Киһи барахсан олоҕун бэйэтэ киэргэтэр, дууһата туохха сытарынан уһанан, оҥорон, айан таһаарар оҥоһуга табылыннаҕына үөрэрэ муҥура суох.

Эр дьон өбүгэ саҕаттан билиҥҥэ диэри уһанан дьон хараҕын үөрдэр араас киэргэллэри, дьиэ тээбиринин  оҥороллор. Ээйиктэн төрүттээх Петров Николай Николаевич Дьокуускай куоракка олорор, араас таһымнаах быыстапкаларга кыттан 2007 сыллаахха Саха өрөспүүбүлүкэтигэр Норуот уус-уран оҥоһуктарын Маастара буолбута.

Николай дьикти идэлээх тарбаҕар талааннаах киһи, тайах, сэлии муоһунан уһанан араас сувенирдары, киэргэллэри, кыыллары, быһах угун оҥорор.

Оскуола кэнниттэн  Дьокуускайдааҕы ойуулуур-дьүһүннүүр училищега  үөрэммитэ. Соторутааҕыта Дьокуускай куоракка хотугу норуоттар айар үлэлэрин сүрүннүүр “Симэх” галерея иһинэн тэриллибит уустар түһүлгэлэригэр маастар-кылаас ыыппыта. Николай үлэтин элбэх студент ыччат сэҥээрэ көрбүтэ, улуус аайыттан түмсүбүт маастардар муостан хайдах кэрэ оҥоһук тахсарын көрөн, уһанар тэриллэри тутан-хабан бэйэлэригэр умнуллубат түгэни оҥостубуттара. Ким эрэ баҕар бу идэни баһылыыр баҕата уһуктубута буолуо.

Петровтар тоҕус бииргэ төрөөбүттэр, бары төһүү ыаллар, үлэһиттэр. Сыдьааннарын Петровтары, Соломоновтары удьуордаан уустар, маһы, муоһу ыллатар ураты талааннаах дьоннор.  “Бу идэни дьулуурдаах, дьаныардаах, тулуйан олорон үлэлээн сайыннардахха эрэ  үчүгэй үлэ тахсар, талаан арыллар”- диир маастар Николай. Кырдьыга да оннук.

Буола турар анал байыаннай дьайыыга сылдьар уолаттарга  харысхал оҥоһуутугар анал акцияҕа кыттан туора турбата. Дойдутун оҕолоругар анаан муостан харысхаллары ис санаатыттан утары ууммута хайҕаллаах. Манан Николай үлэтэ бүппэт, өссө да матырыйаал эрэ булуннар хараҕы үөрдэр кэрэ оҥоһуктары уустаан-ураннаан айан таһаарар былааннаах.

Улуустан тахсыбыт уустарбытын өйөөн төрөөбүт түөлбэлэригэр айар үлэлэрин быыстапкатын тэрийэн ыытар буоллар, оҕолорго, ыччаттарга маастар-кылаас оҥордохторуна үөрүүнэн түмсүө этилэр. Тарбахха баттанар уус эр дьоннорго болҕомто ууран сүбэни холбоон норуокка таһаарар кэм уолдьаста.

Читайте дальше