Оҕону иитии сүрүн соругун үтүө суобастаахтык толороллор

Быйылгы сыл биһиги тапталлаах оройуоммутугар биир уратылаах сылынан буолар. Ол курдук, 70 сыл анараа өртүгэр бэйэтин аанын аспыт оччотооҕу “Малышок” дьааһыла – саад, онтон билигин “Кэнчээри” оҕону сайыннарар киин өрөгөйдөөх үбүлүөйүн көрсөр үөрүүлээх сыла буолар.

Өлөөн Эбэҥки Национальнай оройуон үөрэҕин салаатын, педагогическай общественноһын, профсоюзнай кэмитиэт ааттарыттан оройуоммутугар тарбахха баттанар үчүгэй үлэлээх оҕо иитиитин  тэрилтэтин өрөгөйдөөх үбүлүөйүнэн итиитик- истиҥник эҕэрдэлиибит!

Оскуола иннинээҕи саастаах оҕолору иитии- уһуйуу үлэтин туоһутунан 70 сыл устата дьиҥ ис дууһаларыттан чиэһинэй үлэни үлэлээбит уонна үлэлиир, дьиҥ олоҕу олорбут уонна олорор дьонунан бу улахан тэрилтэ бары үлэһиттэрэ буолаллар.

Түгэнинэн туһанан, бу тэрилтэҕэ өр сылларга үлэлээбит бэтэрээннэргэ, бары үлэһиттэргэ, иитээччилэргэ барҕа махтал тылларын аныыбыт. Улахан махталы “Кэнчээри” уһуйааны уһун сылларга салайа сылдьар, оройуоммут ытыктанар, убаастанар коллегабытын Алла Тарасовна Петроваҕа этэбит. Кини бу тэрилтэни салайыаҕыттан уһуйаан сайдар суолун чопчу булла, сатабыллаах салайааччы буолан сайыннарыы бырагыраамматын дириҥ ис хоһоонноохтук салайда. Этэҥҥэ бу күҥҥэ дылы салайарыттан үөрэбит, киэн туттабыт. Кини сайдыыга үлэтэ кэлэр көлүөнэҕэ холобур буолар.

Этэргэ дылы, бу кэм устата төһөлөөх элбэх үлэһит сүрэҕин сылааһын  оҕолорго биэрбитэ, оҕо инникитин туһугар сөҕүмэр үлэни ыыппыта буолуой? “Малышок” дьааһыла-саадка уһун кэмҥэ киэҥ далааһыннаахтык үлэлээбит киэн туттар салайааччыбыт Анна Спиридоновна Саввинова кэскиллээх үлэтин эдэр салайааччыга туттарбыта көлүөнэттэн көлүөнэҕэ кэрэхсэбиллээх кэпсээҥҥэ сылдьыаҕа, историяҕа хаалыаҕа.

2018 сыллаахха биһиги оройуоммутугар улахан баараҕай тутуу- киэҥ-куоҥ таас дьыссаат үлэҕэ киирбитэ. Сэбиэдиссэй А.Т. Петрова өр сылларга сэбиэдиссэйинэн үлэлээбит туруу үлэһит Анна Спиридоновна Саввинова аатын иҥэрээри туруорсубута уонна үйэтитэри ситиспитэ. Алла Тарасовна оройуон Сэбиэтин депутата буолан, депутаттар сессияларыгар боппуруоһу туруоран, туруорсан, кыайа- хото туппута.

Билигин уһуйаан региональнай хайысханан федеральнай бырайыактары киллэрэн үлэлии олорор, Арассыыйаҕа, Өрөспүүбүлүкэҕэ “Бастыҥ Уһуйаан” анал ааты ылбыта. Бу уһуйаан иһинэн билиҥҥи ирдэбилгэ эппиэттиир логопед, психолог эдэр кыргыттар үлэҕэ киирэннэр үлэһиттэргэ бэйэлэрин билиилэринэн көмөлөһөллөрө, ону таһынан кыра саастаах оҕолор тыллара сайдарыгар күүстээх үлэни ыыта сылдьаллара биһирэннэ. Бу Алла Тарасовна бэйэбит дойдубут олохтоох кыргыттарын үлэҕэ ылан, бу уһуйаан психология, логопедия үлэтигэр үрдүк көрдөрүүлэннэ диэн бэлиэтиир тоҕоостоох.

