Суол үлэтигэр идэтийэн үлэни толорууга киириэхтээхпит

Сотору кэмҥэ диэри оройуоҥҥа олохтоох суоллары оҥорууну Мииринэйдээҕи массыына суолун көрөр-истэр (МУАД) тэрилтэ көмөтүнэн оҥорор эбит буоллахпытына биэс-алта сылтан бэттэх оройуон дьаһалтата “Өлөөн-Ситим” диэн муниципальнай транспортнай тэрилтэни тэрийэн үлэлэтиэҕиттэн олохтоох муниципальнай суоллары оҥоруу уонна көрүүтэ-истиитэ саҥа тэриллибит “Өлөөн-ситим” МАТ бэриллэн олохтоох ыччат үлэ саҥа көрүҥүн баһылаан үлэлии-хамсыы сылдьара ситиһилиннэ. Күһүҥҥү үлэ-хамнас түмүктэнэр кэмин баттаһа “Сардаҥа” хаһыат эрэдээксийэ-тэ “Өлөөн-ситим” МАТ дириэктэригэр Николай Григорьевич Семеновка ыалдьыттаан сайыҥҥы үлэ түмүктэрин билиһиннэрэргэ көрдөспүккэ бэрт судургутук ылынан санаа атастаста.

Кини “Сардаҥа” хаһыат кэрэспэдьиэнигэр билиһиннэрбитинэн бу сылга “Өлөөн-ситим” МАТ кэлэктии-бэ олохтоох тутуу материалларын бэлэмнээһин таһынан Өлөөн национальнай нэһилиэгин дьаһалтатын (баһылык Романов В.Н.) сакааһынан Өлөөн сэлиэнньэтин—Авиационнай, Кравченко, Семенова, Портовская, Заложная, Винокурова уонна Октябрьскай уулуссаларын тупсаран оҥорууну хааччыйбыт. Билиҥҥи кэмҥэ улахан тымныылар түһүөхтэригэр диэри Саввинова уулуссаҕа тупсаран оҥоруу үлэлэрин толоруохтаахтар.

Бу күҥҥэ суол үлэлэрин толорууга идэтийэн үлэлээһиҥҥэ, ыарахаттартан толлубакка бу саҥа идэни баһылааһыҥҥа бэриниилээхтик үлэлии-хамсыы сылдьалларын грейдерист Ушманов Александр Эдуардович, погрузчик суоппардара Новгородов Андрей Николаевич, Гаврильев Борис Иннокентьевич, самосвал суоппардар — Лаптев Эдуард Николаевич, Ушманов Афанасий Эдуардович, Ушманов Михаил Эдуардович, бульдозеристар—Изиев Вячеслав Хорунович, Гладкин Алексей Алексеевич, экскаваторщик Волошинов Алексей Анатольевич, Автомеханик Винокуров Александр Николаевич билиһиннэрдэ.

Үүнэр 2024 сылтан суол үлэлэрин толорууга олохтоох дьаһалталар ыытыллар суол үлэлэригэр хас биирдии объекка анал бырайыактынай-сметнай докумуоннаах буолууларын хааччыйыытын ситиһиэхтээхтэр. Ордук чуолаан ууну сүүрдэр ханааллар, лотоктар бырайыактарын сакаасчыттар эрдэттэн бэлэмнээһиннэрин хааччыйар сорук турар.

Бу ааһан иһэр күһүҥҥү бириэмэтигэр уһун ардахтар түһэннэр Өлөөн сэлиэнньэтин уулуссалара уунан туолан тоҥнулар.

Билиҥҥи бириэмэҕэ нэһилиэнньэ уонна массыына сырыытын хааччы- йыыга биһиги кэлэктииппит үлэһиттэрэ Алексей Волошинов салалтатынан Винокурова уулусса больничнай комплекс быыһыгар уонна Заложнай уулусса устатынан нефтебазаҕа диэри учаастакка ууну сүүрдэр ха-наабалары оҥорон өрүскэ түһэрэргэ үлэни толордулар.

Үүнэр  сылларга суолу оҥоруу үлэлэрин таһыма үрдүүрүнэн уонна оҥоһуллар үлэ тутуу нормативтарыгар эппиэттиир буолара ирдэнэринэн сибээстээн идэтийэн үлэлиир суол тутуутун тэрилтэтин үлэлэтиэхтээхпит уонна суол тутуутун тэрилтэтигэр анал спецтиэхиньикэни атыылаһан олохтоммут нормативнай хааччыйарга оройуон дьаһалтата былааннаахтык үлэлэһэрэ ирдэнэр.

Николай Стручков

Читайте дальше