Сардаҥа» хаһыат редакцията бу дьыл балаҕан ыйын 10 күнүгэр Саха Өрөспүүбүлүкэтин үрдүнэн хас да таһымнаах быыбардар тэриллэн ыытыллар буолбуттарынан сибээстээн, Өлөөн оройуонунааҕы Россия Коммунистическай партиятын салаатын салайааччы Николай Николаевич Васильевы көрсөн блиц-интервью биэрэригэр көрдөспүккэ, бэрт судургутук ылынан санаа атастаста.
– Николай Николаевич! Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр уонна Өлөөн эбэҥки национальнай оройуонугар бу дьыл балаҕан ыйын 10 күнүгэр хас да түһүмэхтээх быыбардар тэриллэн ыытыллар буоллулар. Бу улахан политическай тэрээһиҥҥэ Россия Коммунистическай Партиятын Өлөөннөөҕү салаата төһө бэлэмнээх баран иһэрий?
– Өлөөн оройуонунааҕы Россия коммунистическай партиятын салаата билиҥҥи туругунан оройуон депутаттарын Сэбиэтин («Суглан») быыбарыгар партийнай испиэһэгинэн 9 кандидаты туруордубут. Ону таһынан үс биир мандаттаах уокурукка кандидаттары туруорууга үлэни салҕаан ыытабыт.
– Өлөөн уонна Кирбэй национальнай нэһилиэктэрин дьаһалталарын баһылыгар ыытыллар быыбар хампаанньаларыгар кыттар былааннааххыт дуо?
– Өлөөн уонна Кирбэй национальнай нэһилиэктэрин актыыбынай позициялаах, салайар үлэҕэ дьоҕурдаах, эдэр, эрчимнээх олохтоохторун кытта баһылыктар быыбардарыгар кыттарга үлэни ыыта сылдьабыт.
– Саха Өрөспүүбүлүкэтин судаарыстыбаннай мунньаҕын Ил Түмэн Хотугу национальнай 33-с №-дээх быыбардыыр биир мандаттаах уокурукка Россия Коммунистическай Партиятыттан депутатка кандидат туруоруллар дуо?
– Быыбар сокуонугар сөп түбэһиннэрэн Саха Өрөспүүбүлүкэтин Судаарыстыбаннай Мунньаҕын Ил Түмэн Хотугу национальнай 33-с №-дээх быыбардыыр уокурукка кандидаттары туруоруу РФ Коммунистическай Партиятын эригийиэннээҕи салаатын партийнай конференциятынан быһаарыллыахтаах.
Быыбар сокуонугар сөп түбэһиннэрэн депутатка кандидаттары туруоруу бүттэҕинэ, киин быыбардыыр хамыыһыйа депутатка кандидаттарынан кимнээх регистрацияламмыттарын бэчээт ситимигэр таһаарыахпыт.