2022 сыллаахха Өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн муниципальнай мониторинг ыытыллыбытыгар бу уһуйаан 90 % көрдөрүүнү ситиспитэ. Бу мониториҥҥа уһуйаан бары көрдөрүүтүнэн кыттар, үлэлиир усулуобуйатыттан саҕалаан безопасноһыгар тиийэ, оҕону иитии образовательнай бырагырааммаларыгар  улахан чинчийии ыытаннар биһиги оройуоммут “Кэнчээри” уһуйаана үрдүк көрдөрүүнү ситиспитэ барыбыт үөрүүбүт буолбута. Кырдьык, уһуйаан таһаарыылаахтык үлэлиирэ харахпытыгар көстөр. Биир улахан хамсааһын- эбэҥки тылын оҕо кыра сааһыттан үөрэтэр сыалтан төрөөбүт тылы сайыннарыыга бырайыактара буолбута. Ол иһин, оҕо төрөөбүт тылын үөрэтиигэ куруһуок үлэтин саҕалаабыттара. Бу үлэҕэ төрөппүт кыттыыта улаханнык сыаналанар. Иитээччи Степанова Екатерина Павловна оҕолор тылларын сайыннарыыга аан маҥнайгынан “Чообуо чооруостар” диэн хоһоон ааҕыытыгар бырайыак оҥорон күрэх саҕалаабыта, былырыын үбүлүөйдээх күрэҕи бэлиэтээбиппит.

Бу уһуйааҥҥа элбэх дириҥ билиилээх уһуйааччылар үлэлииллэр, ол курдук, үрдүк көрдөрүүлээх үлэлээх Николаева Любовь Ивановна оройуоннааҕы муниципальнай иитээччи куонкуруһугар “Бастыҥ иитээччи” аатын ылбыта. Оройуоннаҕы предметно-развивающая среда куонкуруһугар уһуйааннар бары кыттыбыттара, элбэх үлэ киирбитэ. Ол үлэлэртэн “Бастыҥ көрдөрүүлээх группа” диэн Л.И. Николаева иитээччилээх группа ылбыта.

Билиҥҥи кэмҥэ уһуйаан иитээччилэрэ саҥа стандартка эппиэттиир араас ньымалары тутталлар, оҕолорго ураты сымнаҕас сыһыаны, араас интэриэһинэй тэрээһиннэри ыыталлар. Ол курдук, кинилэр баҕа санаалара диэн оҕолор уһуйаантан араас хайысханан сайдан тахсыахтаахтар диэн үлэлиир иитээччилэр Дария Семеновна Иванова, Оксана Николаевна Иванова, Любовь Николаева, Екатерина Павловна Степанова ааттарын бэлиэтиэхпин баҕарабын. Уһуйаан иитээччитэ  Дария Иванова республикаҕа “Бастыҥ иитээччи” Грант ылбыта да элбэҕи этэр.

Сэбиэдиссэй Алла Тарасовна сатабыллаах салайыытынан педагогическай коллектив куруук инники сылдьар, холобур буолар. Коллектив аһымал акциялартан туора турбакка, актыыбынайдык кытталлар. Буола турар Анал Байыаннай Операцияҕа  уһуйаан үлэһитин кэргэнигэр, оройуонтан барбыт саллааттарга күүс-көмө буолбуттара, үп-харчы, ас-таҥас хомуйбуттара. Ону таһынан, доруобуйаларын тупсарына, көрдөрө барар дьоҥҥо, оҕолорго көмөлөрө холобурга эрэ сылдьыан сөп. Нэһилиэк, оройуон иһигэр ыытыллар бары дьаһалларга үлэ коллектива олус көхтөөхтүк кыттар, куруук бастыҥ ааты ылан кэллилэр. Ити барыта салайааччы Алла Тарасовна сатабыллаах салайыытын, олоххо мындырын көрдөрөр. Коллективы түмэн, хас биирдии киһиэхэ болҕомтолоохтук сыһыаннаһан, кинилэр ситиһиилэринэн киэн туттан үлэлииргэ ыҥырара көстөр.

