Бу дьыл ахсынньы ый 14 күнүгэр РФ Президенэ Владимир Владимирович Путин Москва куоракка Гостинай Дворга Аан дойду, Арассыыйа суруналыыстара уонна дойду олохтоохторо кыттыылаах улахан пресс-конференцияны РФ сайдыытын уонна Аан дойду сыһыаннаһыыларын боппуруостарыгар анаан тэрийэн ыытта.
Президент пресс-сэкирэтээрэ Дмитрий Песков билиһиннэрбитинэн дойду олохтоохторо пресс-конференцияҕа Президент аатыгар биир мөлүйүөн курдук бэйэлэрин этиилэрин, боппуруостарын киллэрбиттэр.
Дмитрий Песков конференция саҕаланыытын иннинэ дойду олохтоохторуттан киирбит этиилэри, боппуруостары анализтаан, дойдуга бара турар инники сайдыы уонна быһаарыллыахтаах боппуруостар нэһилиэнньэ этиититтэн көстөн тахсарын бэлиэтээтэ.
Дойду Прзеиденэ Владимир Путин пресс-конференция саҕаланыытыгар Российскай Федерация билиҥҥи бириэмэҕэ Аан дойду олоҕор оруолун, миэстэтин уонна дойду 2023 сылга экономическай сайдыытын сүрүн түмүктэрин билиһиннэрдэ.
Кини бүгүҥҥү бириэмэҕэ бастакы сүрүн суолталаах боппуруоһунан РФ суверениетын бөҕөргөтүү буолар диэн бэлиэтээтэ. Ол эбэтэр дойду көмүскэнэр күүһүн сайыннарыы, дойдуга куттал суох буолуутун, экономическай уонна уопсастыбанай суверенитетын хааччыйыыны ситиһиини туруорда. Ол иһигэр, дойду гражданнарын бырааптарын, көҥүл буолууларын, дойдуга политическай систиэмэни, парламентаризмы сайыннарыыны хааччыйыы буолар диэн бэлиэтээтэ.
РФ Президенэ Воадимир Путин дойду экономическай сайдыытын бөҕө туруктаах буолуута хааччыллыбытын, ол оҥкулунан үс сүрүн боппуруос быһаарыллыбыта улахан оруоллааҕын бэлиэтээтэ. Бастатан туран, Россия уопсастыбата биир сомоҕо күүс буолара, дойду экономикатын сайдыыта бөҕө туруктаахтык үүнэн иһиитэ уонна дойду көҥүл буолуутун хааччыйыыга армия уонна куттал суох буолуутун хааччыйар тэрилтэлэр бэлэмнээх, сайдыылаах буолуулара ситиһиллибитин бэлиэтээтэ.
Российскай Федерацияҕа 2023 сыл түмүгүнэн оҥорон таһаарар валовай бородууксуйа (ВВП) — 3,5% улаатара ситиһиллибит; промышленнай бородууксуйа үүнүүтэ — 3,6%; оҥорор бырамыысыланнас — 7,5%; хамнас үрдээһинэ — 8,0%; сүрүн пуондалары үүннэриигэ инвестицияны киллэрии — 10,0% диэри үүннэрии; үлэтэ суох киһи ахсаана — 2,9 % тэҥнэспит. 2023 сыл түмүгүнэн инфляция 7,5% тиийиэхтээҕин билгэлээһин баарын иһитиннэрдэ. Финансовай сыл түмүгүнэн тэрилтэлэр барыстара ааспыт 2022 сыллааҕар 24,0% үрдүүрэ сабаҕаланарын. Ону тэҥэ дойду Президенэ 2024 сыл тохсунньу ый 1 күнүттэн МРОТ кээмэйэ 18,0% үрдэтиллэрин, дойдуга олох тупсуутун суотугар киһи олорор орто сааһа 74 сылга тахсыбытын иһитиннэрдэ.
Салгыы 4 чаас 3 мүнүүтэ устата ыытыллыбыт пресс-конференцияҕа Владимир Путин 67 суруналыыстар уонна дойду олохтоохторун боппуруостарыгар сиһилии хоруйдары биэрдэ.
Бастатан туран, суруналыыстартан уонна дойду олохтоохторуттан киирбит сүрүн блок боппуруостартан биирдэстэринэн “Украинаҕа бара турар суһал байыаннай дьайыы инникитин хайдах буолуой уонна СБО-ҕа эбии мобилизация ыытыллар былаана буур дуо?” — диэн боппуруос буолла. Дойду Президенэ Владимир Путин Украина судаарыстыбата демилитаризацияҕа баран денацификацияны баран атын норуоттарга, судаарыстыбаларга кутталы үөскэппэт буоллаҕына биирдэ эйэлээх дуогабарынан суһал байыаннай дьайыы тохтотуллуохтааҕын бэлиэтээтэ. Дойдуну көмүскүүргэ сөптөөх ахсааннаах байыаннай күүс баар буолуута ситиһиллибитинэн сибээстээн, Российскай Федерацияҕа байыаннай дьайыыга эбии мобилизация ыытыллара былааннамматын иһитиннэрдэ.
Суһал байыаннай дьайыыга бэйэлэрин баҕа өттүлэринэн дойдуларын көмүскүү баран добровольческай этэрээттэргэ сэриилэспит, үлэлээбит уоттаах сэрии кыттыылаахтарын бырааптарын Российскай Армия саллааттарын кытта тэҥнээһин боппуруоһа сытыытык турарын Хотугу Осетия суруналыыһа Людмила Колиева туруорда. Владимир Путин дойдуну көмүскээччилэри социальнай өттүнэн өйөөһүн боппуруостарыгар дойдуга сокуон ситэ ылылла илигинэн, байыаннай сулууспалаахтары, доброволецтары, волонтердары тэҥнээһин боппуруостара быһаарыллыбатах түгэннэрэ баарын бэлиэтээтэ. Онон сибээстээн, урут ылыллыбыт сокуоннарга уларытыы киллэрэргэ үлэлэһэрин билиһиннэрдэ.
