2023 сыл Саха өрөспүүбүлүкэтигэр Үлэ, Өлөөн оройуонугар эбэҥки тылыгар аналлаах сылларынан биллэриллибитэ түмүктэнэн эрэр. Онно сиэттэрэн, биһиги оройуоммут Дьэлиҥдэ нэһилиэгэр үлэлээн-хамнаан ааспыт табаһыт Николаевтар династияларын салҕыы сылдьар табаһыт уол туһунан кэпсиэм. Мин бүгүҥҥү дьоруойум таба үрдүгэр улааппыт киһи.
Эдэр табаһыт Семенов Григорий Анатольевич кыратыттан төрөппүттэрин — Наталья Васильевна, Анатолий Семенович Семеновтары кытта Дьэлиҥдэ кэтит-дэхси китиэмэлэригэр сүүрэкэлээн, киэҥ систэринэн көһөн, ыраас уулаах үрэхтэригэр чомполоно оонньоон улааппыта. Эдьиийэ Машенькалыын кып–кыра эрдэхтэриттэн таба тобугун сыатынан эмсэхтэнэн, дьоллоох оҕо саастара таба үөрүн иһигэр, тугуттардыын сырсыалаһан улааппыттара. Эһэлээх эбээлэрэ Мария Афанасьевна, Василий Иннокентьевич Николаевтар үйэлэрин тухары табаттан илиилэрин араарбатах ыаллар. Оройуоҥҥа биллэр-көстөр, үлэлэригэр бэриниилээх ытык-мааны удьуор табаһыт ыаллар этэ.
Гриша кыракаан сааһыттан эһэтин, аҕатын туйаҕын хатаран, кинилэр суолларын батыһан күн бүгүнүгэр диэри табаттан арахпакка сайыннары-кыһыннары табаһыттыы сылдьар. Кини салайар бэһис нүөмэрдээх ыстаадата Уудьа, Таба бастаах үрэхтэринэн көһөллөр. Сайын кумаар, күлүмэн хойдор кэмигэр үөрдэрин халтаамаҕа хаайан туруораллаллар. Таба туйаҕын харыстаан араан уларыттаары көһөллөр. Кыһыҥҥы өттүгэр бөһүөлэктэн тэйиччи кыстыыллар.
Билигин Григорий салайар ыстаадатыгар эдэр ыаллар Надежда, Петр Андреевтар, быраата Василий Афанасьевич Николаев үлэлииллэр. Ону таһынан, эдьиийин Мария уола Павлов Толя бостууктаһар, дьиэ кэргэнинэн үлэлииллэр. Григорий таба сыралаах үлэтигэр оҕо эрдэҕиттэн уһаарыллан, эдэрдэри үөрэтэр наставник буола үүннэ. Табаһыттаабыта сүүрбэттэн тахса сыл буолбут, онно оскуола саастаах сылларын эбэн кэбистэххэ бэйэтин сааһа тахсан кэлэр. Гриша тыа киһитин сиэринэн тугу барытын уһанар, сыарҕа, быа-туһах оҥостор. Сөбүлүүр дьарыга са-йыннары, кыһыннары балыктыыр, кыыллыыр. Ардыгар хапкаан ииттэн күндү түүлээх хаптаран ийэтин үөрдэр.
Бөһүөлэккэ киирдэҕинэ успуорт саалатыгар баран футболга оонньуур. Оройуоннааҕы табаһыттар сүлүөттэригэр аллаах көлөлөрүн массыынаҕа тиэйэн аҕалан, сүүрдэн, бириистээх миэстэлэргэ тиксэр, хаста да кыайыылааҕынан таҕыста. Ол курдук, 2017 сыллаахха биир көскө сүүрдэн сүрүн бирииһи ылан олус үөрбүтэ. Дьэлиҥдэҕэ эмиэ табаһыт күнүгэр сүүрдүүгэ бастакынан кэлэн, ”АЛРОСА” хампаанньата туруорбут харчынан анал бирииһин хаһаайына буолбута.
Григорий бөһүөлэккэ сайылыыра да ахсааннаах, наар табаларыгар курдаттыы тартаран ыстаадатыгар бара турар. Өбүгэтиттэн иҥмит таба кута тыатыгар, үөскээбит эйгэтигэр илдьэ турар. Оннук күүстээх табаларыгар таптала, сөбүлүүр идэтигэр бэриниилээҕэ.
— “Кыстык дьиэлэнэммит олус абыранныбыт, дириэктэрбит Иванов Егор Васильевич болох дьиэни туттаран, быйыл үһүс сылбытын кыстаан олоробут” — диэн махтанан кэп-сиир дьиэ үлэһитэ Наталья Васильевна. Наталья уруккуттан дьонун, кэргэнин кытта биир ыстаадаҕа үлэлээн кэллэ, оҕотун өйөөн, төһө да доруобуйатынан хааччахтаннар тэбис-тэҥҥэ үлэлэһэ, итэҕэһи-быһаҕаһы быһаарса сылдьарыттан киһи үөрэр. Ийэ санаатын күүһэ, оҕолоругар кыһамньыта, таба үөскүүрүн туһугар туох баар сатабылын ууран дурда-хахха буолларбын диэн ыарыыны киэр кыйдаан көсүһэ сылдьара тугунан да сыаналаммат үтүө дьыала. Маннык күүстээхтэр хоту дойду хоһуун дьахталлара, тымныыттан чаҕыйбат, итииттэн иҥнибэт, күүстээх санаалаахтар.
Григорий сүрдээх сымнаҕас, аһаҕас дууһалаах, оҕону кытта оҕо, кырдьаҕаһы кытта кырдьаҕас, элэккэй киһи, кинини кытта көрүстэххэ өрүү истиҥник кэпсэтэр, күлбүтүнэн үөрэ-көтө сылдьар. Киниттэн туох да кыһалҕаны, үлэ ыараханын туһунан истиэҥ суоҕа, олоҕу сыаналыыр, сырдык ыралаах. Кинини ыйыттахха наар: “ыстаадаҕа сылдьар” — диэн буолар. Үлэ сылыгар анаабыт курдук Григорий Анатольевич салайар ыстаадатын табаларын туруктара үчүгэй, хаар халыҥ буолан кыстыыр сирдэригэр оннуларын булан тураллар.
Маннык табаһыттардаах буоламмыт баччаҕа диэри табалаах оройуон диэн ааттанан кэллэхпит. Григорий курдук ыччаттарга холобур буолар дьон сыралаах үлэлэрэ бириэмэтигэр сыаналаныа диэн эрэнэбин, уустук усулуобуйаҕа сылдьан табаны оҕо курдук биэбэйдээн түүннэри-күнүстэри бостууктуур, биир да күн өрөөбөккө харайалларыгар ураты болҕомто наада. Маннык үлэни айылҕаттан бэриллибит талааннаах, чахчы да чулуу дьоннор эрэ баһылыыллар. Табаһыт үлэтэ билиҥҥи кэмҥэ өссө ыараата, тулабытар бырамыысыланнас сайдан иһэрин билэбит.
Кэлэн иһэр саҥа дьылынан эҕэрдэлээн тураммын оройуон табаһыттарыгар үлэлэригэр үрдүк ситиһиилэри баҕарабын, доруобай буолуҥ, үлэҕит үтүө түмүктээх буоллун!
Надежда Колодезникова