Убаастабыллаах Лена Степановна, күнү көрбүт күндү күҥҥүтүнэн, сиргэ түспүт кэрэ кэмҥитинэн ис сүрэхтэн тахсар истиҥ эҕэрдэбитин этэбит!
Лена Степановнаны кытта оскуолаҕа биир кэмҥэ үөрэнэн оскуолаҕа, оройуоҥҥа ыытыллар туох баар уопсастыбаннай тэрээһиннэргэ кыттан, эн-мин дэһэн, сүбэни холбоон баччаҕа кэллибит. Үрдүк үөрэҕи бүтэрэн талан ылбыт идэҕинэн төрөөбүт дойдугуттан саҕалаан, Саха Өрөспүүбүлүкэтин үрдүкү былааһыгар тиийэ үлэлээн-хамнаан улахан уопуттаах салайааччы буола үүммүккүнэн киэн туттабыт! Дойду таһымыгар араас бырайыактарга, күрэхтэргэ кытталларыгар дойдуҥ дьонун сүбэлээҥҥин, сирдээҥҥин элбэх ыччат, элбэх оҕолоох ыаллар ситиһиилээхтик кытталларыттан үөрэбит. Биир дойдулаахтарыҥ Өлөөн эбэҥки национальнай улууһун Баһылыгынан быыбардаан күн бүгүнүгэр диэри тапталлаах Өлөөҥҥүн салайа сылдьаргын үрдүктүк сыаналыыбыт! Ханык баҕарар үлэни, улуус социальнай-экономическай сайдыыта тупсуутугар элбэх боппуруостары сөптөөхтүк туруоран, орун–оннугар буоларын ситиһэҕин, кэскиллээх былааннары ылынаҕыт.
Күндү Лена Степановна! Өрүүтүн бүгүҥҥүҥ курдук үөрүүҥ үрдүү, санаабытыҥ сатана, туппутуҥ тупса турдун! Инникитин даҕаны үлүскэн үлэҥ үтүө түмүгэ сүргэҕин көтөхтүн, саргыгын салайдын!
Дьиэ кэргэҥҥэр ил-эйэ эҥэрдэстин, дьол-соргу тосхойдун, киил мас курдук кытаанах санааны, чугас дьонуҥ үтүө сыһыаннарыгар бигэнэн, сырдык-сылаас санааларыгар уйдара сырыт!
Сааскылыы сайаҕас эҕэрдэбитин тиэрдэбит, Кирбэй нэһилиэгин “Алакуо” норуодунай этно-фольклорнай ансаамбыл кыттыылаахтара.