Өлөөн национальнай нэһилиэк баһылыга дуоһунаһыгар киирэр үөрүүлээх тэрээһинэ

Бу дьыл балаҕан ыйын 27 күнүгэр Өлөөн национальнай нэһилиэгин олохтоохторо Өлөөн сэлиэнньэтинээҕи А.С.Иванов аатынан этнокултуурунай Кииҥҥэ үөрүүлээхтик нэһилиэк баһылыгын үһүс төгүлүн нэһилиэк үгүс олохтоохторун итэҕэлин ылан, талыллыбыт Василий Николаевич Романов дуоһунаһыгар киирэр сиэрин-туомун тэрийэн ыыттылар.

Бырааһынньыктыы киэргэтиллибит этнокултуурунай Киин үрдүкү сыанатыгар Өлөөн национальнай нэһилиэгин дьаһалтатын баһылыга Василий Николаевич Романов оройуон, нэһилиэк бочуоттаах олохтоохторунан арыаллатан киириитин мустубут нэһилиэнньэ убаастабыл бэлиэтин биэрэн сүһүөхтэригэр туран көрсөллөр.

Российскай Федерация, Саха Өрөспүүбүлүкэтин уонна Өлөөн национальнай оройуонун гимнэринэн доҕуһуолланан, Өлөөн национальнай нэһилиэгин дьаһалтатын баһылыгын Василий Николаевич Романов дуоһунаһыгар киирэр сиэрэ-туома ыытылынна.

Өлөөн эбэҥки национальнай оройуонун территориальнай быыбардыыр хамыыһыйатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Гаврил Витальевич Дмитриев бастакынан эҕэрдэ тылы этэн туран, үөрүүлээх быһыыга-майгыга Василий Николаевич Романов нэһилиэнньэ үрдүк итэҕэлин ылан, Өлөөн национальнай нэһилиэгин муниципальнай бэйэни салайыныы дьаһалтатын баһылыгынан талыллыбытын туһунан анал докумуону туттарда. Этнокултуурунай Кииҥҥэ мустубут нэһилиэнньэ уруй-айхал тыллары этэн, сүһүөхтэригэр туран, дохсун ытыс тыаһынан баһылыктарын эҕэрдэлээтилэр. Өлөөн национальнай нэһилиэгин бэйэни салайыныы дьаһалтатын баһылыга Василий Николаевич Романов бар дьонун иннигэр тахсан нэһилиэнньэ үрдүк итэҕэлин толорон, “Баһылык эбээһинэһин чиэстээхтик толоруом, гражданин уонна киһи быраабын, үлэтин үрдүктүк тутуом, көмүскүөм”, диэн кэс тылын биэрдэ.

Өлөөн национальнай нэһилиэгин бэйэни салайыныы дьаһалтатын баһылыга Василий Николаевич Романов дуоһунаһыгар киирэр үөрүүлээх тэрээһинигэр эҕэрдэ этиини оҥордулар: Иван Александрович Саввинов – муниципальнай оройуон дьаһалтатын баһылыгын бастакы солбуйааччы, Николай Николаевич Саввинов – муниципальнай сулууспа бэтэрээнэ, оройуон бочуоттаах олохтооҕо, Надежда Прокопьевна Николаева – оскуолаҕа бииргэ үөрэммиттэр аатарыттан Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ уонна Василий Николаевич дуоһунаһыгар киирбитинэн Өлөөн эбэҥки национальнай оройуон дьаһалтатын баһылыгын Лена Степановна Иванова эҕэрдэтэ иһилиннэ.

Николай Стручков.

Читайте дальше