Сунтаартан “Алгыс” түмсүү ыалдьыттаата

Табаһыт күнүн көрүөн, табаһыт үлэтин-хамнаһын туһунан билиэн баҕалаах атын улуустарга элбэх киһи баара буолуо диэтэхпинэ арааһа сыыспатым буолуо.

Оннук санааны ылынан, Сунтаартан 11 киһилээх делегация айан суолун тутан Өлөөн сиригэр бу дьыл кулун тутар 22 күнүгэр сарсыарда эрдэ тиийэн кэллилэр. Ыалдьыттарбыт бары да аҕам саастаах дьон. Аарыма кырдьаҕас дьону сиэр быһыытынан айах тутан түһэр сирдэригэр олохтоотубут. Дьоммут сылайбыттара олох да көстүбэт, табаһыттар сүбэ мунньахтарын кыттыылаахтарынан буоллулар.

“Алгыс” кыттыылааҕа Петров Владимир Гаврильевич делегация аатыттан табаһыттары эҕэрдэлээтэ уонна Сунтаар улууһун баһылыга Григорьев Анатолий Васильевич эҕэрдэ суругун үөрүүлээх быһыыга-майгыга туттарда. Делегация састааба маннык: Захарова Ольга Владимировна — “Саха” КИХ Сунтаардааҕы департаменын суруналыыһа, Трофимова Яна Викторовна — ансаамбыл салайааччыта, оҕо иитиитигэр өр сылларга үлэлээн үлэ бэтэрээнэ, Табалаах, Сунтаар Бочуоттаах гражданина, СӨ Бочуоттаах бэтэрээнэ,  Мохова Ирина Николаевна — староста, бухгалтер идэлээх, элбэх оҕолоох ийэ, үлэ бэтэрээнэ, “Сунтаар улууһун уопсастыбынньыга” үрүҥ көмүс бэлиэ хаһаайката, Васильева Галина Михайловна — уус-уран салайааччы, үрдүк үөрэхтээх култуура үлэһитэ, Сунтаар улууһун Бочуоттаах гражданина, үлэ бэтэрээнэ, Прокопьева Нина Титовна — «Сунтаар» совхозка ыанньыксыттаабыт, Райпотребсоюз тэрилтэҕэ товароведтаан Потребсоюз Бочуоттаах бэтэрээнэ, Данилова Агафья Дмитриевна — балыыһаҕа үлэлээн пенсияҕа тахсыбыт, үлэ бэтэрээнэ, Николаева Мария Романовна — Райпотребсоюз бэтэрээнэ, Семенова Нина Саввична — Тойбохойтон төрүттээх,  Сидорова Розалия Ефимовна-Ымыычаана — Дьокуускайдааҕы салайар каадыры бэлэмниир техникумҥа үөрэнэн зоотехник идэлээх, үҥкүү, оһуохай, хоһоон айааччылар түмсүүлэрин кыттыылааҕа, Петров Егор Ефимович – кик-боксинг спорт көрүҥэр тириэньэр, Саха сиригэр  кик-боксинг күрэхтэһиилэрин солбуллубат судьуйата, Арассыыйаҕа биллэр 4 боксер кыргыттары иитэн таһаарбыт бастыҥ тириэньэр буолар, Петров Владимир Гаврильевич — ветеринарнай быраас идэлээх, Сунтаар оройуонун, Өрөспүүбүлүкэ үгүс анал ааттар хаһаайыннара.

Ити кэнниттэн Сунтаардары “Алакуо” норуодунай этно-фольклор ансаамбыла эбиэккэ ыҥыран итии аһынан күндүлээтилэр. Күн иккис аҥаарыгар ыалдьыттар Өлөөннөөҕү музейга сырыттылар. Бу музей баай ис хоһоонноох экспонаттарын сөҕө-махтайа көрөн, искусствовед, историк Саввинов Прокопий Трофимович дириҥ ис хоһоонноохтук кэпсээнин олус диэн сэргээн, умсугуйан истибиттэрин, астыммыттарын эттилэр. Ол кэннэ Кирбэй нэһилиэгэр “Арчы” түмсүү эбээлэрин “Алакуолары” кытта атах тэпсэн олорон ирэ-хоро кэпсэтэн күн киирбитин да билбэккэ хааллыбыт. Владимир Гаврильевич хоһоон аахта, Розалия-Ымыычаана оһуохай эттэ. Тыа хаһаайыстыбатын техникумугар бииргэ үөрэммит доҕотторун Николай Кирилловы, Прокопий Павловиһы 45 сыл буолан баран көрсөн олуһун диэн үөрдэ,  убайдарбыт да дьоллоно, долгуйа үөрбүттэриттэн тус бэйэм тэҥҥэ үөрүстүм.

