Хотугу Арктика инники сайдыытыгар туһуламмыт “О северном завозе” Федеральнай сокуон олоххо киирбитин туһунан үөрэ долгуйа истибиппит.  Елена Христофоровна Голомарева өр сыллаах туруорсуутунан Арктика олохтоохторун олохторун хаачыстыбата тупсарыгар туһуламмыт  Хотугу тиэйии сокуон  үлэлээн бардаҕына хотугу эргимтэҕэ олохтоохторугар туһата улахан уонна сыана араастаһыытыгар кэккэ уларыйыылар буолуохтарын эрэнэ күүтэбит.

Елена Голомарева бу депутатынан талыллан үлэлиир сылларыгар биир сүбэни булан үлэлэспит Арассыыйа Федерациятын советын сенатордара А.К. Акимов, Е.А.Борисов, ГД депутата Г.И.Данчикова, Ил Түмэн Саха сирин мунньаҕын араас сылларга бэрэссэдээтэллээбит В.Н.Басыгысов, А.Н.Жирков, А.И.Еремеев, Саха сирин Ил Дархана А.С.Николаев салайааччылаах Ил Түмэн депутаттара биир санааҕа кэлбиттэрин суотугар норуот депутата Елена Голомарева туруорсуутун сөпкө сыаналаан маннык историяҕа киирэр сокуон таҕыста. Ил Түмэҥҥэ сокуон тула элбэх сүбэлэһии, ол иһигэр дьон олорор сирдэригэр тиэллэн тиийиитин боппуруостара, Арктика улуустарын кыһыҥҥы суолларынан сырыыны олохтооһун бу барыта элбэх ырытыыны, үөрэтиини ааспыта чахчы. Уһук хотугу олохтоохторго сүрүн акөрүҥнэрэ сөптөөх сыанаҕа тиэллэн дьоҥҥо атыылааһын, ону тэҥэ государство өттүттэн стандартка эппиэттиир хаачыстыбалаах бородууксуйаны хонтуруоллааһын баар буолуута мэктиэлэнэр. Бу сокуон уратыта итиннэ сытар.
Аныгы кэми батыһан Елена Христофоровна Голомареваны кытта быһа сибээскэ холбонон кэккэ боппуруостарга хоруй ыллым.
Хайа баҕарар улуустарга оннооҕор Дьокуускайга медик, учуутал курдук саамай наадалаах каадырдар тиийбэттэр. Урукку курдук үрдүк үөрэҕи бүтэрбит идэлээх каадырдары оройуоннарынан анаан (Распределение по районам) үлэҕэ аттарар киһи хайдах буолуо дии саныыгытый?
— Билигин итинник бэрээдэккэ киирэн эрэбит, төһө даҕаны судаарыстыба өттүттэн “Земский доктор”, “ Учитель Арктики” диэн өйөбүл, көмө баарын үрдүнэн оҕолор хоту барбаттар, үөс сири талаллар, сайдыылаах улуустарга, куораттарга талаһаллар. “ Земский доктор” саха сиригэр барытыгар таргыыр, ол иһин хотуну талбаттар. Целевой миэстэнэн үөрэммит оҕолор төннөн баран дойдуларыгар дуогабарынан үс сыл үлэлиэхтээхтэр диэн федеральнай сокуоҥҥа сурулуннаҕына биирдэ үлэлиэҕэ, ити тула кэпсэтии бара турар.

— Санитарнай- эпидемологическай станция штатын улууска төттөрү ылары ситиһиэххэ сөп дии саныыбын, инники бу боппуруос хайдах көрүллүөҕэй?
— Ити боппуруоска хас биирдии оройуон олохтооҕуттан салайааччытыгар тиийэ күүскэ туруорсуохтаахтар, тоҕо диэтэххэ маны сарбыйыы куһаҕана көстөн кэллэ, санэпидстанция урут ас хаачыстыбатын, ыраастык туттунан олорууну барытын хонтуруоллуур этэ. Хонтуруол суоҕуттан дьон да доруобуйата айгыраата. Онон бу олох улахан боппуруос, биһиги ветеринарнай сулууспалар юридическэй сирэйдэрин төннөрүҥ диибит, тоҕо диэтэххэ эмиэ атын оройуонтан салайтара олороллор, ол иһин ис дьиҥэр киирдэххэ, бэйэлэри тустаах үлэлэригэр сүрдээх улахан харгыстары көрсөллөр. Билигин маннык сулууспалар оройуон аайы баар буолалларын ситиһэ сатыахтаахпыт, Правительствоҕа итини тиэрдиэххэ наада. Хас мунньах аайы этэбин, туруорсабын.

