Саха сиригэр ийэ, дьахтар туһугар сүҥкэн болҕомто ууруллар диэтэххэ сыыһа буолуо суоҕа дии саныыбын. Тоҕо диэтэххэ биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр атын регионтан сылдьар ыалдьыттар “биһиэхэ дьахталлар сийиэстэрэ, Ийэ күнэ, оннооҕор кыргыттарга, дьахталларга аналлаах сурунааллардаахпыт” диэтэххэ соһуйа истээччилэр уонна “эһиги бырабыыталыстыбаҕыт, ол аата кэрэ аҥаардарга болҕомтотун уурар эбит” диэн ордук санааччылар. Ол курдук, кыргыттарга анаан “Куо”, кэлин “Кыыс куо” сурунаал тахса сылдьыбыта.
Саха сирин дьахталларыгар аналлаах культурологическай, уопсастыбаннай-бэлитиичэскэй “Далбар хотун” сурунаал 1994 сыл кулун тутар ыйыттан тахсар. Тэрийээччинэн Саха Республикатын Бырабыыталыстыыбата, таһаарааччы “Сахабэчээт” тэрилтэтэ. Онтон ыла отут сыл устата Саха сиригэр олорор тыаҕа олорор үлэһит дьахталларын, араас идэлээх айар-тутар, атыыһыт, эмчит онтон да атын дьүөгэлэр үлэлэрин-хамнастарын сырдатан кэллэ.
Сурунаал иһигэр киһи ааҕан билэрэ, олоххо туһанара үгүс, асчыттарга – “Сандалы”, иистэнэр ийэлэргэ “Хоппуйа-иис”, онтон да атын ааҕааччыны астыннарар рубрикалардаах, ону тэҥэ хаартысканан дьүһүйүүгэ күрэхтэри биллэрэр. “Саха национальнай көрдөрөр иһитиннэрэр хампаанньаны” кытта тыа сирин чэчирии сайдарын түстэһэ сылдьар дьахталлар ортолоругар “Далбар хотун” күрэҕи 14-с төгүлүн ыыппыта. Бу күрэххэ биһиги ийэлэрбит ситиһиилээхтик кыттыбыттара.
2006 сыллаахха Аита Шапошникова кылаабынай редакторынан үлэлиир кэмигэр анаан-минээн командировкаҕа кэлэн Өлөөн хоһуун, үлэһит дьахталларын туһунан “Далбар хотун” сурунаалыгар “Якутяночка” диэн сыһыарыыны бэлэмнээн таһаарбытын дьиэбит иһигэр биир тыынынан аахпыппыт.
Отут сыл диэтэххэ күн-дьыл хотоҕостуу субуллан түргэнник ааста. Урут да уустук 90-с сыллары ааспыппыт, билигин өссө дьалхааннаах кэмҥэ кэлбит курдукпут. Ол эрээри, ханнык да күҥҥэ-дьылга дьахтар тулуурдаах, киэҥ көҕүстээх буолан, үтүө санааны ылынан олох араас эндирин туораан, дьиэ кэргэнигэр сүбэһит, үлэтинэн-хамнаһынан, тулалыыр эйгэтигэр сыһыанынан ханнык да ыараханы чэпчэкитик ылынарга сирдиир, уоскутар аналын ыһыктыбат. Ол ааспыт 90-с сылларга, төһө да харчы суоҕун иннигэр ыал ийэлэрэ олорон хаалбакка олох салҕанарын туһугар ким тугу сатыырынан дьиэ кэргэни, оҕону-урууну атахтарыгар туруорар туһугар күүскэ хамсаммыттара. Барыга бары дьоҕурдаах эбэлэр, ийэлэр инники күөҥҥэ тахсан олох сиэрин-майгытын сиэрдээхтик тутан хаалбыттара. Ити кэмҥэ “Далбар хотун” сурунаал дьахталларга өйөбүл, тирэх буолан күн сирин көрбүтэ. Онтон ыла сурунаалбытын истиҥ дьүөгэ, бастыҥ сүбэһит оҥостон кэллибит. Олох сайдарын кытта сурунаал ис-тас көстүүтэ, оҥоһуута, кээмэйэ уларыйар, тупсар. Сурунаал тутулунан буолар — бар дьоҥҥо кырдьыгы, истиҥ сүбэлэри биэрии, олоҕу киэргэтэр үтүө-мааны дьоруойдарынан дьолу, тапталы туойуу.
Тапталлаах “Далбар хотун” сурунаалбыт 30 сыллаах үбүлүөйүнэн сурунаал ааҕааччыларын ис сүрэхпиттэн эҕэрдэлиибин, сөбүлүүр сурунаалбытын кытта мэлдьи бииргэ буолуоҕуҥ!
Надежда КОЛОДЕЗНИКОВА