Норуот синоптига Тускул сэтинньи бүтэһик нэдиэлэтигэр Сахабыт сиригэр хайдах күн-дьыл буоларын туһунан бу курдук этэр:
— Бу күннэргэ Арассыыйа Гидромет киинин научнай дириэктэрэ Роман Вильфанд эппит сылыйыыта дойдуну барыны хабан эрэр. Ол курдук, сылыйыы бу күннэргэ Сибииринэн Уһук Илиҥҥэ чугаһаата. Сэтинньи 26 күнүттэн Саха сирин үрдүнэн барытынан сылыйыаҕа. Дьиктитэ баар, хаар суоҕун курдук суох. Бүлүү эҥэр хаардыы аҕай турарын үөрэ истибиппит: «Ити хаар сотору биһиэхэ кэлиэҕэ» диэн. Суох, доҕоттор, хаар атын сиринэн ааһан хаалла. Онон Атлантическай сылаас салгын сис былыта суох аҥардас бэйэтинэн эрэ иһэр. Сэтинньи 26 күнүттэн илин эҥэр улуустарыгар -24-22 кыраадыстан сыыйа -16, -17 кыраадыс эрэ тымныйыаҕа. Ол аата — сэтинньи 28-29 күннэригэр. Киин улуустарга ити кэмҥэ күнүһүн -17-20 кыраадыс эрэ тымныйар. Бүлүү эҥэр олох да ичигэс күннэр. Сунтаар, Мииринэй оройуоннарыгар -11-21 кыраадыс тымныы буолар. Ити нэдиэлэ устата. Өлүөхүмэҕэ -16 кыраадыс тымныы. Тымныы полюһунан аатырар Өймөкөөҥҥө Атлантикаттан кэлэр сылыйыы кытта биллиэҕэ — манна күнүс — 25 кыраадыска тиийиэҕэ. Дьааҥыга улахан тымныы эмиэ суох: -25-27 кыраадыс тымныйар. Муҥутуур сылыйыы сэтинньи 26-30 күннэригэр биллиэҕэ. Бу маннык күн-дьыл ахсынньы 4 күнүгэр диэри бэлиэтэниэҕэ.
Саха сирин күнэ-дьыла Өлөөн улууһуттан тутулуктааҕын — «богуоданы оҥорор» диэн өрүү бэлиэтиибин. Бу улууска сэтинньи 28-30 күннэригэр -12 кыраадыс эрэ тымныы бэлиэтэнэрэ тугу этэрий? Ол аата тымныы намыраан, сылыйара ити үөһээ эппиппин бигэргэтэн биэрэр.
Өссө төгүл этэбин — сылаас салгын, хаһан буоларын курдук, сис былыты солоон аҕалааччы этэ. Ол быйыл суох. Бүлүү эҥэр улуустары хаарынан хатаҕалаан баран, тохтуур чинчилэннэ. Хаара суох көннөрү салгын сылыйыаҕа. Бу өтөрүнэн буолбатах интэриэһинэй көстүү. Онон сэтинньи быйыл -40 кыраадыстааҕар буолуох, -30 кыраадыс тымныыга да тиэрдибэккэ түмүктэниэҕэ.