Кирбэй нэһилиэгин Аҕа баһылыга Владислав Васильевич Сунтаартан аат ааттаан кэлбит аҕам саастаах ыалдьыттарын истиҥник эҕэрдэлээтэ. —“Хоту дойду хоһууннара эһиги буолаҕыт. Биһиэхэ кэлэн үөрүүнү бэлэхтээтигит, сырыыны-айаны тулуйан хорсун санааҕытын көрдөрөн холобур буоллугут, сааһы аахсыбакка айа-тута сылдьаргытыгар махтанабын. Кыаххыт баарынан кэрэни тарҕата, сүбэ-ама буола сылдьыҥ, доруобай , дьоллоох буолуҥ”- диэтэ.

“Алгыстар” эдэр саастарыгар бары араас эйгэҕэ үлэлээн бочуоттаах сынньалаҥҥа олороллор диэххэ эмиэ хайдах эрэ табыллыбат курдук. Кинилэр бары саныырбыт курдук пенсияҕа таҕыстахпытына дьиэҕэ олоруохпут, сиэн биэбэйдиэхпит дэһэллэрэ эбитэ үһү. Хантан, дьоммут хата сири-сибиири кэрийэн араас таһымнаах фестивалларга, куонкурустарга кыттан кыайыы үөрүүтүн билэн аны олох даҕаны соҕуруунан- хотунан сылдьар идэлэммиттэр. Дьэ ол, санаа күүһэ ханна тиэрдибэтэҕэй, дьонуҥ олох даҕаны ааспыт сайын массыынанан Байкалынан, Монголиянан, Алтайынан сылдьан атын омук култууратын, олоҕун-дьаһаҕын билсэн, сахалыы фольклору, ырыаны-тойугу иһитиннэрэн кэлбиттэр. Дойду араас муннугун көрөн кыайан-ситиһиилэнэн ыалдьары да умнубуттар, сылайары да аахсыбат буолбуттар. Сүһүөхпүт уйарын, харахпыт көрөрүн тухары сылдьыахпыт дэһэллэр.

Табаһыт бырааһынньыга ыытыллыахтаах Харыйалаах биэрэгэр ураһалар тутуллан дьону ыҥыра-угуйа турбуттарын биир куһаҕан түгэнтэн сылтаан таба сүүрдүүтэ буолбат диэн буолла, ыалдьыттарбыт хайдах эрэ хомойо быһыытыйдылар.

Чэ, эһиил  кэлиэхпит буоллаҕа, айан суолун биллибит, бачча үчүгэй сири  көрөн баран олоруохпут дуо, өссө сайыҥҥытын көрүөхпүт – диэн санаалара күүстээҕинэн сөхтөрдүлэр. Ыалдьыттарбытынаан мууска турар ураһаларга киирэн өйдөбүнньүк буоллун диэн хаартыскаҕа түһүү, буранынан хатааһылааһын буолла. Манна биири бэлиэтиири наадалааҕынан ааҕабын: Сунтаар улууһун Аҕа баһылыга Григорьев Анатолий Васильевич “Алгыстарга”  массыына биэрэн, кэлэр-барар уматыктарын сыанатын уйунан, баран билсэн кэлэллэригэр анаан-минээн алҕаан ыыппытыттан саастаах ыалдьыттар үөрүүлэрэ муҥура суох. Улуустарын салайааччытыгар махталлара улахан, үлэни сөпкө аттаран, барытын тэҥҥэ тутан үлэлиир сатабыллаах салайааччы, үчүгэй киһи дииллэрин астына, киэн тутта иһиттибит.

Икки күннээх көрсүһүү сүрэхпитигэр сөҥөн хаалбыт ийэлэрбит, аҕаларбыт тапталларын санаттылар, төрөппүттэрбитинээн утары көрсөн олорон чэй иһэрбит ахтылҕанын илдьэ кэлбит курдуктар ыалдьыттарбыт. Өлөөннөр, Сунтаардар оһуохайдаан, дьуохардаан, ыллаан, хоһоон ааҕан өргө диэри олордубут. Өрөбүл күн сарсыарда эрдэ, ытык-мааны Сунтаар улууһун делегациятын айан суолун аартыгар этэҥҥэ буолаарыҥ, сиэр быһыытынан өссө да кэлээриҥ, диэн алҕаан атаардыбыт.

Надежда Колодезникова

 

Читайте дальше