РФ Президенин пресс-конференциятыгар РФ киирбит саҥа эрэгийиэннэр сайдыыларын боппуруоһугар ханнык былааннар баалларын билиһиннэрэргэ боппуруостар туруорулуннулар. Владимир Путин улахан бырагыраама оҥоһуллан сылын ахсын бу эрэгийиэннэр сайдыыларыгар федеральнай бюджеттан 1 трлн солкуобайдаах үбүлээһин былааннанарын билиһиннэрдэ. Ону таһынан, дойду хас биирдии эрэгийиэннэрэ саҥа эрэгийиэн куораттарын кытары бырааттыы сибээс олохтоон, дуогабар түһэрсэн социальнай эбийиэктэри чөлүгэр түһэриигэ 100,0 млрд солкуобайдаах үлэни оҥорбуттар уонна бу үлэ салҕанан барыахтаах. Бу үлэ түмүгэр саҥа эрэгийиэннэргэ оҥорон таһаарар производство чөлүгэр түһэриллиитэ саҕаланан, 2023 сылга бүддьүөккэ 170,0 млрд солкуобайдаах нолуок киирибитин билиһиннэрдэ,
Дойду Президенэ Владимир Путин РФ бара турар доруобуйа харыстабылын первичнэй звенотун бөҕөргөтүү реформата үгүс эрэгийиэннэргэ ситиһиилээхтик олоххо киирэрин бэлиэтээтэ. Тыа сиригэр доруобуйа харыстабылын алын сүһүөх эйгэтигэр ситэ быһаарыллыбатах боппуруостары туоратарга үлэ тэриллэн ыытылларын эттэ.
Пресс-конференция бириэмэтигэр дойду олохтоохторо дьиэ-кэргэн ипотекатын уһатыы уонна Уһук Илин сир куораттарын икки ардыларыгар толоруллар пассажирскай рейстэргэ, киин куораттарга көтөр рейстэргэ курдук чэпчэтиилээх тарифтары олохтооһун боппуруостарын туруордулар. РФ Президенэ Владимир Путин дьиэ-кэргэн ипотекатын салҕааһын бүддьүөт хайдах туруктааҕыттан тутулуктааҕын бэлиэтээтэ. Билиҥҥи кэмҥэ Бырабыыталыстыба бу туруоруллубут боппуруостары үөрэтэн баран быһаарыы ылыахтаах диэтэ.
Пресс-конференцияҕа суруналыыстар РФ Евросойууһу уонна АХШ кытта сыһыаннаһыы боппуруостарын туруордулар. Дойду Президенэ Европейскай сойууһу кытта сыһыаннаһыыга РФ бииргэ үлэлээһин сыһыанын алдьаппатаҕын, экономическай санкциялары олохтооһун ЕС өттүттэн оҥоһулларын бэлиэтээтэ. Ону тэҥэ, Америка холбоһуктаах штаттарын кытта бииргэ үлэлээһин наадалааҕын бэлиэтээтэ.
Пресс-конференцияҕа суруналыыстар РФ Кытай народнай республикатын кытта сыһыаннаһыы боппуруоһун туруордулар. Владимир Путин Кытай норуодунай республикатын кытта доҕордуу сыһыаннаһыы олохтоммутун бэлиэтээтэ. Кини КНР кытта 8 улахан хайысханан үлэ тэриллэн ыытылларын ыйда.
Пресс-конференцияҕа суруналыыстар Владимир Путинтан Палестина-Израиль утары турсууну хайдах сыаналыырын ыйыттылар. РФ Президенэ Владимир Путин Палестина-Израиль утары турсуута Палестина норуотун алдьархайга тиэрдэр кыахтааҕын эттэ, ХНТ (ООН) тэрилтэтэ сэриини тохтотон, Палестина норуотун судаарыстыбатын Илин Иерусалимҥа кииннээх тэриллиитин ситиһиэхтээҕин бэлиэтээтэ.
Аан дойдуну аймаабыт норуоттар миграциялара Российскай Федерацияны хаппытынан сибээстээн, суруналыыстар дойду миграннары олохсутууга бэлэмэ хайдаҕын туоһулаатылар. Владимир Путин дойдуга миграннарынан дьарыктанар анал судаарыстыбаннай уорган тэриллэрэ наадатын ыйда. Кини мигрант РФ сокуоннарын уонна абыычайдарын убаастыыр уонна тутуһар буоларыгар эппиэттинэс ирдэнэрин ыйда.
Дойду Президенэ Владимир Путин пресс-конференцияны түмүктүүр түһүмэҕэр РФ аһылык өттүнэн хааччыллыыта бөҕө туруктаах буолуутугар тыа хаһаайыстыбатын үлэһиттэрэ бэриниилээхтик үлэлээннэр аһылыгынан хааччыллыыны быһаарбыттарын бэлиэтээтэ. 2023 сыл түмүгүн бурдугу үүннэриигэ рекорднай үүнүүнү — 150,0 мөл туоннаны хомуйбуттарын ыйда.
РФ эрэллээхтик үүнүү-сайдыы суолугар киириитин ситиһиллиитэ биһиги «Улуу нуучча норуотугар, Россия норуоттарыгар эрэлбит буолар” — диэн Владимир Путин быһаарда.
Николай СТРУЧКОВ,