Бу дьыл алтынньы ый 19 күнүгэр Өлөөн эбэҥки национальнай оройуон дьаһалтатын баһылыгын эбээһинэһин толорооччу Альгис Семенович Сергеев нэһилиэнньэ социальнай өттүнэн көмүскэллээх буолуутун боппуруостарыгар оробуочай мунньаҕы тэрийэн ыытта.
Оробуочай мунньахха сүрүн иһитиннэриини оҥорбут Саха Өрөспүүбүлүкэтин социальнай сайдыыга уонна үлэҕэ Министерствотын нэһилиэнньэни социальнай өттүнэн көрүүгэ-истиигэ Департаменын начальнигын солбуйааччы, Константинов Василий Васильевич, социальнай харалта оройуоннааҕы управлениетын тэрилтэлэрин материальнай-техническэй базаларын туругун көрбүтүн билиһиннэрдэ.
Бастатан туран Харыйалаах сэлиэнньэтигэр үлэлии турар кырдьаҕастары уонна инбэлииттэри көрөр-истэр киин (сэбиэдиссэй Степанова С.Е.) үлэлии турар материальнай-техническэй базата үлэ ирдэбилигэр эппиэттиирин астынан туран бэлиэтээтэ.
Салгыы Өлөөн сэлиэнньэтигэр үлэлии турар оҕолору көрөр-истэр реабилитационнай киин (сэбиэдиссэй Степанова М.И.) билиҥҥи үлэлии олорор дьиэтэ олох эргэрбитинэн көрдөбүлгэ эппиэттиир, толору хааччыллыылаах дьиэни булан үлэлэтиигэ үлэ саҕаламмытын хамыыһыйа көрбүтүн билиһиннэрдэ.
Саха Өрөспүүбүлүкэтин социальнай сайдыыга уонна үлэҕэ Министиэристибэтин, Өлөөн национальнай оройуон дьаһалтатын кытта оробуочай кэпсэтии түмүгүнэн Өлөөн сэлиэнньэтинээҕи оҕону көрөр-истэр реабилитационнай киини урукку оройуон дьаһалтатын гостиницатын дьиэтигэр көһөрөн үлэлэтэргэ сөбүлэһии оҥоһуллубут.
Оройуон дьаһалтата гостиница дьиэтин оҕо киинэ оҥорорго сайыҥҥы бириэмэҕэ өрөмүөн үлэтин “Өлөөн ситим” МАТ толороругар дуогабар түһэрсэн үлэни тэрийбит. Ол эрээри үбүлээһин ситэ быһаарыллыбакка оҥоһуллуохтаах үлэлэр-пожарнай сигнализация водосток, вентиляция туруоруута, септик оҥоһуута, гараж өрөмүөнэ, түннүктэри уларытыы ороскуота ититэр үлэлэр ситэ оҥоһуллубатахтар.
Василий Васильевич, үөскээбит балаһыанньаны Министиэристибэ салалтатыгар тиэрдиэхтээҕин уонна өрөмүөн үлэлэрин түргэтэтэр сыаллаах оҕо киинэ киириэхтээх дьиэтин туруга, пожарнай надзор уонна Роспотребнадзор көрдөбүллэригэр эппиэттиир буолалларыгар бу тэрилтэлэргэ служебнай сурук суру-йан бииргэ үлэлэһэр былааннааҕын билиһиннэрдэ.
Ону тэҥэ инники сайдыы боппуруостарыгар социальнай сайдыы Министерствота Өлөөн сэлиэнньэтигэр кырдьаҕастары уонна оҕолору көрөр-истэр киини бырайыактыырга үлэни оройуон дьаһалтатын кытта ыытар былааннааҕын билиһиннэрдэ.
Оробуочай кэпсэтиигэ кыттыыны ылбыт оройуон архитектора Пинигина Валентина Андреевна, оҕону көрөр-истэр реабилитационнай киин сэбиэдиссэйэ Степанова Мария Иннокентьевна, оройуон тутууга уонна Архитектураҕа управлениетын исписэлиистэрэ Федор Федотов, Вадим Васильев, социальнай харалта управлениетын исписэлииһэ Саргылаана Иванова уонна да атыттар оҕо киинэ толору хааччыллыылаах, тупсаҕай дьиэҕэ көһөрүллэр үлэни тэрийэргэ бигэ эрэллээхтэрин биллэрдилэр.
Оробуочай кэпсэтиини салайан ыыппыт оройуон дьаһалтатын баһылыгын солбуйааччы эбээһинэһин толорооччу Альгис Семенович оройуон дьаһалтата социальнай харалта Министэристибэтин кытта бииргэ үлэлээһини саҥа таһымҥа таһааран 2023 сылга былааннаммыт үлэлэрин ситиһиилээхтик олоххо киллэриигэ оройуон дьаһалтата үлэлэһэр былааннааҕын бигэргэттэ.
Николай СТРУЧКОВ