— Хотугу улуустарга гаазтааһын туһунан боппуруоһу көтөҕөллөр, ити барыта сыана үрдүүрүттэн сиэттэрэн туруорсар буолан эрэллэр?
— Биһиги Арктика оройуоннара наһаа киэҥ нэлэмэн сиринэн тайаан олоробут, аҕыйах киһилээх бөһүөлэктэр, онон гааһы тардыыны элбэх нэһилиэнньэлээх, чугас гаазтаах сирдэргэ тардаллар, ититии систиэмэтигэр киириигэ саҥа хардыылар Уус Яна диэки атомнай станция тутуллан эрэр, ити кэллэҕинэ уот , ититии сыаната намтыахтаах , дьиҥинэн. Ону ол альтернативнай диэн буолбакка бакаа мини станциялары түөрт туочукалары урут сүүрбэччэ сыллааҕыта былаанныыр этилэр, ол олоххо киириитэ диэн отто ити эппитим курдук, саҥа биир туочука Уус Янаҕа баар буолан эрэр. Уонна ол альтернативнай диэн биһиги кыраайбыт, дойдубут сүрдээх буо сир анныгар сытар баайа, бэйэбит кыамтабытынан, бэйэбит оройуоннарбыт таһымынан хайдах дьаһанан, хайдах сайыннарынан олорорбутун инники сылларга көрүөхтээхпит, үөрэтиэхтээхпит.

— Кытаанах бөгү тиэйэн илдьии үбэ-харчыта, логистиката муниципалитет бюджетыгар, олох-дьаһах коммунальнай хаһаайыстыбаларыгар эбии үп-харчы тыырыллыытыгар көмөлөөх буолуох курдук.
— Нэһилиэк аайы бөҕү тутар пууннар баар буолуохтаахтар, услуга курдук буолуохтаах, хамнастаах дьон үлэлиэхтээхтэр. Быраҕыллар буоллаҕына көрүллүбүт анал миэстэтигэр тиэрдэн уматан дьаһайар курдук. “Чистая Арктика” кытаанах, ыарахан тимири акция быһыытынан хомуур буолла.

— Чааһынай дьиэ туттубут кырдьаҕастарбытыгар хапытаалынай өрөмүөн оҥостоллоругар үп-харчы, тутуу матырыйаалынан да хааччыналларыгар ханнык эмит көмө баар буолуо дуо?
— Чааһынай дьиэлэргэ кыаллыбат, чааһынай эбээ, эһээ бэйэтэ оҕолорун, аймахтарын кытта сүбэлэһэн үүт-хайаҕас булан оҥостоллор. Дьэ итиннэ нэһилиэк дьаһалталара хас биирдии киһини кытта күүскэ үлэлэһиэхтэрин наада. Онтон уопсай дьиэҕэ олорор кырдьаҕастарга, атын да араҥаҕа муниципалитет бэйэтэ эппиэтинэс ылынар, ол иһин өрөмүөнү кини ыытар.

— Ититии систиэмэтин сайыҥҥы кэмҥэ арааран кэбиһэр коммунальнай тэрилтэ, кэлэр кыстыкка бэлэмнэнии, трассалары саҥардыы, уларытыы үлэлэрин ыытыынан сибээстээн. Маннык дьаһаныы, тымныы дьиэ кыра оҕо, кырдьаҕастар, ыарыһах дьон доруобуйаларыгар охсор, бу туһунан эһиги санааҕыт хайдаҕый?
— Хотугу улуустарга дьиҥинэн атын норматив баар буолуохтаах,ону атырдьах ортотуттан итиини биэрэллэрэсөп этэ. Дьыл хайдаҕын көрөн олорон быһаарыахтарын сөп дии саныыбын. Аныгы ыаллар бары оһоҕо суохтар, киин ититиигэ холбононнор.

— “Северный завоз” туһунан сокуоҥҥа төннөр буоллахха?
— 2004 сыллаахха оройуон 70 үбүлүөйдээх сылыгар Дьокуускайга биһиги ыраах олорор кыра дохуоттаах үлэһит нэһилиэнньэҕ бородуукта сыаната наһаа ыарахан боппуруоһу Правительство бэрэссээдэтэлигэр Егор Афанасьевич Борисовка, Ил Түмэҥҥэ туруорбуппут, 13 социальнай суолталаах бородуукталары киллэрбиппит уонна транспорынан тиэйии ороскуотун правительство бэйэтигэр ылыммыта. Ол кэнниттэн саха сирин үрдүтүнэн барытыгар тарҕаммыта. Онтон сокуон ылыллыбыта, Завоз продуктов питания в Арктические районы диэн сүрдээх улахан сокуон, республика таһымыгар. Ити суотугар Сахаопторг, Якутопторг тэриллэн үлэлии олороллор. Билигин онтубут «Северный завоз” единый аэратор баар буолар федеральнай , ханнык региоҥҥа төһө бородууктаны тиэйиини, хаачыстыба өттүн эҥин хонтуруол буолуоҕа, урукку курдук.

— Елена Христофоровна, хоруйдарыҥ иһин махтал.

Онон “Северный завоз” курдук улахан сокуон ылыллыытыгар күүстээхтик туруорсубут, эппитин дьыалатыгар тиэрдибит Елена Христофоровна Голомарева буолар, онон бу сокуон Өлөөнтөн саҕаламмыта диир толору кыахтаахпыт.

 

Надежда Колодезникова

 

Бэчээттэммит матырыйаал Саха Республикатын сэттис ыҥырыылаах норуот депутаттарын быыбарыгар «Биир ньыгыл Россия» быыбардыыр холбоһук (партия) быыбар фондатын үбүттэн төлөннө.

Читайте дальше