Бүгүҥҥү үбүлүөйдээх үөрүүлээх күҥҥүтүнэн Алла Тарасовнаны, бүттүүн коллективы өссө төгүл эҕэрдэлиибин уонна инникитин да тохтоон хаалбакка, өссө да интэриэһинэй бырайыактары, бырагырааммалары үлэлэтэргитигэр баҕарабын. Үлэһит коллектив үлэтэ күргүөмнээхтик бара турдун, хас биирдии үлэһиккэ чэгиэн доруобуйаны, үлэҕитигэр ситиһиини  баҕарабын, оҕо уһуйаана сайда турдун!

Махтанабын араас сылларга үлэлээбит бэтэрээн үлэһиттэргэ. Сэттэ уон сыллаах историяны оҥорбут дьоннорбут- бэтэрээннэрбит буолаллар. Бэтэрээннэрбит барахсаттар – иитээччи, оҕо доруобуйатын харыстаабыт, ас астаабыт, сууйар-тарыыр үлэни оҥорбут, үлэни эрэ өрө туппут дьоннорбут буолаллар. Кинилэр бары дьыссаат олоҕо сайдарыгар кыһаннахтара. Туох баар билиилэрин-көрүүлэрин, сүрэхтэрин сылааһын иитиллээччилэригэр биэрбиттэрэ. Эһиги үлэлээбит сыралаах үлэҕит умнуллубат, күн бүгүҥҥэ дылы өйдүүбүт, сыаналыыбыт, эһиги үлэҕитинэн киэн туттабыт.

Билиҥҥи кэмҥэ «Кэнчээри” уһуйаан медицинскэй үлэһитэ Захарова Наталья Владимировна үлэлээбитэ ыраатта. Сарсыарда эрдэ маҥан халаатын кэппитинэн үлэтин саҕалыыр. Кини оҕолор бу уһуйааҥҥа сылдьалларын тухары аанньал буолан араҥаччылыыр, доруобуйаларын көрөр-истэр, ыалдьыбаттарыгар профилактика оҥорор. Наталья Владимировна үлэлии сылдьарыттан олус үөрэбит, махтанабыт. Кырдьыга, аан бастакы хайысхабыт оҕо доруобуйата буоллаҕа. Оҕо доруобай буолла да, сайдыыга баҕалаах, бэйэтигэр эрэллээх буола улаатар.

А.С.Саввинова аатын сүгэр педколлективы үбүлүөйдээх сылынан эҕэрдэлиибит, инники диэки хардыылаах үлэни, өйү-санааны кэлэр кэнчээри кэскилбитигэр, үүнэн эрэр үнүгэстэрбитигэр- оҕолорго өссө да ууруоххут. Кинилэр биһиги олохпутун салгыыр дьон, олох сайдыытынан билиилэнэн-үөрэхтэнэн төрөөбүт оройуоннарыгар үлэлии кэлэн, төрөөбүт тылларын сайыннардахтарына-ол Эһиги түбүктээх үлэҕит түмүгэ буолара саарбаҕа суох.

 

Мария Христофоровна Иванова,

Өлөөн эбэҥки национальнай

оройуон үөрэҕин салалтатын

начальнига, Педагогическай үлэ бэтэрээнэ, СӨ үөрэҕириитин туйгуна, РФ уопсай үөрэхтээһинин бочуоттаах үлэһитэ,  Өлөөннөөҕү ЭНО депутаттар сэбиэттэрин депутата.

 

Читайте дальше