Урууларбытыгар Дьэһиэй сахаларыгар ыалдьыттаатыбыт

«Сардаҥа» хаһыат редакцията Дьэһиэй сэлиэнньэтин 395 сыллаах кэрэ-бэлиэ кэрдиис кэмин бэлиэтээһин үөрүүлээх тэрээһинигэр кыттыыны ылан, кый ыраах сиргэ түөлбэнэн олорон саха аатын ааттатар уруу-аймах дьоммут үөрүүлэрин үллэстибит «Өлөөн» муниципальнай таба иитэр хаһаайыстыба дириэктэрэ Анатолий Прокопьевич Егоровы көрсөн, үбүлүөйдээх тэрээһин бэлиэ түгэннэрин туһунан санаа атастаһарга көрдөспүккэ бэрт судургутук ылынан үөрүүтүн үллэһиннэ.

– Анатолий Прокопьевич! Үбүлүөйдээх тэрээһиннэр хайдах былааннанан уонна ыытыллар сиэрэ-туома хайдах быһыылаах ыытыллар эбитий?

– Дьэһиэй сэлиэнньэтин бырааһынньыга саҕаланар чааһа саха норуотун Ыһыах ыһар бырааһынньыгар майгынныыр, улахан түһүлгэҕэ аҕа уустар ураһаларын таһыгар сэлэлээн хааман киирэн турууттан саҕалаан, үрдүк айыыларга сүгүрүйүү сиэрэ-туома тэриллэн ыытыллар эбит. Бу бырааһынньыкка олохтоох Алгысчыт Аан тылын кэнниттэн Саха сирин алгысчыта сиэри-туому толорон биэрдэ. Ол кэннэ Дьэһиэй сэлиэнньэтин дьаһалтатын баһылыга Ботулу Галике Прокопьевна эҕэрдэ этиитинэн үөрүүлээх тэрээһин саҕаланна.

Дьэһиэй сэлиэнньэтин олохтоохторун үөрүүлэрин үллэстэ кэлбит Красноярскай кыраай, Саха Өрөспүүбүлүкэтин бэрэстэбиитэллэрин эҕэрдэ этиилэрин уонна наҕараадалааһын кэнниттэн улахан бырааһынньыктааҕы концертнай бырагыраама уонна спорт араас көрүҥнэригэр күрэхтэһиилэр тэриллэн ыытылыннылар.

 

 

 

 

Саамай интириэһинэйэ диэн, түөрт үйэ аннараа өттүгэр Саха сирин киин улуустарыттан көһөн кэлэн олохсуйбут биир дойдулаахтарыгар Нам оройуонун Маймаҕа нэһилиэгин аҕа баһылыга уонна Уус-Алдан оройуонун Өспөх нэһилиэгин билиҥҥи баһылыктара бу үөрүүлээх тэрээһиҥҥэ кыттыыны ылан, биир дойдулаахтарын эҕэрдэлээтилэр.

Өлөөн эбэҥки национальнай оройуон аатыттан бу үөрүүлээх тэрээһиҥҥэ мииигин кытта култуура управлениетын эппиэттээх үлэһитэ Игнатьев Кирилл Кириллович кыттыыны ыланнар эҕэрдэ этиини оҥордубут, олохтоохтор үөрүүлэрин үллэһиннибит.

– Күн бүгүн Дьэһиэй сахаларын сүрүн дьарыктара туох эбитий? Идэтийэн бултааһын уонна балыктааһын тэриллиитэ хайдаҕый?

– Таймыр дьиикэй кыыл табатын популяцията Дьэһиэй сиринэн-уотунан хамсааһына өр сылларга барыытын түмүгэр, олохтоох хаһаайыстыбалар дьиэлэрин табата дьиикэй кыыл табаҕа барыытын суотугар, күн бүгүн дьиэ табатын эстиитэ тахсыбыт. Ол түмүгэр күн бүгүн Дьэһиэй сахаларын сүрүн дьарыктарынан дьиикэй кыыл таба бултааһына, түүлээх булда уонна балыктааһын буолбут. Нэһилиэккэ 2 аҕа ууһун общиналара уонна 25 чааһынай хаһаайыстыбалар үлэлииллэр эбит.

– Олохтоох нэһилиэнньэ ортотугар национальнай таҥас тигиитэ, национальнай сувенирдар, тимир, муос, мас оҥоһуктары оҥорон сайыннарыы туруга хайдах туруктаах эбитий?

– Дьэһиэй сэлиэнньэтин бырааһынньыгар аҕа уустарынан туруоруллубут национальнай ураһалар киэргэллэринэн көрдөххө, олохтоох нэһилиэнньэ национальнай прикладной искусство араас көрүҥнэрин харыстаан хаалларбыта көстөр.

Хас биирдии ураһа олоҕо национальнай оҥоһуктарынан киэргэтиллибитэ уонна ураһа аайы национальнай оҥоһуктар быыстапкалар туруоруллубута Дьэһиэй сахаларыгар национальнай искусство араас көрүҥнэрэ сайдан кэлбитин көрдөрөр.

— Үбүлүөйдээх тэрээһиннэр бириэмэлэригэр сахалыы суругу-бичиги үөрэтии боппуруоһа кэпсэтиигэ турда дуо?

– Сахалыы суругу-бичиги сайыннарыы боппуруоһа Дьэһиэй сахаларыгар саамай сытыытык турар боппуруос эбит.

Олохтоох нэһилиэнньэ оҕолорун уһуйааҥа, оскуолаҕа сахалыы үөрэттэриэн баҕарар эбит да, саха тылын учууталлара суох буолан үөрэхтээһин ситэ тэриллибэт эбит. Ону тэҥэ, оскуола бырагырааматыгар саха тылын үөрэтиигэ нэдиэлэҕэ 1 чаас эрэ көрүллэр эбит.

Дьэһиэй олохтоохторо Саха Өрөспүүбүлүкэтин кытта бигэ сибээһи олохтооһуҥҥа баҕалара улахан эбит.

Холобурун ыллахха, уруккуттан билиҥҥэ дылы Өлөөн-Дьэһиэй-Өлөөн маршрутунан ыйга биирдэ пассажирскай самолет көтүүтүн туруорсаллар эбит, ону тэҥэ суол-иис логистиката сайдан иһэринэн сибээстээн, Өлөөн-Дьэһиэй кыһыҥҥы массыына суолун аһыы боппуруоһун үөрэтиигэ туруорсаллар эбит.

Дьэһиэй сахаларын үбүлүөйдээх тэрээһиннэригэр Айылҕа кытта көмөлөһөн, самаан сайын самыылаан үөрүү-көтүү үрдээтэ уонна сабыллар чааһыгар икки үөр хаас сэлиэнньэни хаста да эргийэ көтөн, үҥкүүлээн дьолу-соргуну бэлэхтээтилэр.

 

Николай СТРУЧКОВ

Читайте дальше