Кирбэй нэһилиэгин олохтооҕо Валентин  Андреев оҕо сааһыттан доруобуйатынан хааччахтаах. Ону ол диэбэккэ эдэр киһи сөбүлүүр дьарыктаах.

Валентин оҕо эрдэҕиттэн үҥкүүлүүрүн олус сөбүлүүр, күлүмүрдэс өҥнөөх таҥаһынан үҥкүү таҥаһын тиктэрэн кэттэҕинэ хараҕар дьол уота көстөр. Олус имигэстик хамсанан сценаҕа тахсан үҥкүүлээн көрөөччүлэри үөрдэриттэн олус астынар. Дьоҥҥо көмөлөһүөн баҕата күүстээх буолан кимҥэ баҕарар дьиэҕэ бородуукта, килиэп атыылаһан аҕалар. Кыһыҥҥы өттүгэр оҕолору ытынан салааскаҕа состорон хатааһылатар.

Валентин үҥкүүтүн таҥаһын элбэх оҕолоох ыал ийэтэ Диана Антипина тигэн биэрэр.

Олохтоох бибилитиэкэ үлэһитэ Василиса Белолюбская салалтатынан Валентин 5-ис өрөспүүбүлүкэтээҕи куонкуруска индиялыы үҥкүүнэн ситиһиилээхтик кыттан сертификат хаһаайына буолбута. 2021 сыл, Дьокуускай куоракка кыттан ситиһиилээх тахсыбыта Валентин олоҕор олус дьоллоох сыл буолбута.

Маны сэргэ, Валентин сылын аайы ыытыллар инбэлииттэр декадаларын иһинэн ыытыллар тэрээһиннэргэ барытыгар көхтөөхтүк кыттар. Аҥаардас сценаҕа үҥкүүлээн, бэйэтэ үҥкүү хамсаныытын айан үҥкүүлүүрэ кэрэҕэ тардыһыыта хайҕаллаах. Аны өссө ырыаһыттар ырыаларын үтүктэн тэҥҥэ хамсанан ыллаһар, киниэхэ бу сценаҕа тахсарыгар саҥа сүүрээн.

Бу кыһын муус туруоҕуттан, уол аны Өлөөн бөһүөлэгиттэн Харыйалаах олохтоохторугар килиэп ылан, ыттарын көлүнэн салааскаҕа состорон аҕалан, маҕаһыыҥҥа туттарарын дьон үөрэ-көтө атыылаһаллар. Ыттарын көлүйэн состоро үөрэппитэ хата кимнээҕэр истигэннэр, наадалаах сирдэригэр чуо тиийэн тохтууллар. Маны эмиэ  дьаныардаах, дьоҕурдаах киһи сатыыр үлэтэ.

Валентин куһаҕан дьаллыгы батыспакка, дьоҥҥо олохторугар көмөлөһөн күнэ ааһар. Кытаат, уолбут олоҕу кытта тэҥҥэ хардыылаан ис, үрдүгэр халлааныҥ куруук күннээх буоллун, ыра санаа кэрэҕэ тиэртин, диэн айыылартан ааттастахпыт буоллун!

Надежда Колодезника

Читайте дальше