Үлэ сыла түмүктэнэрэ олох аҕыйах хонук хаалла. Онно сөп түбэһиннэрэн, хаһыат уопсастыбаннай кэрэспэдьиэнэ Надежда Колодезникова үлэ дьонугар анаан суруйбут ыстатыйааларын сэргии аахпытым.

Ол ааҕыы кэннэ, харахпар оҕо сааһым арыалдьыттара буолан, киинэ курдук көстөн аастылар – Бүөтүрчэлэр, Ньукусталар, Ньукуттар, Ньукуллар, Успурдар, Балтааннар, Маарыйдар, Өксүүннэр, Оньуһуйдар, Лоорустар, Боруучайдар уо.д.а… Билигин сааһыран олорон, оччотооҕу үлэ дьоно барахсаттары барыларын да сылаастык ахтан-санаан ааһыахха баар этэ да, хаһыат страницата кылгас.

Ол оҕо саастан биири өйдөөн кэллим. Аймах эдьиийим Огдус (ийэм өлбүтүн кэннэ) илиитинэн сиитэс былааччыйа тигэн биэрбитэ, ону кэтэн баран киэн нэлэмэн туундара устун лыахтары сырса сылдьарбын көрөн, эбээбит Успур (Сэмэн Испирдиэнэбис а5ата): “Лооруо, Лооруо, чопчу күөрэй”, — дэтитэрэ күлэ-күлэ.

Лыаҕы эбэҥкилии “Лэредо” диирбит, бу билигин тылдьыкка көрдөххө, онон эһээбит хата биир эбэҥки тылын иҥэрэн барбыт эбит.

Надежда Павловна биир ыстатыйата “Биригэдьиир табаһыттардыын истиҥ кэпсэтии” (05.08.23с). диэн ааттаах тахсыбыта. Манна эмиэ оҕо эрдэхтэриттэн дьоннорун кытта таба ортотугар улааппыт, сылдьыспыт, табаһыт идэтин толору баһылаабыт, оччотооҕу дьон биэрбит, уһуйбут сатабылларын бэйэлэригэр иҥэриммит, эдэр, сэнэх саастарын барытын табаҕа анаабыт, ыстаадаҕа элбэх сыллар усталарыгар биригэдьиирдээбит, өбүгэ үгэһинэн көс олоҕунан олорон, элбэх хаары-самыыры кытта алтыһан, ыарахан тыа усулуобуйатыгар үлэлээбит-хамсаабыт — үлэ киһини киэргэтэр — диэнинэн сиэттэрэн чиэстэниллибит, бочуоттаммыт уолаттар (билигин аҕамсыйа барбыт дьон). Харыйалаахтарын бөһүөлэгэр убаастанар бэтэрээн табаһыттар мустан, ураһа дьиэҕэ кэлэн, көрсөн, уруккуну-хойуккуну сэһэргэспиттэрин аахпытым. Онно Боруонньа Павлович аатырбыт табаһыт убайдарын Константиновтары сэргэ эһэтин Егор Ивановиһы (мин аҕабын): “… бүгүҥҥү ахтыы кэмигэр эһэбит аатын ааттаабат аньыы буолуо, табаны суохтуурунан, сири билэринэн ураты киһи этэ” – диэн сылаастык ахтан ааспытын ааҕан долгуйбутум, аҕам барахсаны санаан ылбытым. Надя эмиэ эһэтигэр анаабыт сылаас тыллара бу бааллар: “Эһэм Дьөгүөр хайдахтаах да тумаҥҥа муммат, ханнык да ууга хаайтарбат, сытыы, кыанар, дьикти муударай, киэҥ көҕүстээх, холку, сымнаҕас майгылаах этэ. Киирэн кэллэҕинэ бары үөрэбит, үрдүк кэтэҕин имэрийэн ааһар буоларым, атаахтыырым, мииннэрдэрин мииннэрим.”

Уопсайынан, аҕам үлэтин–хамнаһын, көс олоҕун кэрчик түгэннэрин туһунан бу сылга 85 сааһын үбүлүөйдээбит СӨ үтүөлээх ветеринарнай бырааһаа Василий Афанасьевич «Сардаҥа» хаһыакка да, таһаартарбыт кинигэлэригэр да киллэрбитин көрбүтүм, аахпытым. Боростуой табаһыт оҕонньор аатын сурукка киллэрэн үйэтиппитигэр Василий Афанасьевичка хаһыат нөҥүө өссө төгүл махтал буолуохтун! Чэрдийбит илиилээх, эмиэ дьиҥ чахчы үлэ киһитин туоһута буолан, аҕам Егор Иванович Николаев, табатын үөрүн күөйэ сылдьар хаартыската оройуон музейыгар экспонат буолан син балачча кэмҥэ ыйанан турбута.

Куола Михайловичка убайа, Боруонньалаах Надяҕа эьэлэрэ кинилэргэ оҕо, эдэр саастарын санатар үтүө өйдөбүл, сымнаҕас, холку майгыта сүрэхтэригэр-быардарыгар хаһан да сүппэттии иҥэн сылдьарыгар мин махтаныахпын эрэ сөп. Сүүһүнэн ахсааннаах үөртэн табаны эндэппэккэ билэр, үөртэн хаалбыт, сүппүт табаны хайаан да булан кэлэр, көһү көнө ороҕунан салайан көһөрөр (сири чахчы билэр киһи көһү көнөтүк батыһыннарар дииллэр), кураан, кытаанах арааны чопчу булар, ураһата, балаакката куруук сылаас, ичигэс удьуор табаһыт эһэҕит оҕонньор Куонаапка эбэтин харбатан, үөрүн тус хоту Дьанытар туһулаан, чарылыы устар сүүрүктээх, ып-ыраас уулаах тугуттуур үрэҕин диэки салайан, лабыкта аттыгар мииннэрин тохтотон холунун көннөрөр уонна дьэ табатын үөрүгэр сиэллэрэн эрдэҕэ…

Түмүкпэр, ураһаҕа кэлэн сэһэргэһэн барбыт үлэ дьонугар ааһан эрэр Үлэ сыла ситиһиилээхтик, таһаарыылаахтык үлэлээн хамсаан сылдьыбыт сылларгытын саната турдун, кэлэр сыл Дьиэ-кэргэн сылынан биллэриллибитинэн (барыгытын ааккытын ааттаан туран) Боруонньа Павлович Ираҕынаан, Куола Михайлович Надяҕынаан, Куола Спиридонович Клараҕынаан, Василий Иванович Валяҕынаан, Василий Евдокимович Ольгаҕынаан доруобуйаҕыт төһө кыайарынан өссө да өр сылларга бэйэ бэйэҕитин өйөһөн-убаһан этэҥҥэ олороргутугар, сэргэхтик сылдьаргытыгар, онтон кэрэспэдьиэн Надяҕа үлэ дьонун дьоҥҥо-сэргэҕэ сырдата, кэпсии-ипсии сылдьарыгар бары үтүөнү баҕара хаалабын.

Татьяна Егоровна Николаева, Дьэлиҥдэ олохтооҕо

 

 

Читайте дальше