Өлөөҥҥө «Якутопторг» үлэтин тупсарар

Хотугу оройуон олохтоохторун олохторун таһымын үрдэтиигэ уонна хааччыйыыны тупсарыыга биһиги өрөспүүбүлүкэҕэ үлэ былааннаахтык тэриллэн олоххо киириитин Арктика эҥэригэр сытар Өлөөн национальнай оройуон олохтоохторо аһынан-үөлүнэн хааччыйар «Якутопторг» эргиэн тэрилтэтин (генеральнай дириэктэр Алексеев Н.Н.) үлэтин холобуругар билэн эрэбит.

Нэһилиэнньэни сүрүн аһылык саппааһынан хааччы-йар «Якутопторг» Өлөөннөөҕү маҕаһыыныгар кэлин сылларга нэһилиэнньэ наадыйар сүрүн аһылыга хонтуруолланар, намыһах сыананан куруутун атыыланара хааччылынна. Ону таһынан, бу ааһан эрэр 2023 сыл сайыҥҥы, күһүҥҥү бириэмэтигэр 5 грузовой самолет рейсэ сибиэһэй оҕуруот аһа, үүт бородуукта атыыланан нэһилиэнньэни хааччыйыы ааспыт сыллардааҕар лаппа тупсарылынна.

Ааспыт нэдиэлэҕэ кэлбит грузовой самолет бородууктатын уопсайа 5,1 туонна аһылыгы Өлөөннөөҕү бааза кэлэктиибэ (сэбиэдиссэй Сизых Н.С.) өрөбүл күннэри аахсыбакка бириэмэтигэр атыылаан нэһилиэнньэ махталын ылыах- тарын ыллылар.

Николай Стручков