Бу дьыл ахсынньы ый 13-15 күннэригэр Дьокуускай куоракка өрөспүүбүлүкэ физическэй култуураҕа уонна успуорка үлэһиттэрин III сийиэстэригэр 36 оройуонтан 868 делегат кыттыыны ыланнар спортивнай хамсааһын 100 сыллаах үбүлүөйүн бэлиэтээтилэр уонна инники сайдыы боппуруостарын дьүүллэстилэр.
Өлөөн эбэҥки национальнай оройуонтан делегат быһыытынан кыттыыны ыллылар: Туйаара Павлова — оройуон дьаһалтатын баһылыгын социальнай боппуруостарга солбуйааччы, Владислав Николаев — Кирбэй национальнай нэһилиэгин дьаһалтатын баһылыга, успуорт бэтэрээнэ, Прокопий Федоров — футбольнай кулууп тириэньэрэ, Айсен Семенов — оройуон сүүмэрдэммит хамаандатын хапытаана, успуорт маастара, А. Кириллина — остуол национальнай оонньууларын Федерациятын толоруулаах дириэктэрэ.
«Сардаҥа» хаһыат эрэдээксийэтэ быһа сибээһинэн тахсан Владислав Николаевтан өрөспүүбүлүкэ физическэй култуураҕа уонна успуорка үһүс сийиэһин үлэтин түгэннэриттэн билиһиннэрэргэ көрдөспүккэ бэрт судургутук ылынан санаа атастаста.
- Сийиэс үлэтин бастакы күнүгэр успуорт ситиһиитин көрдөрөр улахан быыстапкалар үлэлээтилэр, «Спортивный резерв региона» диэн информационнай систиэмэ үөрүүлээхитик арыллынна. Иккис күн «Триумф» успуорт уораҕайыгар пленарнай мунньах тэриллэн ыытылынна. Мунньахха делегаттары уонна ыалдьыттары Ил Түмэн бэрэссэдээтэлэ Алексей Еремеев, СӨ Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Сергей Местников, СӨ успуорт дьыалаларыгар миниистирэ Леонид Спиридонов уонна уопсастыбаннас атын бэрэстэбиитэллэрэ истиҥник эҕэрдэлээтилэр, үрдүк таһаарыылах үлэлэрин, ситиһиилэрин иһин чулуу дьоммутун наҕараадалааһын ыытылынна. Наҕараадаламмыттар ортолоругар олимпийскай оскуола резервэтин боксаҕа тириэньэрэ Дмитрий Болтунов РФ успуорт дьыалаларыгар Министиэристибэтин Бочуотунай грамотатынан бэлиэтэммитинэн эҕэрдэбитин тиэрдэбит.
Николай Стручков