Бу дьыл алтынньы ый 9 күнүгэр Өлөөн эбэҥки национальнай оройуонун историко-этнографическай түмэлэ оройуон национальнай статуһун ылбыт күнүн көрсө “Өлөөн оройуона бэһэҕээ, билиҥҥи кэмҥэ” диэн экспозицияны тэрийэн дьон-киһи билиитигэр таһаарда.
Экспозиция үөрүүлээхтик арыллыытын музей эппиэттээх үлэһитэ Петрова Туяра Николаевна арыйда уонна Өлөөн эбэҥки национальнай оройуон статуһун ылыы кэрдиис кэмин историятын сырдатарга Саха Өрөспүүбүлүкэтин култууратын үтүөлээх үлэһитигэр Прокопий Трофимович Саввиновка тылы биэрдэ.
Прокопий Трофимович Сэбиэт былааһа олохтонор кэмиттэн саҕалаан күн билиҥҥи бириэмэҕэ диэри кэмҥэ олохтоох норуот төрүт култууратын сайыннарыыга, национальнай олохтоох бэйэни салайыныы тэрээһиннэрин үлэлэрин сиһилии билиһиннэрдэ.
Түмэл үлэһиттэрин күүстэринэн, кыһамньылаах үлэлэринэн түмүллүбүт историческай докумуоннарынан 1930 сылтан саҕалаан 2005 сылга диэри оройуон национальнай статустаах буолуутугар ыытыллыбыт үлэ сиһилии сырдатыллыбыт.
Экспозицияны үөрүүлээхтик арыйан түгэнигэр бэйэлэрин көрүүлэрин, билиилэрин, санааларын атастаһан эҕэрдэ этиини оҥордулар оройуон дьаһалтатын баһылыгын социальнай боппуруостарга солбуйааччы Туяра Павлова, Хотугу аҕыйах ахсааннаах төрүт норуоттар оройуоннааҕы ассоциацияларын правлениятын чилиэнэ, оройуон Сэбиэтин “Суглан” депутата Марина Николаева, оройуон уопсастыбаннай палататын бэрэссэдээтэлэ Людмила Александрова оройуон кырдьаҕастарын ытык сүбэтин “Осикта” бэрэссэдээтэлэ Николай Стручков уонна да атын уопсастыбаннай тэрилтэлэр бэрэссэдээтэллэрэ.
Николай Стручков