) бигэргэнэн олоххо киириитин кытта биир бириэмэҕэ 1992 сылтан саҕалаан аҕыйах ахсааннаах төрүт норуоттар түөлбэлээн олорор сирдэригэр «национальнай» статуһу олохтоох төрүт норуоттар олорор тэрээһиннэригэр биэрии үлэ саҕаламмыта.

Өлөөн оройуонунааҕы Хотугу аҕыйах ахсааннаах норуоттар улуустааҕы Ассоциацияларын бэрэссэдээтэлэ Семен Христофоров, «Эведы Илкэн» хаһыат эрэдээктэрэ Михаил Семенов —Амака, колхознай-совхознай тутул бэтэрээнэ Прокопий Колесов көҕүлээһиннэринэн, СӨ Үрдүкү Сэбиэтин депутата Соломонов Ф.П., улуус дьаһалтатын баһылыга Борис Николаев, оройуон Сэбиэтин Президиумун бэрэссэдээтэлэ Николай Стручков сөбүлэһиилэринэн, өйөөһүннэринэн оройуон Сэбиэтин сессиятын быһаарыытынан атырдьах ыйын 17 күнүгэр 2002 сылга оройуон «национальнай статуһун» ылынарын туһунан референдум биллэриллибитэ.

Оройуоҥҥа бэрт тэрээһиннээхтик ыытыллыбыт референдум түмүгүнэн нэһилиэнньэ 89,0 % национальнай улуус буоларга баҕатын биллэрбитэ. Ол эрээри Россияҕа уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр саҥа экономическай реформа бара турар уустук усулуобуйатыгар, бастакы президен М.Е.Николаев улуустар национальнай статуһу ылыыларын боппуруоһугар туспа көрүүлээҕинэн сибээстээн СӨ национальнай нэһилиэктэри уонна улуустары олохтооһун быстах бириэмэҕэ тохтотулла сылдьыбыта.

Өлөөн оройуонун тэриллибитэ 70 сыллаах үбүлүөйүгэр бэлэмнэнии кэрдиис кэмҥэ оройуон сэбиэтин депутаттарын «Суглан» бэрэссэдээтэлэ Елена Голомарева, Хотугу аҕыйах ахсааннаах төрүт норуоттар Ассоциацияларын бэрэссэдээтэлэ Иннокентий Павлов көҕүлээһиннэринэн, улуус дьаһалтатын баһылыга Прокопий Николаев өйөөһүннэринэн уонна тэрээһиннэринэн РФ Президенин быыбарын кытта биир кэмҥэ кулун тутар 17 күнүгэр 2004 сыллаахха улуус нэһилиэнньэтин референдумун «Оройуон национальнай статуһун» ылыныытын боппуруоһун ыытарга «Суглан» сессиятын анал быһаарыыта тахсыбыта.

Оройуон бары нэһилиэктэригэр үрдүк тэрээһиннээхтик ыытыллыбыт нэһилиэнньэ референдумун түмүгүнэн оройуон олохтоохторун 91,3% Өлөөн улууһугар «национальнай оройуон» статуһун биэрэргэ бэйэлэрин баҕаларын биллэрбиттэрэ.

Улуус нэһилиэнньэтинэн ыытыллыбыт референдумҥа быһаарбыт баҕа санаатын толорон оройуон Сэбиэтин депутаттарын мунньаҕа «Суглан» уочараттаах сессията 2005 сыл ыам ыйын 15 күнүгэр Өлөөн улууһун «эбэҥки национальнай оройуон» статуһун ыларыгар историяҕа киирэр быһаарыыны ылыммыта, Саха Өрөспүүбүлүкэтин оччотооҕу салалтатын кытта элбэх тэрээһин үлэ ыытыллыбытын түмүгэр СӨ Бырабыыталыстыбатын анал мунньаҕар алтынньы ый 8 күнүгэр 2005 сылга «Өлөөн эбэҥки оройуонугар национальнай статуһу» биэрэр туһунан 549 №-дээх уурааҕа тахсыбыта. Өлөөн оройуонун муниципальнай дьаһалтатын баһылыга Прокопий Николаев, оройуон Сэбиэтин депутаттарын «Суглан» бэрэссэдээтэлэ Елена Голомарева Саха Өрөспүүбүлүкэтин сис кэмитиэттэрин уонна Ил Түмэн судаарыстыбаннай мунньаҕын бэрэссэдээтэлин Ньургун Семенович Тимофеевы кытта быстыспат сибээстээхтик, бииргэ үлэлээбиттэрин түмүгэр Өлөөн оройуонугар «национальнай эвенкийскэй оройуон» статуһун биэрии туһунан боппуруос «Ил Түмэн» сессиятын көрүүтүгэр киллэриллибитэ.

Саха Өрөспүүбүлүкэтин судаарыстыбаннай мунньаҕын Ил Түмэн сессиятын алтынньы ый 12 күнүнээҕи 2005 сыллааҕы ГС №1292-III №-дээх быһаарыынан Өлөөн оройуонугар «Өлөөн эбэҥки национальнай оройуонун» статуһа бэриллибитэ.

Алтынньы ый 12 күнэ Өлөөн эбэҥки национальнай оройуон төрүт олохтоохторугар бэйэлэрин «национальнай статустарын» ылбыт күннэрин быһыытынан үйэ-саас тухары хаалыаҕа.

«Сардаҥа» хаһыат эрэдээксийэтэ уонна оройуон кырдьаҕастарын сүбэтэ «Осикта» оройуон бары олохтоохторун Өлөөн улууһа «национальнай эбэҥки оройуон» статуһун ылбыт өрөгөйдөөх күнүнэн итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибит!

 

Н.М.СТРУЧКОВ,

кырдьаҕастар оройуоннааҕы Ытык сүбэлэрин «Осикта» бэрэссэдээтэлэ, «Сардаҥа» хаһыат кэрэспэдьиэнэ.

Читайте дальше